Дмитрий Садовников: Нам улууһугар халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэр суолларын оҥоруохтара
19.05.2024, 20:52
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:
Суһал ыстаап киэһээҥҥи брифинигэр бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бу туһунан иһитиннэрдэ.
«Үлэҕэ өрөспүүбүлүкэ аварийнай-быыһыыр сулууспалара, Дьокуускай куораттан коммунальнай, тутуу уонна тырааныспар тэрилтэлэрэ кытталлар. Барыта 384 киһи, 92 тиэхиньикэ«, — диэн этэр кини.
Санатан эттэххэ, Өлүөнэ мууһа Нам, Уус Алдан уонна Кэбээйи улуустарын сирдэринэн-уоттарынан устар.
Дмитрий Садовников эппитинэн, ыам ыйын 20 күнүгэр сарсыарда Кангаласс тумулуттан Сангаар бөһүөлэгэр диэри муус барыытын кэтээн көрүү үлэтэ, мониторинг ыытыллыа.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3399589 манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: