Дмитрий Садовников Намҥа чөлүгэр түһэрэр үлэлэри салайыаҕа
Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников сарсыарда ыам ыйын 20 күнүгэр Саха сиригэр халаан уутун содулларын туоратар уонна ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр хамыыһыйа уочараттаах мунньаҕын ыытта.
Нам улууһугар халаан уута таһыммын сыыйа түһүүтэ бэлиэтэнэр. Улууска суолу чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытыллаллар. Ону сэргэ мобильнай мэдиссиинэ пууннара аһылыннылар, эмчиттэр эбии биригээдэлэрэ ыытылыннылар.
Улуус баһылыга Юрий Слепцов иһитиннэрбитинэн, суолу-ииһи чөлүгэр түһэриигэ киин куораттан 60-тан тахса тиэхиньикэ, ону тэҥэ олохтоох бэдэрээччиттэр 20-тэн тахса тиэхиньикэлэрэ үлэлииллэр.
«Нам» айан суолунан кыра массыынанан эрэ айанныырга хааччахтар олохтоннулар. Ыарахан уйуктаах тырааныспар сырыытыгар анаан аспаал туругун бэрэбиэркэлииллэр.
Дмитрий Садовников Нам улууһугар суһаллык чөлүгэр түһэрэр үлэлэр хаамыыларын тахсан көрүөҕэ уонна салайыаҕа. Билигин улууска миэстэтигэр Гражданскай оборуона дьыалатыгар уонна СӨ нэһилиэнньэтигэр олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистирэ Дмитрий Лепчиков үлэлиир.
Өлүөхүмэ улууһугар 1-кы Нөөрүктээйи уонна Кыыллаах нэһилиэнньэлээх пууннарга уу таһыма түһэрэ бэлиэтэнэр. Бүтэһик түһүмэҕэр хоромньуну сыаналыыр үлэлэр ыытыллаллар. 1-кы Нөөрүктээйи таһыгар «Умнас» суол учаастагын 2-с км чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллыаҕа. Кыыллаах сэлиэнньэтигэр электроэнергиянан хааччыйар дизель-генератор установкалары аҕалыахтара.
Кэбээйи, Бүлүү, Орто Халыма улуустарыгар уу таһыма үрдээһининэн, гражданнары уонна сүөһүнү үрдүк сиргэ көһөрүүгэ үлэ барар. Орто Халыма улууһугар өрүскэ харыы тахсыбыт көстүүлэр бэлиэтэнэр. Манна дэлби тэптэрии үлэлэри ыытыы дьаһаллара үөрэтиллэр.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: