Дойду Бэрэсидьиэнэ оскуола үөрэнээччилэрин дьиэҕэ үлэтин аҕыйатарга сорудахтаата

Share

Оскуола үөрэнээччилэрэ дьиэҕэ үлэни уонна хонтуруолунай үлэни толорууга аҕыйах бириэмэни барыахтаахтар. Бу туһунан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Этиитин түмүгүнэн сорудах биэрдэ диэн үөс сир сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэрэ сырдаталлар.  

РФ Бырабыыталыстыбатыгар “оскуола үөрэнээччилэригэр дьүөрэлэһэр, сөптөөх уонна түмүктээх үөрэх уонна иитии (уруок, уруок таһынааҕы дьарык) ноҕоруускатын” тэрийиигэ миэрэлэри ылалларыгар сорудахтаабыт.

“Оҕолорго үөрэх ноҕорууската толкуйдаммыт уонна сөптөөх буолуохтаах. Уруокка биири үөрэтэллэрэ, эксээмэҥҥэ атыны ыйыталлара табыллыбат. Үөрэх бырагыраамата уонна эксээмэн боппуруостара сөп түбэспэт буолуулара, хомойуох иһин, төрөппүттэр репетитордары наймылаһыыларыгар тириэрдэр. Маны хас биирдии киһи уйунар кыаҕа суох” – диэн Бэрэсидьиэн Федеральнай Мунньахха туһаайыытыгар эппитэ.

Дакылааты дойду баһылыга ахсынньы 1 күнүгэр диэри бэлэмнииллэригэр сорудахтаабыт, эппиэтинэстээҕинэн Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин анаммыт.

Бүгүн төрөппүттэр тустаах тиэмэни ырыталлар – ким эрэ сөпсөһөр, ким эрэ иллэҥ бириэмэлэригэр көмпүүтэргэ оонньуохтара эбэтэр уулуссаны “мээрэйдиэхтэрэ”, онно-манна түбэһиэхтэрэ диэн утарар.

What’s your Reaction?
+1
15
+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

20 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

35 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

51 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago