Днепры туораабыт Дьоруойдар
Сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов сулууспалаабыт 467-с стрелковай полката кыргыһыыга киирбитэ 80 сыла.
1941 сыл от ыйын 21-22 күннэригэр улахан кыргыһыылар буолбуттарыгар 467-с стрелковай полк байыастарын улахан аҥаарын сүтэрэн, төгүрүктээһинтэн аҕыйах киһилээх тахсыбыта. Балаҕан ыйын 19 күнүгэр, 1941 сыллаахха 102-с стрелковай дивизия сорох ордон хаалбыт байыастарын атын чаастарга биэрбиттэрэ.
467-с стрелковай полк 81-с стрелковай дивизия саҥа састаабыгар алтынньы 13 күнүгэр 1942 сыллаахха киирэн саҥаттан тэриллибитэ. 81-с стрелковай дивизия 48-с аармыйа састаабыгар киллэрбиттэрэ.
467-с стрелковай полк от ыйын 5 күнүгэр 1943 сыллаахха Курскай Тоҕойго тааҥкабай кыргыһыы саҕаланарыгар Малоархангельскай арҕаа өттүгэр Ольховатскай туһаайыытынан бастакы линияҕа баара. От ыйын 6 күнүгэр улахан сүтүктээх-өлүүлээх кыргыһыылар буолбуттара. От ыйын 7 күнүгэр 81-с стрелковай дивизия оборуонатын ньиэмэстэр тоҕо көппүттэрэ. Дивизия улахан сүтүктэнэн, оборуона иккис линиятыгар тахсан биэрбитэ уонна өстөөҕү тохтоппута. Ити күн киэһээ 81-с стрелковай дивизияны иккис эшелоҥҥа таһаарбыттара.
Дивизия ол кэнниттэн Орловскай стратегическай кимэн киириигэ кыттыбыта. Курскай Тоҕойго кимэн киириигэ өстөөх 17 танковай, 3 моторизованнай уонна 18 пехотнай дивизиялары киллэрбитэ. Ол гынан, от ыйын 5 күнүттэн атырдьах ыйын 23 күнүгэр диэри Кыһыл Аармыйа суоһар охсуутуттан улаханнык урусхалламмыта, сүтүктэммитэ: 70 000 тахса эписиэр уонна саллаат өлбүт, 2900 тааҥка умайбыт уонна алдьаммыт, 195 самоходнай оруудьуйа, 844 бууска, 1392 сөмөлүөт уонна 5000-тан тахса массыына суох оҥоһуллубут.
467-с стрелковай полк штатнай састаабын саҥа саллааттарынан толоруммута. 1943 сыллаахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр Урал хайатын аттыттан саҥа саллааттары аҕалбыттар. Олор ортолоругар иккис Баатараттан “Октябрь” холкуос хонуутун биригэдьиирэ Федор Кузьмич Попов баара. Бэс ыйын 27 күнүгэр, 1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр иккис Баатараттан ыҥырыллыбыта. Уралга байыаннай үөрэҕи барбыта.
Штурмовой бөлөххө үөрэммит буолуон сөп
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, III истиэпэннээх «Албан аат» уордьан кавалера, “Хорсунун иһин” бойобуой мэтээлинэн наҕараадаламмыт Петр Павлович Попов ахтыытыттан:
– Мин, Сүөдэри олох кыра эрдэҕиттэн билэрим, быраатым курдук саныырым. Кини ийэтэ Боккуойа Березкина Мэлдьэхси Куохаратыттан төрүттээх этэ. Онон биир дойдулаахтар этибит. Сүөдэр тас көрүҥүн тылынан сэһэргээн ойуулаатахха: үрдүк уҥуохтааҕа, кэтит сарыннаах (ол аата 175-180 см үрдүктээх) уол этэ. Арыый нүксүгүр соҕус, хаамарыгар атаҕын кыратык иһирдьэ үмүрүччү үктүүр этэ, тобугун, сүһүөҕүн оонньотон, хамсатан хаамара. Илиилэрэ уһуна, сүрдээҕин кыанар, тэтиэнэх этэ. Сэрии буолбатаҕа буоллар, дьиҥнээх саха бухатыыра тахсыаҕа хааллаҕа дии саныыбын. Сэриигэ барарыгар сүүрбэ саастааҕа, букатын оҕо буоллаҕа дии. Өссө 1941-1942 сыллар аччыктааһын, сут, тоҥуу-хатыы этилэр эбээт!
Аармыйаҕа сылдьан, госпитальга киирбит этэ. Госпитальга киһилии үчүгэйдик аһаталлара. Онтон 1943 сыл күһүөрү сайын, Днепр өрүһү туоруур кимэн киириигэ анал штурмовой бөлөхтөр тэриллибит буолуохтаахтар. Сүөдэр ол бөлөххө үөрэммит, сылдьыбыт буолуохтаах. Ол да иһин итинник илиинэн хапсыһыыга хорсун быһыыны оҥордоҕо. Кини 1943 сыл күһүнүгэр балачча бөҕөргөөбүт, сиппит-хоппут буолуон сөп.
Оннук анаан тэриллибит бөлөхтөргө, этэрээттэргэ дэгиттэр сайдыылаах, күүстээх-күдэхтээх саллааттары сүүмэрдээн хомуйан, барыга-бары үөрэтэллэрэ: илиинэн хапсыһыыга, сэбиэскэй уонна өстөөх ытар саатын-сэбин бары көрүҥүнэн сатаан туттууга, бэл минометунан уонна кыра оруудьуйанан ытыыга, араадьыйанан, төлөпүөнүнэн кэпсэтиигэ о.д.а. Сүөдэр илиинэн киирсиигэ ханнык да өстөөх саллаата кыайан тулуспат киһитэ буолбут буолуохтаах. Биллэн турар, билигин биһиги Сүөдэр дьоруойдуу быһыыны оҥоруон иннинэ хайдах көрүҥнэммитин билэр, ойуулуур кыахпыт суох. Ол гынан баран кинини кытта элбэхтик алтыспыт киһи быһыытынан сэрэйиэхпин, сабаҕалыахпын сөп.
Саллаат Федор Попов быраатыгар Аполлон Егоровичка аадырыстаан суруйбут бүтэһик суруга. Мантан ыла биир да сурук кэлбэтэҕэ…
“…Автоматнай ротаҕа биир ый үс хонук үөрэнним. Дьэ, билигин фроҥҥа барар буоллубут. Барыта саҥа таҥаһы таҥыннардылар. Бу 15 чыыһыла иһинэн барар буоллубут быһыылаах. Онон, дьэ, тиийиэх буолбут сири көрөн, онтон ортоххо дойдум сирэйин көрөр санаалаахпын. Эргийэн тиийиэххэ диэри быраһаайдарыҥ! Үчүгэйдик олоруҥ!
Федор. Атырдьах ыйын 8 күнэ, 1943 сыл.”
467-с стрелковай полк 81-с стрелковай дивизия састаабыгар киирсэрэ. 81-с стрелковай дивизия Киин фронт састаабыгар киирэрэ. Фронт командующайынан аармыйа генерала Константин Константинович Рокоссовскай этэ.
81-с стрелковай дивизияттан 27 буойун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүтэ. Ол иһигэр 467-с стрелковай полкаттан рядовой Попов Федор Кузьмич сулууспалаабыт үһүс стрелковай ротатыттан өссө 2 буойуҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Саха сириттэн ыҥырыллан, 467-с стрелковай полка састаабыгар сэриилэспит, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын ылбыт буойуннар
Тепляков Мартын Пантелеймович, тохсунньу 10 күнүгэр 1918 сыллаахха төрөөбүт. Тохсунньу 30 күнүгэр 1944 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан Белоруссияҕа Гомельскай уобалас Светлогорскай оройуонун Заречье дэриэбинэтигэр охтубут.
Аармыйаҕа 1940 сыллаахха Саха сириттэн Алдан оройуонуттан барбыт. Олунньу ыйтан 1942 сыл олунньутуттан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт. Днепр өрүһү алтынньы бастакы үүнэр түүнүгэр туораан, өстөөх элбэх атаакатын төттөрү охсон хорсун быһыыны көрдөрөн, Советскай Сойуус Дьоруойун Үрдүк аатын тохсунньу 15 күнүгэр 1944 сыллаахха ылбыта. Дьоруой Тепляков аатынан уулусса Алдан куоракка ааттаммыта, оройуон Ленинскэй бөһүөлэгэр пааматынньыга туруоруллубута.
Колбунов Владимир Акимович от ыйын 27 күнүгэр 1911 сыллаахха төрөөбүт.
От ыйыгар 1941 сыллаахха Саха сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт. Курскай Тоҕойго кыргыһыыга кыттыбыт. 1943 сыллаахха алтынньы бастакы күнүгэр Днепр өрүһү туорааһыҥҥа хорсун быһыыны көрдөрөн, 1944 сыл тохсунньу 15 күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибит. 467-с стрелковай полкаҕа разведка взводун хамандыыра. 1945 сыл от ыйын 24 күнүгэр Москваҕа Кыайыы парадыгар кыттыбыт. Сэрии кэнниттэн Дьокуускай куоракка олорбут, Хаҥалас таас чохтоох карьерыгар үлэлээбит, Мииринэйгэ тиийэн “Мир” трубкаҕа экскаваторщигынан үлэлээбит. 1998 сыл алтынньы 6 күнүгэр Мииринэйгэ өлбүт. Наҕараадалара:
“Кыһыл Көмүс Сулус” мэтээл, Ленин уордьана, икки «Бойобуой Кыһыл Знамя», I истиэпэннээх “Аҕа дойду сэриитэ” уордьаннар уонна икки төгүл “Хорсунун иһин” бойобуой мэтээл.
“Өлүү өрүһүн” өлбөккө туораабыттар – дьоруойдар!
Аҕа дойду Улуу сэриитин бириэмэтигэр Днепр өрүһү туорааһыҥҥа уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрбүт буойуннарга 1943 сыл алтынньы 16 күнүттэн 1944 сыл олунньу 24 күнүгэр диэри Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын иҥэрэргэ ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 16 Ыйааҕа тахсыбыта. Аҕа дойду сэриитин бириэмэтигэр саамай элбэхтик Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ. Барыта 2438 буойун үрдүк наҕарааданы ылбыта. Ол иһигэр 47 бойобуой генерал, 1123 эписиэр уонна 1268 эрэдэбиэй састаап.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: