«Дойду үрдүнэн маннык бэлиэ баара-суоҕа 400 этэ»

«Дойду үрдүнэн маннык бэлиэ баара-суоҕа 400 этэ»

Ааптар:
16.05.2024, 11:01
Хаартыска: v1.ru
Бөлөххө киир:

Волгоград анныгар Саха сириттэн буойун уҥуоҕун уонна сэдэх түөскэ кэтиллэр бэлиэни буллулар.

Волгоградскай уобалас Городищенскай оройуонугар улахан эспэдииссийэ кэмигэр саха буойун уҥуоҕун, ону кытта «Саха АССР 15 сыла» түөскэ кэтиллэр сэдэх бэлиэни буллулар. Бу бэлиэнэн ССРС үрдүнэн 400-тэн тахса эрэ киһи наҕараадаламмыта биллэр диэн v1.ru суруйар.

Сыл ахсын ыытыллар «Вахта памяти» эспэдииссийэ муус устар 25 күнүттэн ыам ыйын 7 күнүгэр диэри үлэлээбитэ. Эспэдииссийэҕэ дойду 12 эрэгийиэниттэн барыта 425 киһи араас көрдүүр хамсааһыннартан кыттыбыта. Тэрээһин кэмигэр Кузьмичи бөһүөлэк аттыгар 148 буойун уҥуохтарын, ол иһигэр Саха сириттэн сэдэх түөскэ кэтиллэр бэлиэлээх байыас уҥуоҕа булуллубуттар.

Билигин архыып көмөтүнэн байыас аймахтарын буларга  аатын-суолун чинчийэллэр.

«Бу 1942 сыл балаҕан ыйынааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи көмүү. Биһиги байыас 41-с гвардейскай стрелковай дивизия 10-с парашютнай полка байыаһа буоларын сабаҕалыыбыт. Биһиэхэ бу олус сэдэх уонна сыаналаах булумньу, — диэн эспэдииссийэ чилиэттэрэ кэпсээтилэр.

Тэрээһин кэмигэр байыастар туттубут малларын, докумуоннарын булан эспэртииһэҕэ ыыттылар.

«XV лет SASSR»  («Саха АССР 15 сыла») наҕараада 1937 сыллаахха тэриллибитэ. Бу бэлиэнэн стахановецтар, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһун уонна бөҕөргөтүү иһин ураты өҥөлөрүн, Социалистическай тутуу үлэтигэр ситиһиилэрин, ону тэҥэ Саха АССР билимин уонна култууратын диэйэтэллэрэ наҕараадаламмыттара. 300 үрүҥ көмүс бэлиэ бастакы тираһа 1938 сылга алтынньыга оҥоһуллубуттара. Оттон эбии 150 бэлиэ 1941 сыл ыам ыйыгар Лениградтааҕы монетнай дворга кутуллубуттара. Наҕараадалааһын 1945 сылга диэри ыытыллыбыта биллэр. Бу бэлиэнэн барыта 447 киһи наҕараадаламмыт.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: