Салгыы
Дьохсоҕоҥҥо оҕолор оһуокайдыахтара

Дьохсоҕоҥҥо оҕолор оһуокайдыахтара

Ааптар:
16.03.2024, 10:30
Хаартыска СИА
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларынан, оскуола оҕолоругар улуустааҕы «Оҕо саас күннээх үҥкүүтэ» диэн оһуокай күөн күрэһэ ыытыллар.

Оһуокай күрэһэ Дьохсоҕоҥҥо В.Х.Тарбахов аатынан КСК муус устар 5  күнүгэр буолар.  Күөн күрэс түһүлгэтин «Дьохсоҕон нэһилиэгэ» тыа сирин сайдыыта, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, улуустааҕы үөрэх салаата, А. И.Софронов-Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтэ, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолата тэрийэн ыыталлар.

Оһуокай түһүлгэтэ саха төрүт оһуокайын үҥкүүтүн улууска тэнитэр, Таатталыы оһуокай ураты хаамыытын, тылын-өһүн оҕолорго үөрэтэр оһуохай — тыл, үҥкүү, ырыа нөҥүө — үс улуу идэни түмпүт көстүү буоларын билиһиннэрэр, оһуокай этэр оҕолор киэҥ түһүлгэҕэ тахсалларыгар көмөлөһөр сыаллаах-соруктаах ыытыллар. Кылаан Чыпчаал бирииһин туруорар СӨ оһуокайын үтүөлээх этээччитэ А.Н. Попов.

Уолаттарга уонна кыргыттарга Кылаан Чыпчаал  аатын ким ылар эбитий? 1-2-3 миэстэлэр иһин кимнээх күөн көрсүөхтэрэй? Анал ааттарга кимнээх тиксиэхтэрэй?

Оттон билигин оҕолор оһуокай түһүлгэтигэр кыттаары ох курдук оҥостоллор, тылларын-өстөрүн чочуйаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: