Дойду Үөрэҕириитин министиэристибэтэ педагогическай үрдүк үөрэхтэр устудьуоннарыгар анал истипиэндьийэлэри олохтоон эрэр

Дойду Үөрэҕириитин министиэристибэтэ педагогическай үрдүк үөрэхтэр устудьуоннарыгар анал истипиэндьийэлэри олохтоон эрэр

24.01.2025, 14:25
Хаартыска: pxhere.com/ru
Бөлөххө киир:

Дойду Үөрэҕириитин министиэристибэтэ педагогическай хайысхалаах үрдүк үөрэхтэр устудьуоннарыгар анал истипиэндьийэлэри олохтоон эрэр. Истипиэндьийэ талааннаах ыччаты өйүүргэ, педагог буолуохтаах эдэр дьону көҕүлүүргэ  уонна учуутал идэтин аатын-суолун үрдэтэргэ туһаайыллар. Бу туһунан дойду Үөрэҕириитин министиэристибэтин саайтыгар суруйаллар.

“Саҥа үөрэх дьылыттан дойду үрдүк үөрэҕин бары кыһаларын педагогическай хайысхатын устудьуоннара үөрэххэ ураты ситиһиилэрин иһин анал истипиэндьийэни ылыахтарын сөп. Бу учуутал идэтин аатын-суолун үрдэтэргэ уонна талааннаах эдэр исписэлиистэри үөрэх эйгэтигэр сыһыарарга дьоһуннаах хардыынан буолуоҕа. Истипиэдьийэни үрдүк билиилээх уонна педагогика билимигэр ситиһиилээх устудьуоннарга аныахтара” – диэн РФ Үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов бэлиэтиир.

Анал истипиэндьийэлэри Арассыыйа үөрэҕин уһулуччулаах диэйэтэлллэрэ А.С.Макаренко, В.А.Сухомлинскай, К.Д.Ушинскай, Л.С.Выготскай, Н.М.Карамзин аатынан олохтоотулар.

Истипиэндьийэлэри бу 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн сыллата куонкурус түмүгүнэн туттарыахтара. Докумуону тутууну бу сыл сайыныттан саҕалыахтара. Кээмэйэ 15 тыһ. солк. Куонкурус хамыыһыйата биэс истипиэндьийэ аайы уоннуу устудьуону талыаҕа диэн суруйаллар. Сиһилии манна ааҕыҥ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 марта
  • -33°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: