Саха сирин бары оройуоннарыгар оҕолору уонна ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга туһуламмыт төрөппүттэр мунньахтара ыытыллыахтара.
СӨ Ил Дарханыгар Төрөппүт сэбиэтин иккис мунньаҕар үөрэх кыһаларыгар гражданскай-патриотическай иитиигэ уонна оскуолаларга төрөппүт кэмитиэтин оруолун үрдэтиигэ саҥа миэрэлэр тустарынан дьүүллэстилэр.
«Биһиги сыалбыт-сорукпут — аныгы кэм төрөппүтэ иитии үлэтигэр быһаччы кыттыахтаах диэн. Биһиги халбаҥнаабакка иитии-үөрэтии чааһын күүһүрдүүнэн сирдэтиниэхпит, оскуолалар үөрүйэхтэрин бары оройуоннарга ситимниэхпит, бастыҥ быраактыкаларынан үөрүйэхтэрин атастаһыыларын биһириэхпит, көҕүлүөхпүт», — диир Айсен Николаев.
Төрөппүт хонтуруолун уопсастыбаннай ыстааптара бары оройуоннарга тэриллибиттэрэ. Маныаха Ил Дархан Айсен Николаев маннык ыстааптары тэрийиини оскуолалары сэргэ, уһуйааннарга эмиэ күүһүрдэри бэлиэтээтэ. Маны таһынан, Ил Дархан сорудаҕынан, оҕолору уонна ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга иитии тиэмэтигэр төрөппүттэр мунньахтара өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар ыытыллыахтара.
Ил Дархан сүрүн хайысханан үүнэр көлүөнэни үлэнэн иитиини ааттаата.
Дьокуускай куоракка аҕалар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Яков Оконешников иһитиннэрбитинэн, дьиэ кэргэн сыаннаһын, чөл, чэгиэн олоҕу киэҥник тарҕатарга уонна ыччаты уопсастыбаннай, туһалаах үлэҕэ угуйууга улахан оруолу уопсастыбаннай түмсүүлэр ылаллар. Дьокуускай куорат аҕаларын Сэбиэтэ дьиэ кэргэнинэн успуорка күрэхтэһиилэри, ол иһигэр успуорт национальнай көрүҥнэригэр ыытар, маны сэргэ волонтердар сүлүөттэрин уонна да атын патриотическай аахсыйалары тэрийэр.
Санатан эттэххэ, бастакы мунньахха улуустар баһылыктарыгар төрөппүттэр сэбиэттэрин тэрийэр, оскуолаҕа оҕолор аһылыктарыгар үп-харчы боппуруоһун көрөр, уһуйааннарга төрөппүт хонтуруолун ыстаабын тэрийэр туһунан этиилэр киллэриллибиттэрэ. Бу этиилэри өйөөбүттэрэ уонна олоххо киллэрэргэ үлэлэр ыытыллаллар.
СӨ Ил Дарханыгар Төрөппүт сэбиэтэ тэриллэн үлэлиир. Манна оскуолалар төрөппүт кэмитиэттэриттэн уонна уопсастыбаннай түмсүүлэртэн киирбиттэр. Сэбиэт сүрүн сыала-соруга — төрөппүттэр холбоһуктарын, үөрэх ситимин оҕолору уонна ыччаты үөрэтиигэ тирээн турар боппуруостары быһаарыыга түмэ тардыы.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…
Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…
Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…
"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…
Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…
Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…