Дойду ситимэ
Быйыл Өймөкөөн улууһугар буолан ааспыт Олоҥхо ыһыаҕар Өймөкөөн улууһун хас биирдии олохтооҕо туох кыалларынан кыттыһан, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин дьон-сэргэ санаатыгар умнуллубаттык ааста.
Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, төһө да дойдуларыттан ыраах олордоллор, күн бүгүҥҥэ диэри тэйбэккэ, сүбэ-ама эрэ биэрбэккэ, тус бэйэлэринэн дойдуларын олоҕунан олорор дьон кылааттарын киллэрбиттэрэ буолар. Кинилэртэн биирдэстэрэ — Горнай улууһун Бэрдьигэстээх олохтооҕо, Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгиттэн төрүттээх, СӨ ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын маастара, Горнай улууһунааҕы уонна СӨ норуотун маастара Татьяна Константинова-Аммосова.
Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтин ааптара
Татьяна Гаврильевна Өймөкөөнтөн төрүттээх биир дойдулаахтар түмсүүлэрин көхтөөх киһитэ. Кини дойдутун араас тэрээһиннэригэр куоракка кэлэн анаан кыттар. Олоҥхо ыһыаҕа ыһылларын истээт, биир бастакынан кыттыыны ыларга, тугунан эмэ көмөлөһөргө санаммыта. Онон улууска Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтин (эмблематын) оҥоруу туһунан биллэрбиттэригэр, биир бастакынан кыттыбыта уонна кыайыылааҕынан тахсыбыта. Татьяна Константинова-Аммосова быйыл Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын логотибын ааптарынан буолар.
Татьяна Гаврильевна бэлиэ ис хоһоонун туһунан санаатын маннык үллэстэр:
— Олоҥхо ыһыаҕын тосхоло сэттэ идиэйэттэн турар этэ. Онтон сүрүннэрэ — айылҕа харыстабыла, экология тиэмэтэ. Ол иһин суолталаах бэлиэ сүрүн ис хоһоонун — айылҕаҕа буола турар уларыйыы, хамсааһын, олох эргиирин көрдөрөргө санаммытым. Онон бу бэлиэ Өймөкөөҥҥө ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын сэттэ тосхолун сүрүн идиэйэтин толору арыйар. Айылҕа уларыйыытын түөрт кэмэ — киһи аймах Ийэ айылҕаны ыкса сибээһин бэлиэтэ, ситимэ. Ортоку — аҕыс салаалаах Улуу Тиит Аал Луук Мас. Силигилии турар айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа ыҥырар логотибы Уус Ньаратааҕы Култуура дьиэтин худуоһунньуга Юлия Попова ойууга таҥмыта. Мин айылҕа түөрт кэмин олбоххо ойуулааһын ааптарынан буолабын. Аны санаатахха, бу үлэбит наһаа үчүгэй дириҥ ис хоһоонноох эбит. Үгүс киһи ону бэлиэтии көрөн, санааларын эппиттэрэ. Биэс харахтаах харысхал дьыл эргиирэ, хас биирдии дьыл кэмигэр үстүү ый (харысхал муннуктара) ортотугар халлааҥҥа харбаспыт, үүнүүгэ-сайдыыга дьулуспут, Сахабыт сирин ытык буорун сөбүлээн үүнэр Аар тиитин курдук бөҕө-таҕа силистээх, томороон тымныыларга тоһуттубат кытаанах умнастаах, ханныктаах да дьыбарга-хаһыҥҥа хагдарыйбат хойуу да хойуу күөх лабаалардаах Аал Луук Мас турара харысхал ис хоһоонун дириҥэтэр, көстүүтүн тупсарар.
Олоҥхо ыһыахтарыгар бастакынан
Маны таһынан, Татьяна Константинова-Аммосова төрөөбүт дойдутугар Олоҥхо ыһыаҕар үйэлэргэ хаалар үлэлэри оҥорон бэлэх уунна. Ол курдук, биир улахан үлэтэ — биэ сулара, көнтөһө уонна убаһа сулара (кулун көҕөнө).
Бу үлэтин туһунан норуот маастара маннык кэпсиир:
— Көнтөс оҥоруутун бастаан саҕалыырбытыгар улуус култуураҕа отделын салайааччытын солбуйааччы Мария Максимова тыл көтөҕөн үлэбитин саҕалаабыппыт. Бачча улахан үлэни ылсарга бөлөх дьоно олох биир тыынынан түһүммүппүт. Үлэ саҥа көрүҥэ буолан, билбэппит элбэх этэ. Түмэллэртэн, литератураны хасыһан, норуот маастардарыттан сүбэлэтэн, үлэлээбиппит. Оҥорон саҕалаан иһэн, Уус Алдантан норуот маастарын Мария Петрованы сүбэһит быһыытынан бөлөхпүтүгэр киллэрэн, сүбэтин истэн, билиибитин эбинэн, үлэбит толору силигин сиппитэ. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыахтарыгар бастакынан сэлэҕэ сулардаах кулуну баайан, Күн көрсүүтүн сиэригэр-туомугар көрдөрдүбүт.
Симиир иһит — дойду тыына
Аны Татьяна Константи-нова-Аммосова сахалыы былыргы төрүт тиэхиньикэни тутуһан кымыс кутарга аналлаах ынах тириититтэн симиир иһит оҥордо. Бу иһит эмиэ Олоҥхо ыһыаҕар сүрүн миэстэни ылла. Бу тэрили оҥороору, Татьяна Гаврильевна дойдутуттан кунан оҕус тириитин сакаастаан ылларан, ону имитэн, анаан кымыс кутар иһити былыргылыы ньыманан оҥоруута — атын улуустарга холобур. Алгыска туттуллар Тойон айах, Кэриим айах, Айах тутар энньэ чорооннору, Саар ыаҕайалары Өймөкөөн улууһун, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын араас сылга бүтэрбиттэри уонна улуус аатырбыт дьонун сыдьааннарын кытта үлэлэһии (маастардары кытта кэпсэтии, харчы хомуйуута, куораттан тиэйэн аҕалыы) эмиэ кини кыттыылаах барбыта.
Үрдүк ааты дойдутугар
Горнай улууһун Бэрдьигэстээх с. олохтооҕо, СӨ ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын маастара, Горнай улууһунааҕы норуот маастара Татьяна Константинова-Аммосова кэргэнин төрөөбүт дойдутугар олохсуйан, онно силиһин тардан, Горнай — иккис дойдута. Кини манна айылҕаттан бэриллибит талаанын
сайыннаран, ускуустуба маастарыгар тиийэ үүннэ. Кини үлэлэрэ араас өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаларга өрүү Горнай улууһун чиэһин көмүскүүллэр. Онон Татьяна Гаврильевнаҕа Үөһээҥҥи Айыылар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара» үрдүк ааты төрөөбүт дойдутугар Олоҥхо ыһыаҕар туттаралларын түстээтилэр. “Симэх” галерея салайааччыта Яна Игнатьева айар куттаах дьон ортотугар Татьяна Константиноваҕа-Аммосоваҕа суолталаах бэлиэни туттарбытын Өймөкөөн патриота олоҕун биир чаҕылхай өйдөбүлүнэн ааҕар.
Дойдутун туһугар
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Татьяна Константинова-Аммосова кэпсэтиибитин маннык түмүктээтэ:
— Дойдум дьоно өр кэмнээх сүүрүүлээх-көтүүлээх үлэлэрин ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустубут ыалдьыттар олус үрдүктүк сыаналаан үөрүү-көтүү аргыстанан, астынан бардылар. Өймөкөөммүт сирэ-уота онуоха сылаас тыынынан кууһан, чаҕылыччы тыгар күн суһумунан сылаанньытта. Икки күннээх «дирбиэн-дарбаан» күннэр үөрүү-көтүү үктэлинэн, бар дьон үөрүүтүнэн кынаттанан, аар-саарга аатыран, кэпсээҥҥэ-номоххо киирдилэр. Ыһыах үрдүк таһымҥа ыһылларын туһугар утуйар ууларын, аһыыр астарын умнан туран сүүрбүт-көппүт дойдум дьонугар истиҥ махталбын тиэрдэбин. Сааскы научнай-практическай кэмпириэнсийэ бу ыһыах чаҕылхайдык ааһарыгар суолу аспыта. Онно үгүс киһи «аны сайын ыһыахха хайаан даҕаны кэлиэхпит. Маннык тэрээһиннээх дьон Олоҥхо ыһыаҕын да уратытык ыытаргыт чахчы” диэн барбыттара. Дойдубут барахсан сайыҥҥы айылҕатын көрөн баран, дууһалыын сырдаатылар. Чысхаан резиденциятыгар сылдьан, «Өймөкөөҥҥө, дьэ кырдьык, тымныы чыпчаала хайа хаспаҕар хараллан сытар эбит, сайын ортото кыһыммытыгар төннө сырыттыбыт» диэн соһуйан аҕай тахсыбыттара.
Горнай улууһун дэлэгээссийэтин “Сахаэнерго” тэрилтэ үлэһиттэрэ минньигэс астаах сандалынан күндүлээн, икки күнү быһа босхо аһата, биһигини бэйэлэрин хаан-уруу аймахтарын курдук көрө-истэ сырыттылар. Улууспут салайааччыта Никита Андреев улууһун дьону аатыттан махтал истиҥ тылларын эттэ.
…Ити курдук, Татьяна Константинова-Аммосова төрөөбүт Өймөкөөнүн патриота буолан, ис дууһатыттан дойдутун туһугар сүүрэн-көтөн, иккис дойду оҥостубут Горнайын дьонуттан “үтүөкэннээх да дойдулаах эбиккин” диэн күннэтэ махтал тылларын истэр уонна “ити тыллартан ордук наҕараада миэхэ суох” диэн киэн тутта этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: