Волгоград анныгар Саха сириттэн буойун уҥуоҕун уонна сэдэх түөскэ кэтиллэр бэлиэни буллулар.
Волгоградскай уобалас Городищенскай оройуонугар улахан эспэдииссийэ кэмигэр саха буойун уҥуоҕун, ону кытта «Саха АССР 15 сыла» түөскэ кэтиллэр сэдэх бэлиэни буллулар. Бу бэлиэнэн ССРС үрдүнэн 400-тэн тахса эрэ киһи наҕараадаламмыта биллэр диэн v1.ru суруйар.
Сыл ахсын ыытыллар «Вахта памяти» эспэдииссийэ муус устар 25 күнүттэн ыам ыйын 7 күнүгэр диэри үлэлээбитэ. Эспэдииссийэҕэ дойду 12 эрэгийиэниттэн барыта 425 киһи араас көрдүүр хамсааһыннартан кыттыбыта. Тэрээһин кэмигэр Кузьмичи бөһүөлэк аттыгар 148 буойун уҥуохтарын, ол иһигэр Саха сириттэн сэдэх түөскэ кэтиллэр бэлиэлээх байыас уҥуоҕа булуллубуттар.
Билигин архыып көмөтүнэн байыас аймахтарын буларга аатын-суолун чинчийэллэр.
«Бу 1942 сыл балаҕан ыйынааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи көмүү. Биһиги байыас 41-с гвардейскай стрелковай дивизия 10-с парашютнай полка байыаһа буоларын сабаҕалыыбыт. Биһиэхэ бу олус сэдэх уонна сыаналаах булумньу, — диэн эспэдииссийэ чилиэттэрэ кэпсээтилэр.
Тэрээһин кэмигэр байыастар туттубут малларын, докумуоннарын булан эспэртииһэҕэ ыыттылар.
«XV лет SASSR» («Саха АССР 15 сыла») наҕараада 1937 сыллаахха тэриллибитэ. Бу бэлиэнэн стахановецтар, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһун уонна бөҕөргөтүү иһин ураты өҥөлөрүн, Социалистическай тутуу үлэтигэр ситиһиилэрин, ону тэҥэ Саха АССР билимин уонна култууратын диэйэтэллэрэ наҕараадаламмыттара. 300 үрүҥ көмүс бэлиэ бастакы тираһа 1938 сылга алтынньыга оҥоһуллубуттара. Оттон эбии 150 бэлиэ 1941 сыл ыам ыйыгар Лениградтааҕы монетнай дворга кутуллубуттара. Наҕараадалааһын 1945 сылга диэри ыытыллыбыта биллэр. Бу бэлиэнэн барыта 447 киһи наҕараадаламмыт.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…