Доҕотторум ханна бааллара буолла?

Доҕотторум ханна бааллара буолла?

Ааптар:
19.05.2023, 20:11
Хаартыска И.Сивцев альбомуттан
Бөлөххө киир:

Бу 1979 сыллаахха ОМУ (Одессаҕа мореходнай училищеҕа) үөрэнэ киирэн баран, успуорт саалатыгар сылдьан табаарыстаспыт, бииргэ дьарыктаммыт доҕотторум, Коля Назаренко уонна Боря Храмов эрчиллэ кэлэн баран түспүт хаартыскабыт. Номнуо 41 сыл ааһа охсубут.

Хаартыска И.Сивцев альбомуттан

Мин салгыы муора суудуналарын өрөмүөннүүр собуокка үлэлии хаалбытым. Хаартысканы көрдөххө, оччотооҕу эдэркээн уолаттар, умнуллубат үтүөкэн саастарбыт!  Билигин саастаахтар аатыран олорбуппут да иһин, дууһабыт куруук эдэр эбээт! Доҕотторум миигиттэн лаппа баһыйар улахан этилэр. Мин да, оччолорго 173 см тиийэр, сахаҕа кырата суох уол этим. Доҕотторум киэҥ-холку көҕүстээх, сытыары-сымнаҕас майгылаах буолаллара. Олус да иллээх этибит. «Атас туһугар атах тостор» диэн, дьэ, ону этиэххэ сөп этэ. Доҕотторум барахсаттар билигин ханна бааллара буолла?  Билигин көрсүбүт киһи баар ини! Арай, көрсө түһэрбит буоллар, уруккубут курдук миигин кууһан ылыахтара этэ уонна санныга таптайа-таптайа истиҥник мичээрдиэ этилэр диэн эрэнэбин. Оннук истиҥ-иһирэх сыһыаннаах ыкса доҕордуу этибит.

Иван Сивцев-Бээди

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: