Дьоҕус нэһилиэк кыһалҕата

Share

Уус Алдан улууһугар Бээрийэҕэ 174 киһи олорор, уһуйааҥҥа 9 оҕо сылдьар, оскуолаҕа 31 оҕо үөрэнэр. Онон нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйаҕа үбүлээһиҥҥэ, штакка тиийэ туох охсуулааҕын бэркэ билэн олороллор.

Онон ситэриилээх былаас отчуоттуу кэлбит бөлөҕөр дьоҕус кэмпилиэктээх саҥа уһуйаан-оскуола тутуллара наадатын өссө төгүл тоһоҕолоон туруорустулар. Оччоҕо дьон көһүүтэ тохтуо, ыччат төннүө этэ дэһэллэр. Дьоҕус нэһилиэктэри чөл хаалларар бырагыраама баар дуо диэн ыйыттылар. Дьиҥэр бу 100% киин ититиигэ холбонон олорор, сибээс тардыллыбыт нэһилиэгэ буолар.

Уот остуолбаларын уларытыы туһунан ыйытыы киирдэ. Итиннэ отчуоттуур бөлөх салайааччыта Павел Аргунов «Якутскэнерго» билиҥҥи балаһыанньатын сиһилии быһааран баран, тустаах үлэһиттэр эппиттэринэн, улуустар уоттарын СИП-кэ көһөрүү уон сыл устатыгар барарын туһунан иһитиннэрдэ.

Бибилэтиэкэр Туйаара Никифорова олус баай түмэл бэйэтин дьиэтэ суоҕунан эспэнээттэрэ түөрт сиринэн тарҕанан туралларын эттэ. Түмэл дьиэтин көҥдөйө эрэ баарын, ону Бээрийэ 100 сылынан хайдах туруорсан ситэриэххэ сөбүн ыйытта. Итиннэ бырайыагын, экспертизатын оҥорторон баран, «Үтүө дьыала» хамсааһыҥҥа сайаапката биэр диэн сүбэлээтилэр.

Бээрийэлэр өссө биир улахан кыһалҕалара — суол. Онон суол алдьанар кэмигэр вездеход наадатын туруорустулар.

Дьэ итинник хас биирдии нэһилиэк бэйэтэ туспа кыһалҕалаах, уратылаах. Уһуйаан-оскуолабытын олох умнумаарыҥ диэн туран, бырабыыталыстыба үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин

Саха суругунан литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125, Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылларыгар аналлаах Ийэ…

5 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Кыайыы Знамята Бүлүүгэ тиийдэ

"Кыайыы Знамятын» эстэпиэтэтэ тиһиктээхтик салҕанар. Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Бүлүү улууһа Кыайыы Знамятын тутта. Бу…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Еремеев салайааччылаах Ил Түмэн оробуочай бөлөҕө — Тааттаҕа

Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев салайааччылаах норуот дьокутааттарын оробуочай бөлөҕө  бу күннэргэ Амма, Чурапчы улуустарыгар…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Адыаччы урукку баһылыга — «Служение» бириэмийэ номинана

Бу күннэргэ Москваҕа «Служение» муниципальнай бириэмийэтигэр 2024-2025 сс. сайаапкалары ылыы түмүгүн таһаардылар. II Муниципальнай бириэмийэҕэ…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кыайыы иһин бары бииргэ туруулаһабыт!

Байыаннай дьайыы саҕаламмыта үһүс сылыгар барда. Ол тухары Саха сирин амарах санаалаах, үтүө дууһалаах дьоно…

8 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

8 часов ago