Салгыы
«Дойдубут сиригэр-уотугар — ураты болҕомтону!» — Таатта иистэнньэҥнэрин ыҥырыыта

«Дойдубут сиригэр-уотугар — ураты болҕомтону!» — Таатта иистэнньэҥнэрин ыҥырыыта

23.04.2023, 09:00
Хаартыска -- Елена Потоцкая түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ  Таатта улууһун иистэнньэҥнэрэ «Дойдубут сиригэр-уотугар — ураты болҕомтону!» диэн аһымал аахсыйаны тэрийдилэр.

Бу туһунан Таатта Туора Күөлүн төрүт олохтооҕо,  норуот маастара Изабелла Элякова бу курдук билиһиннэрдэ:

Ытык сирдэрбитин көмүскүүр аахсыйа ытык сирдэрбитин, чуолаан улуустар кыраныыссаларын, нэһилиэктэр ытык сирдэрин бэлиэлэригэр  тохтоон ааһар дьон Үрдүк Айыылартан, аар Ийэ Айылҕаттан көрдөһөн, алаадьы дуу, туох эрэ сэмсэ бэлэх уураллара үгэскэ кубулуйда. Бу, кырдьык, хайҕаллаах суол. Ол эрээри… диирбитигэр тиийэбит.  Киһи барыта кырата үстүү алаадьыны, табаҕы, бытархай харчыны быраҕан ааһар. Ол туох да киһитэ кыайан тулуйан көрбөт бөҕөр кубулуйар. Эгэ, ол алаадьыттан суор-тураах, чыычаах амсайан ааһыа дуо? Саамай хомолтолооҕо, бугулунан алаадьыны анаан астаан, Олоҥхо Ыһыаҕа буолар улууһун кыраныыссатыгар киһи кыайан хаампат гына тэлгэтэн кэбиһэбит. Бэл, салапаан бакыат, былаастык бытыылка арааһа, атах таҥаһын аҥаара кытары сытар буолар. Оттон пиибэ бааҥкатын, кэмпиэт суутун киһи этэ да барбат.  Ол кэнниттэн ким ону хомуйара биллибэт.  Эбиитин ардах түстэҕинэ дьаабы хартыына буолара чахчы.  Быйыл ытык Өймөкөөҥҥө айанньыт Дугуйдан Винокуровы атаара баран иһэн,  дьон ытыктаан тохтоон ааһар хас да сиригэр сырыттым. Онтон бастакы тохтобул — ыраас уулаах тоҥмот сыккыс. Айанньыттар хайаан да тохтоон ааһар сирдэрэ эбит.  Оо, бытархай харчы арааһа, бөх курдук алаадьы, табах — туох суоҕуй манна? 

Быйыл сайын бу сир-дойду олох да иэдэйииһи. Онон Өймөкөөн улууһун салалтата,  олохтоохторо, Олоҥхо Ыһыаҕын иннинэ бу сири ыраастаан, кытаанах хонтуруолу олохтуоххутун наада диэн этиилээхпин. Бу сыккыска уонунан тыһыынча киһи тоҕуоруһан тохтоон ааһыа буоллаҕа! 

Хаартыска -- Елена Потоцкая түһэриитэ.

Итинник санаанан сиэттэрэн уонна Сахабыт сирин биир кэрэ муннугун холобурдаан туран, уруккуттан толкуйдуу сылдьыбыт баҕа санаабын олоххо киллэрэргэ санаммытым.  Биһиги, Таатта улууһун иистэнньэҥнэрэ, «ытык сирдэрбитин ыраастаан баран, анал мөһөөччүктэрдэ тигэн атыылыаҕыҥ» диэн туран, «Дойдубут сиригэр-уотугар — ураты болҕомтону!» диэн аахсыйа тэрийдибит. 

Бу үтүө дьыаланы өйөөҥ диэн өрөспүүбүлүкэ  бары иистэнньэҥнэрин, уопсастыбаннай түмсүүлэрин ыҥырабыт. 

Бастакы мөһөөччүктэри быстах байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар табах, чэй, харысхал укта сылдьалларыгар анаан тигэн ыыттыбыт. Бу күннэргэ Ытык Күөл, Харбалаах, Игидэй, Туора Күөл, Чөркөөх, Чымынаайы, улуустааҕы Инбэлииттэр түмсүүлэрэ, лиссиэй учууталлара маннык мөһөөччүктэри эбии тигэ сылдьаллар.

Бу курдук мөһөөччүктэргэ былыр өбүгэлэрбит кутуу чэйи, сэбирдэх табаҕы,  иҥиир иэдьэгэйи оҥостон сии сылдьаары ылаллара үһү. Туһугар, эмиэ да үрүҥ ас буоллаҕа. Кымыһы ханна укта сылдьыаҥый, ону солбуйар.

… Таатта иистэнньэҥнэрэ бэртээхэй ыҥырыыны оҥордулар. Кырдьык, ытык сирдэрбитигэр кэмэ суох алаадьы ыһылла сытарын көрө-истэ сылдьабыт. Оттон араас бөх сэргэлэр, кыраныыссалар ытык миэстэлэригэр ыһылла сыталларын хомуйар дьаһалта ахсааннаах. Быйыл кыһын Изабелла Элякова ити кэпсиир ытык сыккыһыгар тиийэ сылдьан, киһи харааста көрөр хартыынатын хаартыскаҕа түһэрбитим.

 

Онон бука бары таатталар ыҥырыыларыгар кыттыһан, Ийэ-Сирбит ытык миэстэлэрин ыраастаан баран, маннык мөһөөччүктэрдэ илдьэ сылдьан, дьоҕус алаадьыны кытта бөх-сыыс буолбат кутуу чэйи таммалатан ааһыаҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: