Дмитрий Соловьев: «Дьоруойдарбыт олохторун, байыаннай сулууспаларын, хорсун быһыыларын кэпсиир быыстапка үлэлиир»

Share

Дьокуускай куоракка «Арассыыйа — мин устуоруйам» түмэл комплексын дириэктэрэ, СӨ Географическай уопсастыбатын ситэриилээх дириэктэрэ, СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Дмитрий Иванович Соловьев үлэтин ити хайысхаларынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр үлэҕэ кыттыытын туһунан «Саха сирэ» хаһыат саайтын ааҕааччыларыгар кэпсээтэ.

— Өрөспүүбүлүкэбит тэрилтэлэрэ байыаннай сулууспалаахтарбытыгар көмөлөһө олороллорун курдук, биһиги түмэлбит кэлэктиибэ бу хайысхаҕа араас өрүттээх үлэни ыытар. Үлэһиттэр хамнастарыттан биир күннээх көмө харчы Донбасска көмөлөһүү пуондатыгар киирэр. Бу пуондаҕа түмүллэр үптэн көмө кэккэ хайысханан оҥоһуллар, ол иһигэр биир дойдулаах буойуттарбытыгар тиксэриллэр. СӨ Уопсастбыннай палаататын чилиэнин быһыытынан буойуттарбытыгар өйөбүл, көмө оҥоһуллуутугар эмиэ кыттабыт.

Култуура министиэристибэтэ биһиги тэрилтэбитигэр байыаннай дьайыы туһунан кэпсиир түмэллэри тэрийиини сүктэрбитэ. Ол быһыытынан дьоҕус да буоллар, туспа хоско «Якутия – Новороссия» быыстапканы бэс ыйын 30 күнүгэр арыйбыппыт. Тус көрүүбэр, бу быыстапка биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн баран байыаннай дьайыыга сулууспа кэмигэр дьоруойдуу быһыыны көрдөрбүт дьоммутугар ананар уһулуччулаах эспозиция. Дьон-сэргэ маны хайаан да көрүөн-билиэн наада. Быыстапка биһиги, хомойуох иһин, суох буолбут 57 Дьоруойбут олоҕун, байыаннай сулууспатын, хорсун быһыытын кэрэһилиир. Түмэл буойуттар дьиэ кэргэттэрин кытта кинилэр тустарынан экспонаттары хомуйууга бииргэ үлэлиир.
Байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалыыр буойуттарга быйыл олунньуттан саҕалаан хаххалыыр маскировочнай сиэккэлэри баайыыга үлэлиир «Боевые шелкопряды Якутии» салайааччыта Васильева Марина Иннокентьевна көҕүлээһинин өйөөммүт, бэс ыйыгар сиэккэлэри бэлэмнииргэ ылсан, бэйэбит волонтер үлэтин саҕалаабыппыт. Бу үлэни түмэл методиһа Саргылаана Жайлаубаева салайар, тэрийэр. Кэлэктииппит, түмэлбит үлэһиттэрин бу үлэтигэр ХИФУ ИЕН уонна историческай бакылтыатын устудьуоннара, биирдиилээн дьон көмөлөспүттэрэ. Онон үлэ кэннинээҕи бириэмэҕэ барыта 25 маскировочнай сиэккэни оҥордулар. Оннооҕор улуустан кэлэ сылдьар биир дьиэ кэргэн бары кэлэн олорон күнү быһа сиэккэни оҥорууга көмөлөһөн барбыта. Биһиги бу үлэбитин салгыыр, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыытар санаалаах үлэлии сылдьабыт.

СӨ Географическай уопсастыбатын ситэриилээх дириэктэринэн үлэлиир хайысхабынан кэпсээтэххэ, уопсастыбабыт байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Саха сирин байыаннай сулууспалаахтарыгар көмөлөһөр. Маны сэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин Дьокуускай аттынааҕы Өлүөнэ эбэбит арыыларыгар босхо сынньатар бырайыакка көмөлөһөн, уматыгынан, аһы харайар морозильнигынан, атын да малынан өйөөбүппүт. Бырайыагы катамаран хапытаана Нюргун Павлов kochevnik_ykt үлэлэтэр. Улуу эбэ күөнүгэр арыыларга сынньаныан баҕалаахтар киин куорат 203 түөлбэтиттэн электроподстанция аттыттан бараллар этэ. Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин сүүһүнэн чилиэннэрэ сынньанан санааларын-оноолорун сайҕаан, дууһаларын чэпчэтэн, олус абыранан, махтанан кэлэллэр.
Географическай уопсастыба чилиэнэ, Ленскэйдээҕи храм настоятелэ, аҕабыыт Анатолий соторутааҕыта гуманитарнай көмөнү тиксэрэн байыаннай дьайыы сириттэн кэллэ. Кини хара бастакыттан биир дойдулаах байыастарбытыгар көмөнү хомуйууга, тиксэриигэ үлэлиир, барытын бэйэтэ иилиир-саҕалыыр, таһар, илдьэр. Онон өйөбүл, көмө үлэтиттэн таҥара үлэһиттэрэ туора турбаттар.
Биһиги бука бары бу курдук көмөлөһүүбүт, өйөбүлбүт биир дойдулаах буойуттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр олус наадалаах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

12 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

36 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

2 часа ago