Доҕордуу дьоҥҥо ыраах да чугаһыыр
Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн 80-ча национальнай култуурунай түмсүүлээх өрөспүүбүлүкэбитигэр туох үлэ ыытылларый.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа үлэлэһэр салааны салайар Ирина Егоровна Стрекаловская үлэни-хамнаһы сырдатар:
– Сыл саҕаланыаҕыттан түмсүүлэр кыттыыларынан, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин өйөбүлүнэн, сүрүннээһининэн, уопсайа тоҕус уонча тэрээһин ыытылынна. Олор тустарынан сырдатан турабыт. Онон бүгүн, кэнники тэрээһини кылгастык ахтыам.
Ол курдук, СӨ Ийэ сылынан, алтынньы 22 күнүгэр, Саха сиригэр дьахталлар пуорумнара өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста. “Норуот үгэһин харыстааһын уонна сөргүтүү – ийэлэр илиилэригэр” тэрээһиҥҥэ сүүсчэ дэлэгээт кытынна. Кинилэр сиэри-туому, култуураны харыстааһыҥҥа, тарҕатыыга, ыччакка тиэрдиигэ болҕомтолорун уурдулар. Маны сэргэ, сонун бырайыактары, саҕалааһыннары олоххо киллэрэргэ үөрүйэхтэрин атастастылар. Пуорум иитинэн элбэх оҕолоох ийэлэри чиэстээһин буолла. “Норуоттар ийэ туһунан ыллыыллар” кэнсиэр сүргэни көтөхтө. Төрүт астар быыстапкалара, уус-уран оҥоһуктар болҕомтону тартылар.
Оттон бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сэттис төгүлүн этнографическай диктант ыытыллар. Манна түмсүүлэрбититтэн, общиналарбытыттан биэс уон киһи кыттаары бэлэмнэнэр.
Өбүгэ үгэһин үйэтитэн
Анастасия Еремеевна Куличкина, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар үгэс буолбут култуураларын сүрүннүүр салаа методиһа:
– Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр уопсайа уонтан тахса кулууп, ансаамбыллар бааллар. Холобур, «Долгунча», «Айуулна», «Аймулдан» эбээн ансаамбыллара, «Һэглэн», «Гиркилэн», «Һокто» эбэҥки ансаамбыллара, «Колымчанка», «Ярхадана» дьүкээгир ансаамбыллара, «Индигир», «Кустук, «Дьүкээбил» ырыа ансаамбыллара уонна «Һэрму һээдьэн» өбүгэ үгэһин, тылын-өһүн илдьэ сылдьар, тарҕатар ытык дьоммут кулууптара үлэлээбиттэрэ уонтан тахса сыл буолла. Итини сэргэ тэрээһиннэргэ, пуорумнарга көхтөөхтүк кыттар, тэрийсэр кулууптардаахпыт. Ханнык да үлэттэн эдэрдэр туора турбаттар. «Айнураҥ», «Омакта Нэҥэн» ыччаттар кулууптарын, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар Ассоциацияларын ыччатын сэбиэтин үлэлэрин киэн тутта бэлиэтиибит. Бары наһаа түмсүүлээхтэр, доҕордуулар. Өбүгэ үгэһин, төрөөбүт тылы харыстыырга, тарҕатарга ис сүрэхтэриттэн кыһаллан көмөлөһөллөр. Маастар-кылаастары, интэриэһинэй көрсүһүүлэри тэрийсэллэр. Тэлэбиидэнньэнэн, араадьыйанан биэриилэргэ көхтөөхтүк кытталлар.
Маны таһынан улуустарга, куоракка национальнай бырааһынньыктар, күрэхтэһиилэр, көрсүһүүлэр мэлдьи өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллаллар.
Көмө-тирэх буолар, ырааҕы да чугаһатар дьонноох буоламмыт, ылсыбыппыт ыпсан иһэр диэн үөрэбит. Көстөрүн курдук, түмсүү, сомоҕолоһуу кыайыыны-хотууну аҕалар. Түгэнинэн туһанан, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар Ассоциацияларыгар махтанабыт.
Сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолуоҕуҥ
Игорь Халилов, «ТУГАН ЯК» Саха сиригэр татаардар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ:
– Мин октябренок, пионер буолар үөрүүтүн билбитим. Комсомол кэккэтигэр эмиэ киирбитим. Онон ааспыт кэми истиҥник ахтабын. Оттон билигин биһиги бырааттыы норуоттар сарын-сарыннарыттан өйөһөн, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн олорор, эйэни өрө тутар өрөспүүбүлүкэбитигэр олоробут.
СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин (миниистир Г.Кириллин), СӨ норуоттар Ассамблеяларын, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин (ген.дириэктэр А.Корякина), уо.д.а. кытта ыкса үлэлэһэбит. Биһиги уопсастыбаннай үлэбит сылтан-сыл кэҥиир, сайдар, доҕотторбут үксүүллэр.
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр бука барыларыгар сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолууну баҕарабын. Бары түмсэн, үлэни өрө тутан дойдубут сайдарын туһугар кыһамньыбытын ууруоҕуҥ.
Түмэ тардар сэргэх үлэ
1993 сыллаахха тэриллибит “Тыва” национальнай община үлэтэ сэргэх. Хас биирдии тэрээһиҥҥэ сонун сүүрээни киллэрэргэ кыһаллаллар. Итинэн болҕомтону тардаллар, дьону-сэргэни түмэллэр. Биир ураты көрсүһүү соторутааҕыта буолла. Бу туһунан түмсүү бэрэссэдээтэлэ Шартан – Оол Зоя Хоюг-ооловна сырдатта:
– Бу күннэргэ Саха АССР 100 сылыгар анаммыт улуу тириэньэр Д.П.Коркин турнира үрдүк таһымҥа ыытылынна. Аан дойду таһымнаах түһүлгэҕэ элбэх бөҕөс күөн көрүстэ. Улахан күрэскэ Тываттан кэлбит 13 спортсмены, икки тириэньэри көрүстүбүт.
Сомоҕолоһуу күнүн көрсө ыалдьыттарбытын «Якутия – территория единства» уус-уран оҥоһуктар быыстапкаларыгар сырытыннардыбыт. Ускуустуба уонна култуура Арктикатааҕы институтун устудьуоннара Бай-Белек, Салчак Айдыс, Сандак Самбажык ырыанан-тойугунан эҕэрдэлээтилэр.
Ыалдьыттарбыт Саха сирин дьоно-сэргэтэ успуорт бу көрүҥүн биһирииллэриттэн үөрэллэр. Ону сэргэ, олус интэриэһинэй быыстапканы көрөн махтаннылар. Бу курдук түмсүүлээх буоларбытыгар, сонун көрсүһүүлэри тэрийэрбитигэр баҕардылар.
Сомоҕолоһуу күнүнэн
Күүтүүлээх бэлиэ күн А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан ураты сэргэх тэрээһиннэри тэрийэр үгэстээх.
Ол курдук, сэтинньи 3 күнүгэр «Диалог народов – диалог культур» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы этно-пуорум ыытыллар. Маны сэргэ, ыччат түмсүүлэрин уонна устудьуоннар сэбиэттэрин патриотическай сүлүөттэрэ буолуоҕа. Бу М.К.Аммосов аатынан ХИФУ-га ыытыллар.
Сэтинньи 4 күнүгэр А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Москваттан, Омскайтан, Владивостоктан, Петропавловскай-Камчатскайтан, Хабаровскайтан, Магадантан ыалдьыттардаах «Якутия объединяет. Молодежь наций – взгляд в будущее» пуорум күүтэр. Манна, быһа холуйан, 200 кэриҥэ киһи кыттара күүтүллэр.
Бу күн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах #БАРЫ БИИРГЭ патриотическай түмсүү былааннанар.
Сомоҕолоһуу күнүнэн «Якутия территория единства» уус-уран оҥоһуктар быыстапкаларын Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр көрүөххүтүн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: