Дойду эрэгийиэннэриттэн баһаары бохсууга көмөлөһө кэллилэр

Share
Саха сиригэр ойуур баһаарын бохсууга анаан көмөлөһө 408  киһи Арассыыйа араас эргэгийиэннэриттэн көтөн кэллилэр.
Бу туһунан киин федеральнай ыстаап  мунньаҕар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ. Суһал ыстаап чахчытынан, бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 494 597,5 га иэннээх 121 ойуур баһаара буола турар. Уонна биир «ландшафтнай» дэнэр ойуур баһаара  14 га сиргэ баара биллэр. Үгүс баһаар киһи олорбот ыраах хайалаах сирдэргэ этиҥтэн сылтаан барар.

СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, баһаары бохсууга өрөспүүбүлүкэҕэ 1 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир. Ол иһигэр 600-тэн тахса авиация, 150-тан тахса киһи — ойууру харыстааһыҥҥа үлэлиир баһаарынай сулууспалар исписэлиистэрэ, 116 Арассыыйа ЫБМ үлэһиттэрэ, 85 олохтоох дьон ойуур баһаарын умулларыыга үлэлииллэр. Бүгүн кинилэргэ көмөлөһө дойду эрэгийиэннэриттэн  408 киһи эбии кэллэ. Дмитрий Садовников бэлиэтээбитинэн, өссө 100-тэн тахса киһи Сыктывкартан, Бурятияттан уонна  Забайкалье кыраайыттан кэлиэхтэрэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ ойуур баһаара өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-илин — Уус Маайа уонна Алдан оройуоннарыгар  баара биллэр. Ол эрээри уот атын сиргэ тарҕаныыта улааппакка,  балаһыанньа бу эҥэр сыыйа көнөн эрэр. Ойуур баһаара хотугулуу-илин – Орто Халыма уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар баара биллэр.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Усуйаана улууһугар булуллубут кыталык оҕотун “Орто Дойду” зоопаркаҕа аҕалыахтара

Балаҕан ыйын бүтүүтэ, тыйыс айылҕалаах Усуйаана улууһугар киһи дууһатын таарыйар түгэн буолбута – олохтоохтор Кыһыл…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан икки паром сылдьар

СӨ Тырааныспарын  министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, күн бүгүн Дьокуускай - Аллараа Бэстээх  хайысханан икки паром «Механик Курбатов»…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы 524 кыттыылааҕа доруобуйатын чөлүгэр түһэриини ааспыт

Байыаннай дьайыы 524 кыттыылааҕа уонна 512 байыаннай сулууспаах, бэтэрээн дьиэ кэргэнин чилиэнэ Ю.П.Степанов аатынан инбэлииттэр…

44 минуты ago
  • Сонуннар

Михаил Архипов: “Дириҥ билиилээҕин көрдүм”

Амма улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа, улуус Мунньаҕын дьокутаата Михаил Архипов олохтоох бэйэни салайыныы туһунан…

47 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Лебединое озеро» балеты «Бис! Браво!» хаһыынан доҕуһуоллаатылар

Алтынньы 29 күнүгэр улуу композитор Петр Чайковскай төрөөбүтэ 185 сылыгар анаммыт "Чайковский-фест" норуоттар икки ардыларынааҕы…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Жатайдааҕы техникум: «Үгэстэри харыстыыбыт, саҥаны киллэрэбит”

Алтынньы 29 күнүгэр  Жатайдааҕы техникум лиэтэпиһигэр хаалар үйэлээх түгэн буолла. Биһиги дэҥҥэ көстөр арт-эбийиэги уонна…

55 минут ago