Салгыы
Дойду бырабыыталыстыбата быраастар хамнастарыгар анаан 10 млрд солк. ыытыаҕа

Дойду бырабыыталыстыбата быраастар хамнастарыгар анаан 10 млрд солк. ыытыаҕа

Ааптар:
21.12.2024, 14:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

2025 сылга дойду бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэринэн үлэҕэ ылыллар мэдиссинэ үлэһиттэрин хамнастарыгар 10 миллиард солкуобайы ыытыаҕа. Бу төлөбүрдэринэн 26 тыһыынчаттан тахса эмчит туһаныан сөп.

«2025 сылга субъектарынан барыта 26 тыһыынча кэриҥэ мэдиссиинэ үлэһиттэрин үлэҕэ ылар былааннанар: 11 тыһыынчаттан тахса быраас уонна 15 тыһыынчаттан тахса орто мэдиссиинэ үлэһитэ. Кинилэр хамнастарын төлөбүрдэрин толору хааччыйарга бырабыыталыстыба эрэгийиэннэринэн 10 млрд солкуобайы ыытыаҕа», — диэн дойду бырабыыталыстыбатын ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдилэр.

Бу үп-харчы булгуччулаах мэдиссиинэ страховкалааһынын территориальнай пуондаларын (ОМС)  бүдьүөттэригэр түһүөҕэ. Премьер-миниистир Михаил Мишустин көрүллүбүт үп-харчы үлэһиттэри үлэнэн хааччыйыыга уонна дойду үрдүнэн мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын тупсарыыга көмөлүөҕэ.

Бу иннинэ бэс ыйыгар Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ фитнес-кииннэринэн уонна СПА курдук кэммиэрчэскэй тэрилтэлэргэ наадыйыы үрдээбитинэн 29 тыһыынча быраас уонна 63 тыһыынча медсиэстэрэлэр тиийбэттэрин иһитиннэрбиттэрэ. Итиннэ сыһыаннан биэдэмистибэҕэ орто мэдиссиинэ үлэһиттэригэр хамнас үрдэтиитэ наадалааҕын ыйбыттара.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: