Салгыы
Дохсун ардахтар баһаары намыраттылар

Дохсун ардахтар баһаары намыраттылар

21.07.2024, 09:30
Баһаары утары барыта 1788 киһи уонна 153 тиэхиньикэ үлэлиир. Хаартыска СӨ ЫБММ ылылынна
Бөлөххө киир:

Сайын саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр баһаардар тахсыталаан барбыттара. Быйыл ааспыт сыллааҕар баһаар ахсаана аҕыйах, ол гынан баран уот сиэн ааспыт сирин иэнэ улахан дииллэр. Баай хара тыабыт ойуур баһаарыттан киэҥ сиринэн тайаан күл-көмөр буолла. Онон сибээстээн,  Саха сиригэр бэс ыйын 11 күнүттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи, оттон от ыйын 1 күнүттэн федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтоммута.

Уустук сайын

Бэҕэһээҥҥи туругунан 946 тыһыынча га иэннээх ойуур умайда. 2000-ча кэриҥэ киһи уонна 150 тиэхиньикэ баһаары умуруорууга үлэлиир.

От ыйын 17 күнүгэр 169 ойуур баһаара баара бэлиэтэммитэ, ол эрээри онтон 69-н эрэ умуруорарга күүскэ үлэ барар.  Оттон 100-һэ кый ыраах, дьон тиийбэт сирэ буолан, айылҕа бэйэтин киэлитинэн дьаһанарыгар диэн быһааран тураллар. Ол аата нэһилиэнньэлээх пууннарга, социальнай, экэниэ­микэни хааччыйар эбийиэктэргэ кутталы үөскэппэт диэн быһаарыахха сөп. От ыйын 18 күнүгэр бу 69 баһаартан 26-та умуруоруллубут уонна бохсуллубут. Ол эрээри күн аайы саҥаттан саҥа баһаар күөдьү­йэн тахса турар.

Саамай улахан баһаар билиҥҥитэ Өлүөхүмэ улууһугар баар. Манна 600-чэ киһи уоту кытары охсуһа сылдьар.  Кэнники икки күҥҥэ күүстээх ардах түһэн уонна ардаҕы түһэрэр зондировщик сөмөлүөт үлэлээн уот сорох сиринэн хаптайбыт. Быйылгы баһаарынай сезон судургута суох быһыыга-майгыга ааһан эрэр уонна кэнники уон сылга биир саамай уустуктарынан буоларын Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн эппитэ.

Саамай улахан баһаар билиҥҥитэ Өлүөхүмэ улууһугар баар. Манна 600-чэ киһи уоту кытары охсуһа сылдьар. Кэнники икки күҥҥэ күүстээх ардах түһэн уонна ардаҕы түһэрэр зондировщик сөмөлүөт үлэлээн, уот сорох сиринэн хаптайбыт. Быйылгы баһаар сезона судургута суох быһыыга-майгыга ааһан эрэр уонна кэнники уон сылга биир саамай уустуктарынан буоларын Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэ­тээн эппитэ.   Онуоха кураан дьыл уонна саас эрдэ сылы­йыыта төһүү буолбута саарбаҕа суох. Сорох улуустарга ыйы-ыйынан сөҥүү түспэккэ, от-мас хатан баһаар үөскүүр усулуобуйата тахсыбыта. Оттон баһаар кураа­нах этиҥтэн тахсарын билэбит.

Бүгүҥҥү туругунан

Бэҕэһээ Саха сиригэр уопсайа 70 тыһыынча гектар иэннээх ойуур баһаарын умуруордубут диэн экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрбитэ. Күн аайы чааһынан балаһыанньа уларыйар. Бу күннэргэ  26 ба­­һаар умуруоруллубут буоллаҕына, саҥа 6 ойуур уонна биир хонуу баһаара турбут. 40 586 га иэннээх сиргэ 9 ойуур баһаара бохсуллубут. Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Ленскэй, Сунтаар, Уус Маайа улуустарыгар уонна Дьокуускай куорат аттыгар тахсыбыт баһаардар төгүрүтүллүбүттэр, ол аата салгыы ума­йан барбаттарын курдук бохсуллубуттар.

Саха сиригэр инньэ гынан уопсайа 149 ойуур, 3 хонуу, 1 ураты харыстанар сир баһаардара бааллара биллэр. 19 улуус­ка баһаарынайдар, быыһаач­чылар, олохтоохтор баһаары кытары охсуһаллар.

Баһаары утары барыта 1788 киһи уонна 153 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу умуруоруллубут баһаартан атын сиргэ көһөрүллүөхтээх баһаарынайдары аахпакка бачча киһи буолар. Өссө даҕаны баһаары умуруора чугастааҕы эрэгийиэннэртэн уонна өрөспүүбүлүкэ баһаара суох улуустарыттан баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр кэлэ тураллар.

Бу күннэргэ Бүлүү бөлөх улуустарыгар Як-40 зондировщик сөмөлүөт үлэлээтэ. Ан-26 зондировщик сөмөлүөт Дьааҥы уонна Абый улуустарыгар ыытыллыа.

Бе-200 сөмөлүөтү баһаары умуруора сылдьааччыларга көмөҕө Бүлүү уонна Мииринэй улуустарыгар көтүтүөхтэрэ. Уоту кытары охсуһуу салҕанар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай таһым­наах ыксаллаах быһыы-майгы оннунан хаалар. Оттон муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ленскэй, Уус Маайа, Өлүөхүмэ улуустарыгар биллэриллибитэ.

СЫЫППАРАЛАР
Бу күннэргэ 26 баһаар умуруоруллубут буоллаҕына,
саҥа 6 ойуур уонна биир хонуу баһаара турбут.
40 586 га иэннээх сиргэ 9 ойуур баһаара бохсуллубут.

Тээнэҕэ – бары күүһү

Онон ааспыт икки күн социаль­най ситимнэри аймаа­быт Тээнэ баһаарыгар сүрүн күүстэри ыытарга быһаарбыттара. Тээнэ сэлиэнньэтэ Өлүөхүмэ улууһун соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр 150 км тэ­­йиччи сытар. Уот дэриэбинэҕэ ыкса кэлэн, Тээнэ олохтоохторо социальнай ситиминэн «дууһаларын хаһыытын», көмө суоҕун туһунан ыыппыттарын үгүстэр аахпыт буолуохтааххыт. Дьиҥэ, маннык эбит. Быыһыыр сулууспа 10 быы­һааччыта баһаары умуруорууга Ми-8 бөртөлүөтүнэн көппүттэр, ол гынан баран аһара буруолааҕыттан салгын суудунатын  хамандыыра төннөргө быһаарынан, дьонун түһэрбэккэ төттөрү Өлүөхүмэҕэ илдьибит.

Абый улууһугар эмиэ кутталлаах быһыы-майгы тахса сырытта. Үрүҥ Хайа бөһүөлэгиттэн 26 км тэйиччи сиргэ турбут ойуур баһаара күүстээх тыал түһэн 10 км диэри чуга­һаата. Ол иһин эбии күүстэри: быыһыыр этэрээт быыһааччыларын уонна атын улуустан кэлэр дьону онно ыыттылар.

Салгыны бэрэбиэркэлиир үлэ ыытыллар

Кэнники сылларга күн-дьыл чахчы биллэрдик уларыйда. Киһи үөйбэтэх өттүттэн буолан, олус дохсун ардахтар, сайын ортото тобурах, хаар түһэрэ, кураанах этиҥ этэрэ урут дэҥҥэ көстөр этэ. Халлааммыт «буккуллан», араас­таан тыбыырар буолла. Олус элбэх сиргэ баһаар тахсан буруонан бүрүлүннүбүт. Төһө даҕаны ардахтар түстэллэр, буруо ааспат.

Аны биир кыһалҕанан ойуур баһаарыттан куотан ойуур кыыллара дэриэбинэлэргэ  киирэр буоллулар. Тыатааҕыларбыт бэйдиэлииллэрэ эмиэ ону кытары даҕаны сибээстээх буолуон сөп курдук. Сыл аайы баһаардар ойууру сиэн кыыл-сүөл төрөөбүт сириттэн тэскилэнэргэ күһэл­лэр, мэлдьи аһыыр сириттэн баран, ас көрдөөн дэриэбинэҕэ киирэр да түгэннэрэ баар.

Буруо хойуу сирдэригэр салгыны бэрэбиэркэлиир үлэ ыытыллар. Бу күннэргэ уопсайа 80 боруобаны ыан бэрэбиэркэлээтилэр. Ол түмүгэр 12 улууска салгынынан тыыныы сөптөөх концентрацияҕа (ПДК) химия састааба үрдээбитэ быһаарылынна. Амма, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Нерюнгри, Нам, Ньурба уонна Алдан улуустара буортулаах салгынынан тыыналлара билиннэ. Оттон куосумастан кэтээн көрүүнэн Абый, Алдан, Аллайыаха, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Миирнэй, Нам, Нерюнгри,  Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Уус Алдан, Усуйаана улуустарыгар барыта 84 нэһилиэк буруонан бүрүллүбүтэ бэлиэтэммит.

Түмүк оннугар

Дьэ ити курдук, быйылгы баһаар сезона эрдэттэн саҕаланан, айылҕа буортулаах дьа­йыыларын билэн олоробут. Арай Ил Дархан эппитинэн, 2025 сылга улахан баһаардар тахсыбыт үс эрэгийиэннэригэр, ол иһигэр Саха сиригэр ба­­һаары утары үлэҕэ федеральнай үбүлээһин улаатара быһаарыллыбыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: