Дойдубут Арктикатааҕы эрэгийиэнигэр олорор дьон судаарыстыба өйөбүлүнэн туһаныахтаахтар
Социальнай бэлиитикэ хаһан баҕарар тумус тутуллар. Ол да иһин, соторутааҕыта РФ Судаарыстыбаннай Дууматын үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин “Төгүрүк остуола” ыытыллыбыта. “Уһук Илиҥҥэ үлэ уонна нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин эйгэтигэр сокуоннаһы тупсарар туһунан” диэн тиэмэҕэ анаммыта.
Мунньаҕы РФ Судаарыстыбаннай Дууматын үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Цунаева арыйбыта. Кини Дьокуускайга кэлбит кэмитиэт чилиэннэрин кытта арыаллаан, мөлтөх доруобуйалаах оҕолору уонна обургу оҕолору чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ, оҕону иитэ ылбыт ыалларга сылдьыбыттарын аҕынна. Елена Цунаева эрэгийиэн салалтата нэһилиэнньэ көмүскэлэ суох араҥатыгар ураты эппиэтинэстээх сыһыаннааҕын бэлиэтээтэ.
Киирии тылы СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко эттилэр.
Саха сирин парламенын спикерэ Алексей Еремеев Саха Өрөспүүбүлүкэтин араас оройуоннара бэйэ-бэйэлэриттэн килиимэттэринэн уонна да атын чахчыларынан уратылаһалларын, онон кинилэргэ чопчу сыһыан ирдэнэрин бэлиэтээтэ. Нэһилиэнньэ үлэлээх буолуута, бүддьүөт үлэһиттэригэр уонна атын категорияларга ботуччу хамнас, Уһук Хоту дойду уонна Арктика оройуоннарын олохтоохторун биэнсийэнэн хааччыйыы, биэнсийэлээхтэр уонна инбэлииттэр олохторун уйгутун үрдэтии курдук сытыы тиэмэлэр бааллар. “Хоту дойдуга, дойдубут Арктикатааҕы эрэгийиэнигэр олорор дьон судаарыстыба өйөбүлүн билиэхтээхтэр уонна туһаныахтаахтар”, — диэн Алексей Еремеев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
СӨ премьер-миниистирэ Андрей Тарасенко РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутааттарыгар Саха сирин социальнай көҕүлээһиннэрин өйүүллэрин иһин махтанна. Кини ону тэҥэ РФ Бэрэсидьиэнигэр уонна РФ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэригэр хамсык кэмигэр суһал быһаарыылары ылыммыттарын иһин махтанна.
Андрей Тарасенко өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох ыаллары өйүүрүн, дьиэ-уот бырагыраамалара, нолуокка кубуоталар киирэллэрин эттэ. 2022 сыл Саха сиригэр Ийэ сылынан биллэриллэн, бу чэрчитинэн ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйүүр эбии миэрэлэр ылыллаллар, “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал олохтонно. Сотору кэминэн элбэх оҕолоох ыалга сир учаастагын толуйар туһунан эрэгийиэн сокуонун бырайыага киллэриллиэҕэ. Бүгүн байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр сорук турар. Эрэгийиэн баһылыгын бу категорияны өйүүр туһунан ыйааҕа ылылынна.
Видеокэмпириэнсийэ сибээһинэн РФ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Андрей Пудов, РФ Биэнсийэҕэ пуондатын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин э.т. Сергей Чирков тыл эттилэр. Андрей Пудов Биэнсийэ пуондатын уонна РФ Социальнай страховкалааһыҥҥа пуондатын холбооһун туһунан кэпсээтэ. Сергей Чирков оҕолоох ыалларга социальнай төлөбүрдэр тустарынан.
Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров “Дьон дьарыктаах буолууларын боппуруоһун сокуонунан сүрүннээһин уонна ыарахан суоллаах-иистээх сирдэргэ олорор үлэтэ суохтар интэриэстэрин көмүскээһин” тиэмэҕэ дакылааты оҥордо. Ил Түмэн дьокутаата, сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Уһук Хоту дойдуга тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин биэнсийэнэн хааччыйыыга тыл эттэ.
Владимир Чичигинаров “Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун туһунан” РФ Сокуона гражданин олохтоммут бэрээдэгинэн үлэтэ суох буолуутун билинэргэ бэйэтэ кэлэрин ирдиирин бэлиэтээтэ. Маныаха уустук суоллаах-иистээх дойду олохтоохторо дьарыктаах буолуу сулууспатыгар кэлэр туһугар тырааныспарка ороскуоту көрсөллөр, ити босуобуйатааҕар хас эмэ төгүл ыарахан. Оттон суол хаалар кэмигэр үлэтэ суох быһыытынан олох да кыайан регистрацияланар кыахтара суох буолар. Холобура, өрөспүүбүлүкэҕэ ыйга ортотунан гражданнар 45 % тустаах сулууспаҕа уһуннук кэлбэтэхтэринэн регистрациялыыр учуоттан уһуллар. Онон сибээстээн, Саха сирин парламена “Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун туһунан” РФ Сокуонугар дьарыктаах буолуу сулууспатыгар гражданнары регистрациялааһыны, хаттаан регистрациялааһыны тэйиччиттэн көрүҥүнэн ыытарга этии киллэрэр. Иккиһинэн, бу сокуоҥҥа олоҕуран, урбаан үлэтин тохтоппут дьоҥҥо үлэтэ суох буолуу босуобуйата үлэтэ суох буолуу босуобуйатын алын кээмэйинэн олохтонор. Онон урбаан үлэтин тохтоппут дьон көмүскэлин сүрүннүүргэ бу категорияҕа босуобуйа муҥутуур кээмэйин биэрэргэ диэн этилиннэ. Чичигинаров үсүһүнэн бэлиэтииринэн, Уһук Хоту дойдуга уонна итиннэ тэҥнэммит сирдэргэ сынньалаҥ миэстэтигэр диэри айан ороскуотун бүддьүөккэ сыһыана суох тэрилтэлэргэ кэлэктииптэр дуогабардарынан, үлэ дуогабардарынан олохтонор. Ол эрээри тэрилтэлэр үп-экэниэмикэ өттүнэн туруктарыттан сылтаан дьоҕус уонна орто урбаан тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ манан кыайан туһамматтар.
Норуот дьокутаата Елена Голомарева Уһук Хоту дойдуга олорор аҕам саастаах дьону өйүүр туһуттан бу Уһук Хоту дойду оройуонугар олорор дьон страховой биэнсийэлэригэр үрдэтиллибит фиксированнай төлөбүр олохтонор дьон саастарын 80-тан 75 диэри аччатарга этии киллэрдэ. Елена Голомарева Уһук Хоту дойду усулуобуйатыгар үлэлиир тыа сирин дьонун өйүүргэ Саха сирин парламена хоту дойду олохтоохторугар биэнсийэҕэ тахсыыга ыстааһы 30 сылтан 25 сылга диэри аччатарга этии киллэрэрин эттэ.
Үсүһүнэн, төрүт дьарыктары өйүүргэ уонна Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын биэнсийэҕэ бырааптарын тутуһууга “Булт” уонна “балыктааһын” курдук үгэс буолбут үлэ көрүҥнэрин тыа хаһаайыстыбатын ыстааһын иһин фиксированнай үрдэтиллибит төлөбүр олохтонор идэлэр испииһэктэригэр киллэрэргэ этилиннэ. Булдунан уонна балыктааһынынан аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрэ дьарыктаналлар эрээри, бу идэлэр тустаах испииһэккэ киирбэтэхтэр. Онон бу испииһэги кэҥэтэр туһунан этии киллэрэллэр.
Маны сэргэ Елена Голомарева бэтэринээринэрийэ управлениеларын (ветлабораториялар уонна ветучаастактар) үлэһиттэригэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсыыларын көрөргө этии киллэрдэ, тоҕо диэтэххэ, кинилэр доруобуйаҕа буортута суох аһылыгынан хааччыйар исписэлиистэринэн буолаллар уонна нэһилиэнньэ чэгиэн туругун харыстаан, ыарыылартан, эпидемиялартан араҥаччылыыллар.
Инбэлииттэр олохторо тупсуохтаах
СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова инбэлииттэр олохторун хаачыстыбатын үрдэтэр туһуттан сокуоннаһы тупсарар үлэлэр тустарынан кэпсээтэ. Кини этэринэн, билигин Саха сиригэр 56 тыһ тахса инбэлиит олорор, итинтэн 6 тыһ тахсата оҕо. Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ сокуоннарынан инбэлииттэри (инбэлиит-оҕолору) чөлүгэр түһэриигэ эбии техническэй тэриллэринэн хааччыйыы, кинилэргэ өрөспүүбүлүкэ чөлүгэр түһэрэр кииннэригэр уонна идэтийбит үөрэх тэрилтэлэригэр айаннарын төлөбүрэ олохтоммут. Харахтарынан кыайан көрбөт инбэлииттэргэ ОДьКХ төлөбүрүгэр ый аайы харчынан төлөбүр бэриллэр. Диализка сылдьар инбэлииттэри эмиэ өйүүллэр. Ый аайы кинилэргэ диализка баралларыгар 3 тыһ солк. кээмэйдээх төлөбүр көрүллэр. Уопсайынан, Саха сиригэр инбэлииттэри өйүүргэ үгүс үлэ ыытыллар. Елена Волкова инбэлииттэри санаторийынан хааччыйыыга тохтоото. Бүгүн санаторийга-куруорка сынньанар быраабынан 41253 киһи туһаныахтаах. Билигин санаторийга сынньанарга 5740 киһи уочаракка турар.
2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр туһаныллар нормативтан 117,6 мөл солк. көрүллүбүт. Маныаха инбэлиит-оҕолору уонна бастакы группалаах инбэлииттэри арыаллааһыҥҥа ороскуоттар уонна сөмөлүөтүнэн көтүүгэ көрүллүбэтэхтэр. Онон эрэгийиэннээҕи министиэристибэ арыаллааччылар ороскуоттарын учуоттуурга этии киллэрэр.
Дьэ, ити курдук, “Төгүрүк остуолга” социальнай суолталаах кэпсэтиилэр буоллулар.
Ил Түмэн саайтыттан
Хаартыскаҕа: “Төгүрүк остуол” кэмигэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: