Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр потребительскай итиэннэ ипотекаҕа кирэдьииттэригэр, иэстэригэр көрүллэр сокуоҥҥа илии баттаата. Ити туһунан РИА суруйар.
Тустаах көҕүлээһин хомуурга ыҥырыллыбыт, хантаараҕынан барбыт байыаннайдарга, ону тэҥэ, Росгвардия, ЫБММ, СВР, ФСБ, ФСО, судаарыстыбаннай харабыл, байыаннай борокуратуура, силиэстийэлиир кэмитиэт сулууспалаахтарыгар оҥоһуллубут.
Каникул болдьоҕо мобилизация, хантараах болдьоҕор тэҥнэһиэн, анал дьайыыга кыттыыттан отут күн уһуон сөп. Маныаха иэс ылааччы кирэдьиит биэрээччигэ кирэдьиит (иэс) дуогабарын устата, ол эрээри, 2023 сыл ахсынньы 31 күнүн хойутаппакка тиийэн этэрэ ирдэнэр. Бу чэпчэтиилээх бириэмэ сулууспалаах сулууспатын кэмигэр бааһыран, эчэйэн, контузияланан эбэтэр ыалдьан мэдиссиинэ тэрилтэтигэр киирэр түгэнигэр уһаан биэрэр.
Хаартыска: СИА.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…