Дойду ахтылҕана күүстээх

Share

Быйыл сааскы халаан уутуттан Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин 66 ыала эмсэҕэлээбитэ. Биир дойдулаахтара ууга барбыттарын истибит күннэриттэн куоракка олорор кыыллаахтар көмөнү оҥорууга хамсааһыны саҕалаабыттара. Бүгүн Кыыллаах Арыыттан төрүттээхтэр «Сомоҕо» түмсүүтүн салайааччыта Надежда Корнилованы кытта кэпсэтэбит.

Ыам ыйын 12 күнүттэн

— Надежда Егоровна, быйылгы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэр Кыыллаах нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһөр хамсааһыҥҥыт хайдах саҕаламмытай?

— Ыам ыйын 12 күнүгэр биир дойдулаахтарбыт социальнай ситимҥэ бөлөхпүтүгэр Кыыллаахпыт ууга баран эрэр хаартыскаларын, видеоларын ыыталаабыттара. Түүн бары даҕаны долгуйан, айманан утуйбакка илэ сылдьыбыппыт.  Ити күн суруйан, сарсыныгар үлэ чааһын саҕаланыыта суһаллык көмөлөһөр ирдэнэр диэн “Сомоҕо” чилиэннэрин ыҥырарга, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа уопсастыбаннай көмө ыстаабыгар мунньахтыырга диэн сүбэлэспиппит. Тиийбиппит, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа СӨ эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Е.Х.Голомарева салайыытынан кыыллаахтарга көмөлөһөр үлэни саҕалыырга диэн номнуо быһааран олороллоро. Кыыллаахтан төрүттээхтэр эбиэт кэннэ көрсөн мунньахтаабыппыт уонна ити күн “Сомоҕо” түмсүүгэ баар ыччаттарбытын ыҥыран хамсаныыбыт саҕаламмыта. Сарсыныгар Ил Түмэн дьокутааттара, министиэристибэлэр гуманитарнай көмөнү аҕалан барбыттара. Ити курдук ый устата биир да күнү өрөөбөккө ыстаапка кэлбит гуманитарнай көмөнү ыйааһыннаан, куулларга, хордуон дьааһыктарга уган, дьаарыстаан Өлүөхүмэҕэ ыытардыы бэлэмнэспиппит.

Ити кэмҥэ биһиги кэккэбитигэр суох төрөппүттэрим харахпар элбэхтик көстөр буолбуттара. Бу – биһиги төрүттэрбит өтөхтөрө, бу — төрөөн-үөскээн улааппыт дойдубут, сүрэхпэр Кыыллаах Арыы эрэ баар. Ханна да сырыттарбын дойдум өрүү чугас, ахтылҕаннаах. Улахан уу ылбытыгар долгуйбутум, санаарҕаабытым, атыттарга да оннук буоллаҕа. Ол иһин эбитэ дуу, туохпутун да быраҕан туран, күн тура-тура уопсастыбаннай ыстаапка гуманитарнай көмөнү ыытыыга көмөлөһүөхтээхпит, ытык иэстээхпит диэн санаалаах тиийэ турарбыт.

Хаартыскалары Надежда Корнилова тиксэрдэ

Кырдьаҕастан — сүбэтин, эдэртэн — эйэтин

— Улуустар, нэһилиэктэр түмсүүлэригэр үксүгэр саастаах, өйдөрүн туппут дьон киирэллэр. Кыыллаах “Сомоҕо” түмсүүтүгэр эдэрдэр элбэхтэр. Хайдах гынан эдэр дьону түмэ тардаҕын?

—  Кыра эрдэхпититтэн ийэбит, аҕабыт үлэҕэ уһуйан иитэллэрэ, бэйэ-бэйэҕитигэр, дьоҥҥо көмөлөөх, ыараххаттартан чаҕыйбат тулуурдаах буолуҥ диэн этэллэрэ. Салгыы Санкт-Петербурга педагог идэтигэр үөрэнэр кэммэр оҕолору, төрөппүттэри, кэлэктииби кытта үлэни аттарыыга лиэксийэлэри хото ааҕаллара. Эдэр көлүөнэни иитиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит туһунан тиһигин быспакка хатылыыллара. Онон кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөҕө сүүрэргэ өрүү бэлэммин. Кыыллаахтар урукку сылларга хаста да ууга барбыт, этэргэ дылы, уопуттаах дьон төһө даҕаны бэлэмнээх олордоллор, күүстээх көмүөл ханан халҕаһалыы анньан киирэрин, айылҕа туох быһылааннары бэлэмниирин билбэппит.

Ыччаты түмүүм туһунан эттэххэ маннык. Туох эрэ уларыйыыны таһаарбыт, ыччакка интэриэһи тарпыт киһи диэн санааттан үөрэхпин бүтэрэн баран дойдубар тиийэн үлэлиир эрдэхпиттэн эдэр дьону түмэбин. Ыччаты сэҥээрдэр, өрүү хайгыы сылдьар ирдэнэр. Онтон Дьокуускайга көһөн кэлэн баран ити үлэбин салҕаабытым. Оччолорго, билигин билим хандьыдаата Никита Аргылов, Кыыллаах оскуолатын дириэктэрэ Иннокентий Малгаров, о.д.а. оҕолорбут устудьуоннууллара. Хас сайын ахсын бииргэ төрөөбүттэрим оҕолорун үөрэххэ киллэртэрээри тэҥҥэ абитуралаһарым, өрүү ыччат ортотугар сылдьарым. Биир дойдулаахтарбын көрсө түстэхпинэ олус үөрэрим, түмэ тарда сатыырым.

2016 сыллаахха “Сомоҕо” диэн ааттанан, 2017 сыллаахха оччотооҕу дириэктэр Я.В.Игнатьева Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин уларсан, Кыыллаах нэһилиэгин  “Алгыс” сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Л.Е.Данилованы кытта бастакы улахан аһымал кэнсиэри ыыппыппыт. Ити тэрээһин иитинэн “төгүрүк остуол”, быыстапка, “Өлүөхүмэ кыладабыайа” бородууксуйатын атыытын тэрийбиппит. 2017 сыллааҕы тэрээһиннэр Кыыллаахтан төрүттээхтэри өссө күүскэ түмпүттэрэ.

Салгыы бэлиэ күннэргэ түбэһиннэрэн бэтэрээннэрбитин эҕэрдэлиир үгэһи олохсуппуппут. Р.Е.Лавернова баһылыктыыр эрдэҕинэ, Дьокуускайга кэллэҕинэ муста түһэрбит, сүбэлэһэрбит.

Былырыыҥҥыттан куоракка олорор кырдьаҕастарбытын Улуу Кыайыы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиир үгэстэннибит. Ол курдук, быйыл Дьокуускай куоракка олорор, 90 саастарын ааспыт биир дойдулаахтарбытыгар — тыыл бэтэрээннэригэр анаан Улуу Кыайыы 79 сыллаах бырааһынньыгынан «Кыайыы күнэ» аахсыйаны тэрийэн, сэмэй бэлэхпитин туттарбыппыт. Төһө да үгүс түбүккэ сырыттарбыт, эрдэ былааннаммытын быһыытынан, ыам ыйын бүтүүтэ, эмиэ биир дойдулаахпыт Л.Ю.Софронов банкеттыыр саалатын уларсан, “Кыыллаах Арыы кыргыттара” ырыа ансаамбылын сүрэхтэниитин тэрийдибит, онтон төрүттээхтэр кэпсэтэн-ипсэтэн ахтылҕаммытын таһаардыбыт.

Кэскиллээх толкуйдар

— Айар эйгэ үлэһитэ диэх курдук, бииртэн-биир идиэйэҥ айыллан тахсан иһэр, дьону хамсатаҕын, ити кистэлэҥэ тугуй. “Сомоҕо” түмсүү салгыы туох былааннаах?

— Туох даҕаны кистэлэҥ суох, бэйэбин салайааччы да курдук санаммакка сырыттаҕым. Уулуссаҕа кыыллаахтарбын көрсө түстэхпинэ олус үөрэбин, дойдубар бара сылдьыбыт курдук сананабын. Төрөөбүт сириҥ төһөнөн ыраах, кыһалҕалаах, соччонон ахтылҕаныҥ күүстээх, дьоно-сэргэтэ түмсүүлээх быһыылаах. Дьокуускай куоракка, Саха сирин араас муннуктарынан тарҕанан олорор Кыыллаах Арыыттан сыдьааннаах дьон олус элбэх, кинилэри барыларын биир сомоҕо күүс гына уонна инникитин улуус аайы биирдии көхтөөх ыччаты эппиэтинэстээн өссө күүскэ түмэр баҕалаахпын. Биир үксүн ыччаты хамсатан, туспа бөлөх тэрийэр, өссө да үгүс былааннары олоххо киллэрэр бэрт этэ. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай өйөбүл ыстаабын кытта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристибит. Манна барытыгар түмсүү ытык киһитэ, Тулагы нэһилиэгин олохтооҕо Е.М.Готовцева сүбэлиир-амалыыр. Орто саастаахтарбыт ыйан-кэрдэн биэрэллэр, эдэрдэрбит иилэ хабан ылан олоххо тэҥҥэ киллэрсэллэр. Үгүс былааны ылынныбыт, “Сомоҕо” түмсүү саҥа састааба талылынна, улахан аҥаардара эдэрдэр, олус үлэһиттэр, киһи чахчы эрэнэр оҕолоро. Быйылгы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмөнү ыытарга көмөлөспүт Андрей Латышевка, Людмила Поповаҕа, Светлана Николаеваҕа, Евдокия Павловаҕа, Елена Михайловна Готовцеваҕа, Надежда Макароваҕа, Сардаана Олесоваҕа, Альберт Корниловка, Аркадий Ефимов-Владимировка, Вячеслав Лаверновка, Игорь Банчиҥҥа, Тимур Корниловка, Иван Грязнухиҥҥа, Виталий Корниловка, Николай Худаевка, Константин Корниловка, Семен Алексеевка (Тээнэ), Федот Тектясовка (1-Нөөрүктээйи), о.д.а. бука барыларыгар махталбыт улахан.

Кыыллаахтан төрүттээхтэр дойдуларыгар саамай бэриниилээх дьон, махталларын тылынан эрэ буолбакка, чахчы дьыаланан көрдөрөллөр, итэҕэтэллэр. Ханнык даҕаны уустук түгэҥҥэ түмсэ түһэр күүстээх эбиппитин өссө төгүл итэҕэйдим. “Один звонок решает все” диэн сүбэнэн үлэлиирбит олус үчүгэй, судургу.

Гуманитарнай көмө

— Ити түмүгэр Өлүөхүмэ улууһугар төһө элбэх кээмэйдээх гуманитарнай көмө оҥоһулунна?

— Эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнай салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Е.Х.Голомареваҕа, “Биир ньыгыл Арассыыйа” эрэгийиэннээҕи толорор кэмитиэт салайааччыта С.В.Заболоцкайга, баартыйа эрэгийиэннээҕи толорор кэмитиэтин салайааччытын солбуйааччы В.А.Пестряковка, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай өйөбүл ыстаабын салайааччыта С.А.Неустроеваҕа, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайын гражданнары кытта үлэтин координатордара С.Д.Егоровка, Н.И.Старостиҥҥа, өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаап үлэһитигэр А.А.Андросовка улаханнык махтанабыт. Кинилэр баар буолан сааскы халаантан эмсэҕэлээбит Өлүөхүмэ улууһугар, ол иһигэр Кыыллаахпытыгар көмө тиһигин быспакка тиийэ турда.

Хаартыска: ааптар.

Өлүөхүмэ улууһугар гуманитарнай көмө саҕаланыаҕыттан күн сарсыҥҥытыттан Ил Түмэн дьокутааттара, министиэристибэлэр, тэрилтэлэр, урбаанньыттар, биир дойдулаахтарбыт, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо аһынан-таҥаһынан, малынан-салынан, утуйар таҥаһынан, бытовой химияҕа, генераторга тиийэ аҕалан улаханнык абыраатылар. Уопсастыбаннай ыстаап иһитиннэрбитинэн, уопсайа, 8 туоннаттан тахса ыйааһыннаах көмө барда. Былдьаһыктаах күннэргэ, нэһилиэктэри эргиччи муус төгүрүйэн турар кэмигэр бу көмө хайдахтаах курдук сыранан, сыананан, сөмөлүөттэн массыынаҕа, онтон мотуорга, салгыы тыраахтырга тиэллэн тиийбитин туһааннаах салайааччылар, миэстэтигэр таспыт, тиэрдиспит Кыыллаах баһылыга А.Г.Макаров, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта А.П.Антонов, Кыыллаах нэһилиэгин “Алгыс” сынньалаҥ киинин дириэктэрэ, нэһилиэк дьокутаата, уу саахалын туоратар хамыыһыйа чилиэнэ Л.Е.Данилова, Иван Данилов, Анатолий Корнилов, Валентин Корнилов, Алексей Грязнухин, Алексей Макаров, о.д.а. олохтоохтор эрэ билэн эрдэхтэрэ.

Аны С.А.Неустроева кэпсэтэн, буор босхо А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин туран биэрэн, аһымал кэнсиэри тэрийдибит. Саргылаана Александровна бу тэрээһин сценарийыгар, слайдыгар тиийэ иилээн-саҕалаан көмөлөстө. Бэйэлэрин сүрүн үлэлэрин таһынан биһиги кэнсиэрбитин эмиэ салайыстылар. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ (А.Н.Корякина) көрдөһүүбүтүн ылынан, аһымал аахсыйаҕа бастакынан кыттыбыта. Кэнсиэргэ кэлэн ыллаабыт Саха сирин ааттаах-суоллаах, биллэр-көстөр ырыаһыттарыгар Аскалон Павловка, Анастасия Готовцеваҕа, Амгаянаҕа, Айгылааҥҥа, Никаҕа, Евгений Прокопьевка, Петр Кулаковскайга,  Санита Айга, Анатолий Гороховка, Эрчимҥэ, FILLга, Саша Лукиҥҥа уонна Кыыллаах Арыыттан төрүттээх айар талааннаах дьоммутугар Василина Балановаҕа, Андрей Латышевка, «Кыыллаах арыы кыргыттара» ырыа ансаамбылын кэлэктиибигэр, Мария Васильеваҕа, Артур Сокорутовка уонна талба талааннаах маастарбытыгар Надежда Ивановаҕа (баайыы зонтиктар), Лия Нарахаеваҕа (кыл сэлээппэлэр) махталбыт муҥура суох. Кинилэр эрэ баар буолан аһымал кэнсиэрбит тэрилиннэҕэ.

Хаартыска: Людмила Попова.

Кыыллаах Арыыттан төрүттээх, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарынан тарҕанан олорор уонна Саха сирин дьоно туора турбакка ким төһө кыахтааҕынан көмөлөстүлэр. В.Р.Иванова (Франция) 19000 солк., Н.А.Иванова (Горнай) 15000 солк., Л.А.Габышева уонна В.С.Егомин (Өлүөхүмэ) 10000 солк., В.В.Платонов (Дьокуускай) 10000 солк., Е.М.Готовцева (Тулагы) 6000 солк., Л.Ю.Софронов (Дьокуускай), О.И.Митина (Дьокуускай), А.А., К.Д.Корниловтар, О.Н.Софронова (Дьокуускай), Е.С.Грязнухина (Дьокуускай), И.В.Грязнухина (Нам), С.В.Олесова (Дьокуускай), М.Х.Бекянова (Чурапчы), Н.Е.Корнилова (Дьокуускай) 5-тии тыһ. солк., Е.П.Нестерова (Амма), Н.К., А.А.Корниловтар 4000 солк., В.В.Потапова (Нам), З.Р.Бочкарева (Дьокуускай), Н.В.Борисова (Дьокуускай), Е.А.Свешникова (Нам), М.В.Григорьева (Дьокуускай), Руслан Михайлович О., Николай Иосифович Г., А.Н.Тихонова (Дьокуускай), А.Е.Сыромятникова (Томпо) 3-түү тыһ. солк., Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба кэллиэһин кэлэктиибэ 18 тыһ. 500 солк., Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырын кэлэктиибэ 19 тыһ. 500 солк., “ЦИКЛ” ХЭУо кэлэктиибэ 10 тыһ. солк., ИП В.В.Захаров (Тулагы) 10 тыһ.солк., Мария Романовна Ф. (2015 с. выпусктартан) 8000 солк., о.д.а. уопсайа 302 тыһ. 58 солк. харчынан көмө оҥордулар, аадырыстаан ыыттылар. О.С.Торговкина, А.Н.Григорьева, С.Р.Николаева, А.И.Сильвестрова, З.Р.Бочкарева, Е.А.Далбараева, Е.К.Павлова, Н.П.Торговкина, Т.А.Нектегяева, Л.Т.Акимова, О.Н.Софронова, В.А.Андреев, С.А.Романова, Н.В.Габышева, Н.И.Седалищева, Л.В.Корнилова, Т.Д.Яковлева, Н.Д.Поликарпова, В.Е.Тектясова, З.В.Никонова, И.А.Грязнухин, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба кэллиэһэ, 2003 с. Кыыллаах оскуолатын бүтэрбиттэр, о.д.а. харчыны таһынан сыаналаах малынан-салынан, аһынан-үөлүнэн, туттар тэрилинэн көмөлөстүлэр.

Аһымал кэнсиэрбитигэр киирбит 264 тыһ. солк. уонна көмө харчыны эбэн, хас биирдии 78 ыалга биэстии бааҥка кыраасканы ылан, уу түһэн, дьиэлэрин өрөмүөннээн, салгылатан оруобуна кырааскаланар кэмнэригэр, от ыйын бүтүүтэ бүтэһик көмөнү дойдубутугар тиийэн туттардыбыт. Манна Слепцов Александр, Константинов Никандр, Константинов Василий, Корнилов Дмитрий, Курчатов Михаил, Корнилов Виталий, Латышев Альберт, Осипов Владимир, Урканов Александр, Данилов Станислав, Корнилов Георгий, Акимов Федор, Латышев Андрей, Корнилов Е.Е. көмөлөстүлэр.

Хаартыска: Надежда Корнилова тиксэриитэ.
Хаартыскалары Надежда Корнилова тиксэрдэ

Ол иннинэ уот генератордарын, гаас плитата, ас-таҥас, о.д.а. ылан өрөспүүбүлүкэ уопсай көмөтүн кытта тэҥҥэ ыыта турбуппут. Дьон үөрэр, элбэх киһи махтанар. Күүстээх уонна эппиэтинэстээх үлэбит түмүктэннэ, баҕа санаабыт туолла. Күүс-көмө буолбут бука бары дьоҥҥо, биир дойдулаахтарбытыгар махтанабыт.

Дойдуларын муҥура суох таптыыр, аҕа саастаах көлүөнэҕэ махталлаах, күөгэйэр күннэригэр сылдьар, утуйар ууларын да умнан туран биир-биэс харчыта суох күүс-көмө буолар ыччаттардаахпытыттан үөрэбин. Уонна бу курдук кэскиллээх, уһуну-киэҥи толкуйдуур ыччаттардаах нэһилиэк хаһан да өлөн-охтон биэрбэтигэр эрэллээхпин. Инникитин даҕаны  кыыллаахтар өрүү бииргэ, кыыллаахтар өрүү тутуспутунан сылдьыаҕыҥ диэн ыҥырабын!

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

16 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago