Дойду иччитигэр ыалдьыттаабыт

Share

“Өксөкүлээх Сэйимчээн сиригэр дойду иччитин көрсүбүттээх” диэн сэһэн тарҕанан кэпсээн буола сылдьыбыттаах.

Өксөкүлээх Өлөксөй Кырбаһааҥкын атыыһыт аакка-суолга киирбит уу дьоруо улаан атын ылан, киһитэ-сүөһүтэ суох от үрэҕи батан, муораҕа түһэр санаалаах айаннаан испит. Эмискэ ыллык суола сүтэн хаалбыт. Онуоха атыттан түһэн, сиэтэн, суолун омоонун көрдөөн төҥкө­йөн иһэн эмискэ эргиллэ түһэн көрбүтэ, тэйиччи иннигэр дьахтар баран эрэр эбит. Өлөксөй атын миинээт дьахтары батыспыт. Дьахтара өҥнөөх чараас ырбаахытын синньи­гэс биилинэн үс муннук былаатынан курдуу ыга тардыммыт, уһун өрүү баттахтаах, чэпчэки баҕайытык дугунан устан эрэрдии баран испит, ситтэрбэтэх. Өлөксөй: “Бу үөн-кө­­йүүр саҕана таҥаһа тоҕо чарааһай? Чугас ыал баар буолан сырыттаҕа, батыһыахха”, — дии са­­наат атын соруйбутугар, уу дьоруо улаан ат барахсан дьигиһийэ түһэн баран, тыбыыран барылаппыт уонна дьоруотун эппит. Ити кэмҥэ били дьахтара сүтэн хаалбыт. “Хайдах баҕайыный, хараҕым иирэр дуу”, – диэн саныы-саныы баран испит, кыра сыыры өрө дабайан хатыҥынан хойуутук үүммүт чараҥы батан иһэн, дойду сиргэ сайыҥҥы туой буор сыбахтаах саха балаҕана турарын көрбүт. Киирбитэ ким да суох. Син балай да кэ­­тэспит. Оһох умайа турара үһү. Эмискэ оһох кэнниттэн хаар маҥан баттахтаах, кып-кыһыл төгүрүк сирэйдээх, барыта чараас сарыы таҥас­таах, уһун муус маҥан бытыктаах, толуу көрүҥнээх оҕонньор көстө түспүт. Кэлэн холумтан таһыгар турар талах олоппоско боччумнаахтык туттан түөһүллэн олорбут уонна суол-иис туһунан бэркэ билэр киһилии тугу да ыйыталаспакка кэпсэтэн барбыт. Өлөксөй инники айанын-суолун ыйыппытыгар, сүрдээх судургутук ыйан биэрбит. Онтон туран алтан чаанньыкка уу кутан чэй өрбүт, үс атахтаах төгүрүк мас остуолга үөлүллүбүт үрэх үрүҥ балыгын үтэһэлэри аҕалан уурбут. Өлөксөй туран тахсан бэрэмэмэдэйиттэн-өйүөтүттэн туу­йастаах арыыны, буспут эти хостообут уонна: “Бу чиэски сир ытык кырдьаҕаһын күндүлүөххэ”, — дии санаан суолга наада буолуо диэн илдьэ сылдьар бааҥкалаах испиириттэн куруускаҕа кутан киллэрбит. Оҕонньоро сүрдээҕин үөрбүттүү туттубут. Аһаабыттар. Ортолуу аһыы олорон оҕонньоро эппит: “Өлөксөй, эн аатыҥ-суолуҥ аллаах ат сиппэтинэн аартык бөҕөтүн кэрийэ оҕус көлөлүү айаатаата, ат-сылгы буолан кистээтэ, ат көлө буолан тоҕус томтор­доох суо-аартыгы бата сураҕырда, ол иһин дорҕоонноох добун аартык сэттэ сэлэлээх сиэллээх ыллыктара силбэһэр сирдэригэр анаан-минээн көрсөөрү олоробун. Онон дьэ, ытык ыччатыам, биир эмэ ырыата ыллаан иһитиннэр эрэ”, — диир.

Кыратык чэпчээбит Өлөк­сөй, бэйэтин төһө да үчүгэй ырыаһытынан санамматар, сөбүлэһэн Дьүлэй Бүөкээн “аан дойду айыллыбытын” туһунан ырыатыттан ыл­­лаан киирэн барбыт. Тоҕо эрэ ис-иһиттэн ыллыах-туойуох санаата киирэн кэлбит. Кини өр ыҥыырга олорон көхсө сааллан бардаҕына, ырыа ыллаан аһарынар үгэстээҕэ. Оҕонньор сотору-сотору “ноолуура” үһү. Уонна: “Ноо, өссө хайдах­таах этэй?” — диэмэх­тээбит. Ол аайы тэптэн ыл­­лаан испит. Эмискэ оҕонньоро сүр чэпчэкитик тура биэрээт, оһоҕун диэки баран эрэр курдуга үһү да, суох буолан хаалбыт. Өлөксөй туох-хайдах буол­бутун өйдөөбөт турукка киирбит… Арай, өйдөнөн кэлбитэ, дьиэтэ-уота ханна да суох, ата “атах тардылла” баайыллан аһыы сылдьар. Ыҥыыра-буутайа хатыҥ төрдүгэр куурда уурбута уурбутунан, бэрэмэдэйин тиһигэ да сүөрүллүбэккэ сытара үһү. Сөҕүү бөҕөнү сөҕөн: “Хайдах буолбут бэйэбиний?” – диэн санааҕа түспүт. Күнэ киэһэрэн, аллара санньыйан кытаран эрэр эбит: “Дьэ, буолар да эбит, хайдах баҕайыный? Ама, ыалдьыам дуо?” — дии санаабыт. “Үрэх баһа, сир туймуута буоллаҕа. Хонон сири-дойдуну аһатар инибин, сынньанан барыыһыбын”, — диэн уу баһан, уот оттон хоммут сирин-дойдутун аһаппыт. Түһээн оҕонньорун көрсөн кэпсэппит: “Дьэ, Өлөксөй оҕоо, сир-дойду улуу аартык­тарын ары­йыаххын-арҕарыаххын сөп эбиккин. Айан-сырыы абылаҥнаах буолар, ол эрээри эн онно ордук-хоһу туттубат буол. Туох барыта бу орто дойдуга айыллыбыт кэмнээх-кэрдиистээх буоларын хаһан да буоллар умнума. Биһиги ханна буруо кыыма тахсар да барытыгар баарбыт. Барытын билэ-көрө олоробут. Эн ханна да сырыт-хон. Анаан бастаан кыым саҕан уот оттор сиргэр уоккун аһатар буолаар”, — диэбит.

Өлөксөй Дьааҥытыгар сылтан ордук сылдьан баран дойдутугар этэҥҥэ эргиллибит. Бу “ыалдьыттааһын” кэнниттэн Өксөкүлээх Өлөксөй ыраах айаҥҥа сылдьан, аара хонон, сынньанан ааһарга сир-дойду иччитин хайаан да күндүлэ­ниэхтээх, аал уоту аһатыллыах­таах эбит диэн өйдөөтөҕө.

Лөгөнтөй Сото.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

11 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago