Дмитрий Степанов: «Өбүгэлэрим араҥаччылыылларын эппинэн-хааммынан билэр курдукпун»

Share

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ  Абый улууһуттан төрүттээх Дмитрий Степанов олунньу ыйтан кыттар. Бу туһунан «Хотугу кыым» хаһыат  ulus.media  саайтка суруйар.  Дмитрий 1998 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалаан баран, устунан  байыаннай сулууспаҕа  хаалан, билигин кини Волгоградскай уобалас Камыши куоратыгар олорор.

Дмитрий Вера, Сергей Степановтарга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ураһалаах орто оскуолатын бүтэрэн, аармыйаҕа сулууспалаан баран, 1999 уонна 2003 сс. Грознай куораты көмүскээн, Чечня сэриитигэр сылдьыбыта. 2014 с. Украина бастакы сэриитигэр кыттыыны ылбыта. Быйыл анал байыаннай эпэрээссийэҕэ Украинаҕа олунньуга киирэн баран, бу атырдьах ыйын 27 күнүгэр кэллэ.

Дмитрий Сергеевич старшай сержант званиялаах, Г.К. Жуков мэтээлин наҕараадаламмыта, билигин 56 десантнай-штурмовой биригээдэҕэ разведка салаатыгар инструктордыыр. 2015 с. Москва куоракка үбүлүөйдээх Улуу Кыайыы параадыгар кыттыбыта.

Дмитрий дойдутугар кэлэ сылдьан оскуола оҕолорун кытта көрсөн, байыаннай олоҕун кэпсээтэ, боппуруостарга эппиэттээтэ.

— Байыаннай буоларга барыта бэйэтэ табыллан, суолум аһыллан испитэ. 1998 с. армияҕа ыам ыйыгар ыҥырыллан барбытым. Бэс ыйыгар присяганы ылынан, от ыйыгар отделение командира буолбутум. Кылгас кэм иһигэр бэйэҕин хайдах көрдөрөҕүн да, салгыы олоҕуҥ оннук барар. Оскуоланы бүтэрэр сылбар физкультурнай училищеҕа үөрэнэ киирбитим. Камаз массыынаҕа киирэн биэрэн, атахпын тоһутан, үөрэммэтэҕим. Арай бу быһылаан буолбатаҕа буоллар, мин олоҕум атын буолуо этэ. Билигин санаатахпына, мин суолбун арыйбыт түбэлтэ эбит дии саныыбын. Уопсайынан биһигини олохпут бэйэтэ барытын оҥорор.

Бу буола турар балаһыанньа Чечня сэриититтэн олох атын. Урут эн автоматтаах сүүрэр эбит буоллаххына, билигин саа наадата суоҕун кэриэтэ. Билиҥҥи технологичнай диэххэ наада. Утарсааччыларгын көрбөккүн. Төбөҥ үрдүнэн саҥа аппараттар көтөллөр. Барытын көрө сылдьаллар. Ол иһин туох эмэ көтөр буоллаҕына «Жди подарок», мина кэлэн 200 м. тиийэ тарҕана эстэр. Табаарыһым түүн бронежилеттаах, каскалаах бэйэтин наадатыгар тахсан баран, 100 м. тэйиэс мина эстэн, көхсүнэн киирэн сүрэҕинэн тахсыбыта. 1 саастаах оҕото, эдэркээн кэргэнэ аҕалара суох хааллылар.

Салгыытын манна ааҕыҥ: https://xn--c1aogfugbl4da.xn--p1ai/article/79599

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago