Салгыы
Дойду 400 үрдүк үөрэҕин кыһатыгар урбаан технологическай хайысхатыгар дьарыктаныахтарын сөп

Дойду 400 үрдүк үөрэҕин кыһатыгар урбаан технологическай хайысхатыгар дьарыктаныахтарын сөп

17.07.2024, 13:59
Хаартыска -- Сергей Мальгавко /ТАСС
Бөлөххө киир:

Арассыыйа 400 үрдүк үөрэҕин кыһатын устудьуоннара идэлэрин таһынан технологическай урбаанньыт быһыытынан бэйэлэрин боруобалыахтарын сөп.

Сүрүн сорук — устудьуоннар идэлээх үөрэҕи ылалларын таһынан, идэтийбит үөрэхтээһин систиэмэтигэр урбааҥҥа бэйэлэрин атын идэҕэ боруобаланан көрөллөрүгэр  усулуобуйаны тэрийии. Ол курдук, дойду 400-чэ үрдүк үөрэх кыһатын устудьуона бэйэтин биирдиилээн технологическай урбаанньыт быһыытынан идэтинэн эбэтэр хайысхатын таһынан дьарыктанан көрүөн  сөп.

Быйыл 2,5 тыһыынча устудьуоҥҥа научнай-техническэй эйгэҕэ аччыгый урбаан сайдыытыгар көмөлөһөр пуонда (Бортник пуондата) нөҥүө 1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах грант бэрилиннэ. Онон ыччаттар бэйэлэрин баҕа санааларын олоххо киллэрэр кыахтаахтар, — диэн бэлиэтээтэ РФ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин салайааччыта Валерий Фальков.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: