Доҕордоһуу болуоссатыгар оскуолалар, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин дьаарбаҥка-быыстапкалара буола турар

Share

Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын иитинэн бүгүн Доҕордоһуу болуоссатыгар дьаарбаҥка-быыстапка буола турар. Күн талбыта барыта баар.

“Туймаада” оптуобус тохтобулуттан Доҕордоһуу болуоссатыгар киириигэ биир улахан миэстэни Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын халыҥ хамаандата ылан турар. Былырыын күөх оттоох, чэйдээх араас нобуордары оҥорон аҕалан атыылаабыт эбит буоллахтарына, быйыл таас кытыйаҕа Амма бөп-бөдөҥ, кып-кыһыл дьэдьэнэ, отонноох үүнээйиттэн барыанньа арааһа кэчигирэһэн тураллар. Оннооҕор бэс туорааҕыттан барыанньа оҥорон аҕалбыттар. Бэрт ураты амтаннаах ас эбит. “Сорохтор тэтиҥи абааһы маһа дииллэр да, эмтиир күүстээх” – диэни истэн ол диэки хайыһа биэрэбин. Бу – эмиэ аммалар оҥоһуктара. Педагог Александра Киренская: “Биһиги сайыҥҥы үлэ лааҕырдаахпыт: экология, сибэккини көрүү, оҕуруот аһа. Оҕолорбут сылын аайы чинчийиилэри оҥорон дакылаатынан кэмпириэнсиэйэлэргэ кытталлар. Саҥаны киллэрэн иһэбит. Чэйи нэһилиэнньэҕэ киэҥник атыылыыбыт, бэлэхтиибит. Улахан тэрээһиҥҥэ улууспут дьаһалтатын сакааһынан, тыһыынчанан нобуордары бэлэмниибит.

Ньээм-ньээм оттон арыытыгар, бальзамыгар, помадатыгар тиийэ оҥоробут. Дьон сүрдээҕин сэҥээрэр эбит. Ону таһынан, быйыл тэтиҥтэн сытан эмтэнэргэ аналлаах улахан уонна илиини-атаҕы имэринэр кыра кэрчик мастары оҥордубут, хатырыгыттан сыттык бэлэмнээтибит” – диэн кылгастык кэпсиир. Бу отуттан тахса сыл тухары киэҥ сураҕырбыт ыстаансыйа буолар. “Номнуо сиэннэрбит кэлэн сылдьан эрэллэр” – диэн биир этиинэн ыстаансыйа дириҥ устуоруйалааҕын педагог быһааран кэбиһэр. Үчүгэйэ диэн оҕолор 21 хонук устата үлэлииллэр, кыра да буоллар бириэмийэ аахсаллар эбит. Аныгы оҕо харчыга интэриэстээх, онон үлэни да онно дьүөрэлээн, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан толороро саарбахтаммат. Таарыйа урбаан үлэтигэр эмиэ уһуйаллар эбит.

Үөһээ Бүлүү Кэнтик оскуолатын үөрэнээччилэрэ эбии үөрэхтээһин педагогтарын салайыытынан бэйэлэрэ бэлэмнээбит кытыаннаах, үөрэ оттоох, дьэдьэннээх, кучу оттоох дьиҥнээх буоскаттан чүмэчилэри оҥорон аҕалбыттар. Сыаната босхону эрэ үрдүнэн, баара-суоҕа биир мөһөөхтөн саҕаланар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай оскуолата кабачоктан алаадьы астаан уонна араас барыанньалары, утахтары  аҕалан кылгас бириэмэҕэ уһун уочарат буола сырытта.

Оттон Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ороссолуода оскуолата арбуз хаҕыгар фрукта эгэлгэтин желатиҥҥа кутан булкуйан туруорбута, ааһан иһэр киһини барытын ыҥырарга дылы.  Ону ааһан, физалистан мармелад эмиэ оҥоруохха сөп эбит. Остуол иннигэр интэринээт оҕолоро эпоксиднай сыламаттан иһигэр араас сибэккилээн куппут дьоҕус хартыыналара сытар.

Уус Алдан улууһун Суотту оскуолата оҕуруот үүннэриитинэн дьарыктаммыта эмиэ быданнаата, өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар лааҕыры үлэлэтэр. Бу сырыыга бэйэлэрин оҕуруоттарын аһыттан борщ буһаран аҕалан, дьаарбаҥка кыттыылаахтарыгар амсаттылар. Аны көрдөрүүгэ хортуоппуй 27 көрүҥүн туруорбуттар!

Былырыын Москваҕа баран халбаһыларынан хас да мэтээли иилинэн кэлбит Тулагы оскуолатын туһунан, бука, иһиттэххит буолуо. Бу сырыыга отонноох үүнээйиттэн пастила эгэлгэтин бэлэмнээбиттэр.

Бары биир киһилии күөх таҥастаах, хас даҕаны остуолу ылан турар дьоҥҥо хараҕым хатанар. Кэпсэтэн билбитим Өлүөхүмэ улууһун Дабаан, 1-Нөөрүктээйи, Хоро, Токко оскуолаларын, уһуйааннарын бэрэстэбиитэллэрэ эбит. Соҕуруу дойду диэх курдук: “Миигин илдьэ бар ээ” – диэбиттии кыра корзинаҕа устууканан сыалаах эриэхэ сытар. “Атыылыыгыт дуу?” – диэн ыйытан көрдүм да, куонкурус хамыыһыйата көрө илик дэһэллэр. Биллэн турар, өлүөхүмэлэр аатырбыт астарын – хортуоппуй хас да көрүҥүн тэлгэтэн тураллар.

I Нөөрүктээйитээҕи “Тугутчаан” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Григорий Курчатов: “Быыстапкаҕа аан маҥнайгытын кэллим, уопсайынан, сэбиэдиссэйинэн быйыл саҥа ананным. Атырдьах ыйынааҕы мунньахха кыттааччыбыт эрээри, “Урожай” куонкуруска аан маҥнайгытын холонобут. Уһуйаан иитиллээччилэрэ олордубут оҕуруоттарын аһын, итини таһынан, сүүрбэ араас барыанньаны буһаран аҕаллыбыт: уохта, жимолость, ревень, физалис…, ньээм-ньээмтэн мүөт. Ону сэргэ, Саха сирин соҕуруу улуустарыгар үүнэр пихта, кулааһай сиир ото, кытыан… бэлэмнээтибит. Уонна көрдөрүүгэ аҕыйах устуука эриэхэни аҕаллыбыт” – диэн кылгастык кэпсиир.

Ити курдук, Саха сирин араас муннугуттан үйэ чиэппэрин кэриэтэ анаан-минээн дьарыгырар оскуолалары, уһуйааннары, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин сэргэ, саҥа саҕалыыр, кыттар, холонон көрөөччүлэр эмиэ бааллар. Сорохтор быыстапкаҕа аҕалбыт астара-үөллэрэ кыра массыынаҕа батымыа суох көрүҥнээх. Ол курдук быйаҥнаах оҕуруот астаахтар, оҥоһуктаахтар.

Хаартыска: Людмила Попова.
Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago