Салгыы
«Дойду үрдүкү наҕараадатынан бэлиэтэммит Саха сирин быраастара» электроннай кинигэ таҕыста

«Дойду үрдүкү наҕараадатынан бэлиэтэммит Саха сирин быраастара» электроннай кинигэ таҕыста

13.12.2023, 13:00
Хаартыска; В.Николаев
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Валериан  Парфеньевич Николаев «Врачи Якутии, удостоенные высшей награды родины» диэн электроннай кинигэтэ нууччалыы тылынан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин электроннай издательствотыгар таҥыллан таҕыста.

Ыраахтааҕылаах Арассыыйа уһук, хаалыылаах муннуга — Саха сирэ бэйэтин наҕараадата суоҕа. Ол иһин, үлэлэригэр бэриниилээх, сулууспаларыгар ситиһиилээх чунуобунньуктар, сулууспалаахтар Арассыыйа империятын араас наҕараадаларынан бэлиэтэнэллэрэ. Ол курдук саха биир бастакы бырааһа, дойдутугар эргиллэн Чурапчыга 17 сыл эҥкилэ суох үлэлээбит, онно балыыһа туттарбыт П.Н. Сокольников Сибэтиэй Станислав III истиэпэннээх уонна Сибэтиэй Анна III истиэпэннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыта.
Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ Саха сирин ситэриилээх кэмитиэтин 1927 с. бэс ыйын 6 күнүнээҕи уурааҕынан 38 сыл устата биэлсэринэн үлэлээбит Матвей Николаевич Шамаевка биир бастакынан Үлэ Дьоруойун бочуоттаах аата иҥэриллибитэ.
Саха АССР 15 сылынан олохтоммут оччотооҕу өрөспүүбүлүкэ үрдүк наҕараадатынан — «XV лет SASSR» бэлиэнэн эмп 47 үлэһитэ наҕараадаламмыта.
Сэбиэскэй Сойууска дойду үрдүкү наҕараадатынан Ленин уордьана буолара. «Дойду үрдүкү наҕараадатынан бэлиэммит Саха сирин быраастара» электроннай кинигэҕэ таһаарыылаах, бэриниилээх үлэлэрин иһин Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт 14 быраас туһунан суруллубут: Андрианов В.Е., Владимирцев А.И., Горицкий П.П., Гурьев Д.А., Егоров Я.П., Кузнецов К.Г., Любимов П.В., Мигалкин С.О., Неустроева В.М., Потапов А.Г., Томский Г.И., Федоров Е.Г.
Бу 14 араас идэлээх быраастан үгүстэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитин фроннарыгар байыаннай быраастарынан, ыраах тыылга учаастак быраастарынан, хирурдарынан сыралаахтык үлэлээбиттэрэ, кыайыыга кырата суох кылааттарын киллэрбиттэрэ.
«Сэрии сылларыгар Александра Михайловна олоҕор, үлэтигэр киһиэхэ эйэлээх кэмҥэ уонча да сыл устатыгар тиксибэт ыарахаттары туораабыта, инчэҕэй эттээх тулуйбатын тулуйбута, этэ-сиинэ, санаата бөҕөргөөбүтэ», — диэн кинигэ биир ахтыытыгар суруллубут. Бу 1942-1947 сс. Орто Бүлүү Хампа учаастагын бырааһа, Ленин уордьанын кавалера Александра Михайловна Неустроева туһунан.
Оччолорго кинилэр ытыктанар, үрдүк таһымнаах, үгүс үөрүйэхтээх быраастар этилэрэ. Кинилэринэн киэн тутталлара. Билигин кинилэр биһиги ортобутугар суохтар. Устуоруйа лииһин быһа тардан ылан бырахпаккын. Кинилэр – Ленин уордьанын кавалердара бэйэлэрин үлэлэринэн өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүгү хаалларбыттара, онон хайа да кэмҥэ умнуллубаттар.
«Дойду үрдүкү наҕараадатынан бэлиэммит Саха сирин быраастара» электроннай кинигэҕэ 14 Ленин уордьанын кавалердарын толору биографиялара, кинилэр тустарынан ахтыылар киирбиттэр. Хаартыскалартан таҥыллыбыт сыһыарыылаах. Кинигэ 124 страницаттан турар.
Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт. Билиҥҥи кэм ирдбилинэн оҕону, ыччаты патриотическай иитиигэ туттуллар биир туһалаах пособие буолуон сөп.
Кинигэни СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин электроннай бибилэтиэкэтин сайтыгар киирэн булуохха, ааҕыахха сөп.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: