Дойдубут экэниэмикэтэ чөл туруктаах
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу нэдиэлэҕэ экэниэмикэ боппуруостарыгар бырабыыталыстыбаны кытары мунньах ыытта. Кини бэлиэтииринэн, Арассыыйа экэниэмикэтэ атын дойдулардааҕар чөл туруктаах.
Владимир Путин бэлиэтииринэн, дойдубут экэниэмикэтин сайдыытын көрдөрүүтэ атын дойдулары кытары тэҥнээтэххэ үчүгэй. Холобур, былырыын аан дойду экэниэмикэтин орто көрдөрүүтэ – 3 бырыһыан, оттон экэниэмикэлэринэн сайдыылаах дойдулар – 1,5 бырыһыан үрдээбит буоллахтарына, Арассыыйаҕа бу көрдөрүү сыл түмүгүнэн 3,6 бырыһыан тэҥнэспит.
— Бу көрдөрүү, бастатан туран, биһиги бэйэбит ис экэниэмикэбит сайдыытыттан тутулуктаах. Былырыыҥҥы сылы ылан көрдөххө, холобур, бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыбыт 3,5 бырыһыанынан үрдээбит, оттон таҥастаан оҥорон таһаарыыбыт – 7,5 бырыһыанынан, — диэн этэр кини.
Владимир Путин этэринэн, билигин сыана үрдээһинигэр биир сүрүн болҕомтону ууруохха наада. Бэрэсидьиэн сыана үрдээһинэ атын дойдулары кытары тэҥнээтэххэ наһаа улааппатаҕын бэлиэтиир. Холобур, атын дойдуларга сыана 65 бырыһыаҥҥа тиийэ тахсыбыт буоллаҕына, Арассыыйаҕа, тохсунньутааҕы дааннайынан, 7,2 бырыаһыаҥҥа тэҥнэспит. “Сыана үрдээһинигэр улахан болҕомтону ууруохха наада. Бу тохсунньутааҕы көрдөрүүнэн, сыана үрдээһинэ 7,2 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит. Былырыыҥҥы сыллааҕы дааннайынан, бу көрдөрүү 7,4 бырыһыан этэ. Онон кыра да буоллар сыана намтаабыта көстөр. Манна улахан оруолу бырабыыталыстыба уонна Арассыыйа баана ылбыттарын бэлиэтиэм этэ”, — диэн этэр Владимир Владимирович.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: