Дьохсоҕоҥҥо Алампа алааһыгар — кыраайы үөрэтэр аһаҕас уруок
Таатта улууһун Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Ситим» кыраайы үөрэтэр кулууп оҕолоро уонна учууталлара Алампа үөскээбит алааһыгар аһаҕас уруок ыыттылар.
Бу туһунан настаабынньык-учуутал Татьяна Попова маннык сырдатта:
— «Алаас уола Алампа» төрөөбүтэ 138 сылыгар ыытыллыбыт нэдиэлэҕэ кыттыһан, «Алампаҕа айан» диэн ааттаан, Алампа отордоон олорбут Оккуодай алааһыгар уонна Куобах Буһарбытынан бэрт дьоһун сырыыны тэрийдибит, сибиэһэй кыһыҥҥы салгыҥҥа сонун аһаҕас уруогу ыытан кэллибит.
Айаммытыгар аат ааттаан ыҥырыыбытын ылынан, үөрэ-көтө сөбүлэһэн, Алампаны ахтан-санаан Николай Попов кини олоҕун кэпсээтэ. «Ытык сири билиҥ-көрүҥ, харыстааҥ. Ытык сиргэ киириигэ, сиэри — туому тутуһар буолуҥ,» — диэн үөрэтэн, Николай Ефимович 8-с кылаас оҕолоругар айаннарын аартыгын арыйда, онон табыллан сылдьан кэллибит.
Оҕолор илин диэки хайыһан туран, алаас хаарын алдьаппакка, арыылаах алаадьынан, саламаатынан Ытык сири аһаттылар.
Оккуодай алааска сайыҥҥы, өҥ сыл мүөттээх отун хаһан сиэн, алаас көнө ньууругар күөлэһийэ көччүйэн мэччийбит, алаадьы курдук төгүрүк алаас күөлүн сөрүүн уутун ыймахтаан улааппыт сылгы үөрэ, аттыбытыгар чуп-чугас кэлэн, ытык киһи кэпсээнин эмиэ сэргээн иһиттилэр, алаас устун тэҥҥэ хаамыстылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: