Салгыы
Дьоҕус лаборатория туһалыаҕа

Дьоҕус лаборатория туһалыаҕа

27.01.2024, 09:24
Хаартыскалары Виктория Шамаева ыытта
Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар улахан суолтаны биэрэр. Маныаха бу салааҕа үөрэнэр устудьуоннар эмиэ көхтөөхтүк кытталлар.

«MicroVetLab» мобильнай микролабораторияны тэрийиигэ кыттыспыт Арктикатааҕы ГАТУ бэтэринээринэй мэдиссиинэ факультетын 4 кууруһун устудьуона Виктория Шамаева санаатын маннык үллэһиннэ:
— Мин бу бырайыакка салайааччынан буолабын. Биһиги хамаандабытыгар бааллар: Г.П.Сердцев бэрэпиэссэр аатынан ВНБ ФиА кафедратын ыстаарсай преподавателлара Нюргина Алексеева, Владимир Габышев, паразитология уонна эпизоотология кафедратын доцена Терентий Платонов, АГАТУ 4 кууруһун устудьуона Валерия Иванова.
Бу дьоҕус лабораторияны устудьуоннар биохакатоннарыгар тобулан оҥорбуппут. Онтон «Сильные идеи для нового времени» пуорумҥа бу идиэйэбитин киллэрбиппит. Манна бырайыакпыт эрэгийиэннээҕи түһүмэххэ ТОП-10 иһигэр киирбитэ. Уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн уонна Бэтэринээрийэ департаменыттан методологическай көмөнү ылбыта.
Биллэрин курдук, тырааныспарынан сибээстэһии мөлтөҕүттэн паразитарнай инфекцияҕа кэмигэр хаачыстыбалаах диагностика кыайан оҥоһуллубат. Ол түмүгэр боруобаны тиэрдии ыарыыр.
Биһиги лабораториябыт инфекциялары түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык оҥорор кыаҕы биэриэҕэ. Бу пиэрмэрдэргэ, питомниктары бас билээччилэргэ, табаһыттарга, наука үлэһиттэригэр туһалаах буолуоҕа. Билигин биһиги боксаны хомуйан, улуустарга ыытарга бэлэмнэнэбит. Онон лабораториябыт туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: