Дойдуга 25-гэр диэри төрөөбүт дьахталларга анал босуобуйа аныыры үөрэтэллэр

Share

Госдуума дьокутааттара дойдуга демографияны үрдэтиигэ, чуолаан Арассыыйаҕа төрүүр дьахталларга эбии өйөбүл дьаһалын олохтуурга этии киллэрдилэр.

Киирбит этии үөрэтиллэн ылылыннаҕына, дойдуга 25 сааһыгар диэри ийэ буолбут дьахталларга 200 тыһ. солк. диэри биир кэмнээх босуобуйа аныахтарын сөп. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрдэ.

Докумуоҥҥа сурулларынан, биир кэмнээх төлөбүр кээмэйин  матырыйаалынай балаһыанньатыттан тутулуга суох эдэр ийэлэр бары ылыахтара диэн этиллэр.

Сокуон ааптардара Арассыыйа үрдүнэн оҕо төрөөһүнүн ахсаана аҕыйаабытын санаттылар. Итининэн сибээстээн, демографическай балаһыанньаны тупсарар сыаллаах, анал дьаһал ылыллыаҕа. Сүрүн төрүтүөнэн эдэр кыргыттар ийэ буоларга тиэтэйбэттэрин, үп-харчы өттүнэн тутулуга суох буолуутугар дьулуһары ордороллорун бэлиэтииллэр.

Санаттаахха, бу иннинэ Госдуумаҕа дойду бырабыыталыстыбата элбэх оҕолоох ыалларга ипотека көмөтүнэн олорор дьиэни атыылаһарга болдьоҕун 7 сылга диэри эбии уһатар сокуон барылын киллэрбитэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

17 минут ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

19 минут ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

21 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

26 минут ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

46 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

1 час ago