Дьохсоҕоҥҥо Алампа алааһыгар — кыраайы үөрэтэр аһаҕас уруок

Share

Таатта улууһун Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Ситим» кыраайы үөрэтэр кулууп  оҕолоро уонна учууталлара Алампа үөскээбит алааһыгар аһаҕас уруок ыыттылар.

Бу туһунан настаабынньык-учуутал Татьяна Попова маннык сырдатта:

«Алаас уола Алампа» төрөөбүтэ 138 сылыгар ыытыллыбыт нэдиэлэҕэ кыттыһан, «Алампаҕа айан»  диэн ааттаан, Алампа отордоон олорбут Оккуодай алааһыгар уонна Куобах Буһарбытынан бэрт  дьоһун сырыыны тэрийдибит, сибиэһэй кыһыҥҥы салгыҥҥа сонун аһаҕас уруогу ыытан кэллибит.

Айаммытыгар аат ааттаан ыҥырыыбытын ылынан, үөрэ-көтө сөбүлэһэн, Алампаны ахтан-санаан Николай  Попов кини олоҕун кэпсээтэ. «Ытык сири билиҥ-көрүҥ, харыстааҥ. Ытык сиргэ киириигэ, сиэри — туому тутуһар буолуҥ,» — диэн үөрэтэн, Николай Ефимович 8-с кылаас оҕолоругар айаннарын аартыгын арыйда, онон табыллан сылдьан кэллибит.

Оҕолор илин диэки хайыһан туран, алаас хаарын алдьаппакка, арыылаах алаадьынан, саламаатынан Ытык сири аһаттылар.

Оккуодай алааска сайыҥҥы, өҥ сыл мүөттээх отун хаһан сиэн, алаас көнө ньууругар күөлэһийэ көччүйэн мэччийбит, алаадьы курдук төгүрүк алаас күөлүн сөрүүн уутун ыймахтаан улааппыт сылгы үөрэ, аттыбытыгар чуп-чугас кэлэн, ытык киһи кэпсээнин эмиэ сэргээн иһиттилэр, алаас устун тэҥҥэ хаамыстылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: саха кыыһын санатар Дьааҥы өрүс хаартыската тарҕанна

Сахабыт сирин кэрэ айылҕата ардыгар чахчы сэдэх уонна кэрэ уобарастары ойуулаан таһаарар. Дьокуускай — Баатаҕай…

15 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Идэһэ-2024» дьаарбаҥкаҕа олохтоох бородууксуйа хамаҕатык атыыланна

Сэтинньи 15 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр сылын аайы ыытыллар, дьон-сэргэ кыһыҥҥы аһын хаһаанар үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ-2024»…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Күүтүүлээх идэһэ кэмэ кэллэ»

Бу күннэргэ Саха сирин олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэллэр, эт арааһын хаһааналлар. Идэһэни туттууга Ил Дархан Айсен…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Хотугулуу-арҕаа -40-45° тымныйыа

Саха сирин синоптиктара өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр хаар түһэрин билгэлииллэр. Арҕаа, киин улулуустарга, соҕуруу, хотугулуу-илин кыралаан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суоттулар БАМ тутуутугар

Сэбиэскэй Сойуус саҕана үйэ тутуутунан ааттаммыт Байкал-Амур тимир суол магистралын тутуу саҕаламмыта быйыл 50 сылын…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саамай көхтөөх кыттааччы — Вова Степанов

Бүлүүгэ ыытылла турар "Бүлүүлүү оһуохай дуорайдын" күрэскэ Бүлүү, Ньурба улууһуттан оскуола үөрэнээччилэрэ кытта сылдьаллар. Кинилэр…

14 часов ago