РФ Бэрэсидьиэнин национальнай бырайыактары тэрийиигэ көҕүлээһинэ Арассыыйа эрэгийиэннэрин сайыннарда. Ол туһунан санаатын өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников үллэһиннэ.
Бүгүн быһа лииньийэ кэмигэр Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарарыгар үксэ нацбырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубутун бэлиэтээбитин аҕынна бастакы вице-премьер.
“Бүгүн дойдубут бары муннуктарыгар дьон кэтэһиилээх быһа лииньийэттэн хараҕын араарбат. Кэнники биэс сыл, туох да мөккүөрэ суох, судаарыстыба баһылыга көҕүлээбит национальнай бырайыактарын кытта ыкса ситимнээх. Мин санаабар, бары федеральнай бырагыраамалары биир тиһиккэ киллэрии бары эрэгийиэннэр сайдыыларыгар төһүү буолла”, — диэтэ Дмитрий Садовников.
Кини этэринэн, Саха сирэ социальнай эбийиэктэри, олорор дьиэни, хомунаалынай комплекс тутууларыгар, суоллары саҥардыыга сүҥкэн өйөбүлү ылла.
“Нацбырайыактар көмөлөрүнэн үгүс ситиһилиннэ. Биһиги олорор дьиэни уонна суоллары оҥорууга сүрдээх өйөбүлү ыллыбыт. Ол курдук, Саха сиригэр кэнники биэс сылга 2,5 тыһынча килэмиэтир суол тутулунна. Өрөспүүбүлүкэ аныгы устуоруйатыгар маннык өссө буола илигэ. Хаарбах уонна саахалланар дьиэттэн дьону көһөрүүгэ улахан үлэ ыытыллар. Бу сылларга 28 тыһыынча киһи олорор усулуобуйатын тупсарда”, — диэн эбэн эттэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр 2019 сылтан Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо киллэрэллэр.
Чуолаан, “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” набырайыагынан 2,5 тыһ. км суол тутулунна, 49 муостанан туорааһын саҥардылынна. Чугастааҕы 5 сылга эмиэ бачча кээмэйдээх үлэ оҥоһуллуоҕа, ол иһигэр Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу.
“Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” нацбырайыагынан көһөрүү бырагырааматын кыттыылаахтарыгар 134 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллар. Национальнай бырайыак үлэлээбит кэмигэр 28 тыһыынча киһи олорор усулуобуйатын тупсарда.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…