ДНӨ уонна Саха сирин эдэр патриоттара кыттыгас “Эр санааланыы уруогун” ыыттылар

ДНӨ уонна Саха сирин эдэр патриоттара кыттыгас “Эр санааланыы уруогун” ыыттылар

10.12.2024, 12:15
Хаартыска: Саргын Скрябин, СИА.
Бөлөххө киир:

Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр Дьокуускайга “Эр санааланыы уруога” буолла. Тэрээһиҥҥэ видео сибээһинэн Саха сирин, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ эдэр армеецтара уонна Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола иитиллээччилэрэ кытыннылар.

Эдэр патриоттары ДНӨ баһылыгын сүбэһитэ Игорь Кимаковскай эҕэрдэлээтэ, ДНӨ уонна Саха сирин икки ардыларыгар күүстээх бырааттыы сыһыан баарын бэлиэтээтэ.

Саха сирин үгүс байыаһыгар ДНӨ кыргыһыытыгар РФ Дьоруойа эрэ буолбакка, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Дьоруойа аат иҥэриллибитэ. Бүгүн сахалар Донбаһы көмүскүүллэрин таһынан, Кировскай уонна Докучаевскай куораттары чөлүгэр түһэрэллэр”, – диэн Игорь Кимаковскай эттэ.

Икки эрэгийиэн эдэр оҕолоругар саҥа доҕоттордоноллоругар, кыттыгас патриотическай аахсыйалары олоххо киллэрэллэригэр баҕа санаатын тириэртэ.

Донецкай, Дьокуускай куораттарын, Булуҥ, Ленскэй, Аллараа Халыма, Бүлүү, Сунтаар улуустарын эдэр армеецтара, кадеттара быһа сибээс кэмигэр доҕордоһуу, хардарыта көмөлөсүһүү туһунан санааларын эттилэр, Донбас олохтоохторугар уонна анал байыаннай дьайыы байыастарыгар гуманитарнай көмөнөн кыттыы туһунан кэпсээтилэр.

Тэрээһиҥҥэ Донецкай куорат “Доблесть” эдэр армеецтарын этэрээтин салайааччыта Людмила Бурова кытынна, Байыастар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччылара Альбина Винокурова, Саргылаана Неустроева тэрийэн, салайан ыыттылар.

 Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: