Арассыыйа Ыччатын уонна оҕолорун хамсааһынын Саха сиринээҕи салаата улуустарга бэйэтин олохтоох салааларын кэҥэтэ турар. Ол курдук, Өлүөхүмэ улууһугар Ыччат уонна оҕо хамсааһынын олохтоох салаата аһыллыбытын итиэннэ ыччаты патриотическай иитии кэҥии турарын тустарынан сонунун улууска бу хамсааһын олохтоох салаатын тэрийиигэ исписэлиис Валентина Торопова үллэһиннэ.
-Ыам ыйыгар Өлүөхүмэтээҕи тиэхиньикумҥа улууска улахан историческай суолталаах түгэн буолан ааста. Ол курдук, улууска сыл аайы ыытыллар оҕо уопсастыбаннай тэрилтэлэрин «Салют, Пионерия!» бэстибээлин чэрчитинэн улууска Ыччат уонна оҕо хамсааһынын олохтоох салаата үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта. «Бастакылар хамсааһыннара» («Движение первых») — Арассыыйа ыччатын хамсааһына дойду Бэрэсидьиэнин В.В. Путин көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Тэриллии сүрүн сыала-соруга – эрдэҕэс оҕолору иитии, иллэҥ кэмнэрин тэрийии, иилээһин-саҕалааһын, дойду духуобунай култууратыгар, сиэригэр-майгытыгар уһуйуу, төрөөбүт сиргэ-уокка тапталы иҥэрии. Оҕо тэрилтэтигэр алта саастарыттан 18 саастарыгар диэри оҕолор хабыллыахтара.
Үөрүүлээх тэрээһиммитигэр улууспут баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Саввинова О.Н., үөрэх управлениетын иитэр үлэҕэ отделын сүрүн исписэлииһэ Акишева Ю.В., 80-с сыллар саҕаланыыларыгар пионерка Чусовская В.И., 80-с сылларга ыстаарсай пионер баһаатайа Свиридова О.В. уо.д.а. эҕэрдэ тылларын, этэн туран оҕолорго ситиһиилэри баҕарбыттара. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит былаахтарын көтөҕүү, гимнарын доргуччу ыллааһын, оҕо тэрилтэлэрин арааппардара – барыта олус үчүгэй этэ. Параднай маҥан булууһалаах, кыыһар хаалтыстаах оҕолор сэлэлии хаамыылара уопсай сүргэни бэркэ көтөхпүтэ.
Тыл эппит дьон бары үүнэр сүһүөх оҕолорбутугар туһаайан, «Бастакылар хамсааһыннарыгар» («Движение первых») көхтөөхтүк үлэлииргэ, сайдарга, барытыгар бастакы буоларга, дойдуну таптыырга, харыстыырга, наада буоллаҕына, көмүскүүргэ ыҥырбыттара. Дьэ уонна «Бастакылар хамсааһыннарын» («Движение первых») гимнэ ньиргийбитэ. «Альтаир» РВО баһаатайа Моисеенко Роман «Товарищ Время» ырыаны толоруута оҕолорго улахан суолталаах бу тэрээһиммит кылаан чыпчаалынан буолбута.
Тус бэйэм тыл этиибэр улууска Ыччат уонна оҕо хамсааһынын олохтоох салаата үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыыта Пионерия күнүгэр түбэспитэ суолталааҕын бэлиэтээбитим уонна олохтоох салаабыт төрөөбүт, олохтоммут күнэ үтүө үгэстэрдээх бэйэтин устуоруйатын байыта туруоҕар, онуоха оҕолор бэйэлэрэ күүс-көмө буолуохтарыгар, кэккэтэ хаҥыы туруоҕар эрэнэрбин эппитим. «Мин – Хамсааһыҥҥа баарбын!» диэппин кытта, саала бүтүүнэ «Биһиги – Хамсааһыҥҥа баарбыт!» диэн хардарбыта. Онон хамсааһын олохтоох салаатын үөрүүлээх аһыллыыта «Мин – Хамсааһыҥҥа баарбын!», «Биһиги – Хамсааһыҥҥа баарбыт!», «Өрүү – Хамсааһыҥҥа баарбыт!» диэн уопсай девиһынан, хаартыскаҕа түһүүнэн өрө күүрүүлээхтик түмүктэммитэ.
Күн бүгүн байыаннай эпэрээссийэ бара турар кэмигэр үүнэр сүһүөх ыччаппытын, ордук эрдэҕэс оҕолорбутун, дойдуга бэриниилээх, туһалаах дьон буола үүнэн тахсалларын гына иитиигэ, уһуйууга-такайыыга улахан болҕомто ууруллуутугар бу саҥа тэрилтэбит күүс-көмө буолуоҕар эрэнэбин.
Улууспутугар оҕолорбут бэйэлэрин настаабынньыктарын, иитээччилэрин, учууталларын салайыыларынан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ, улуус ыытар аахсыйаларыгар кыттан, араас өрүттээх улахан үлэни ыыталлар, бэйэлэрэ эмиэ санааларыттан көҕүлээн тэрийэллэрэ хайҕаллаах. Холобура, байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаах саллааттарбытын өйүүргэ «С любовью из Олекминска» диэн оҕолор аһымал аахсыйаларын кэнсиэрэ үһүстээн буолбута. Оҕолор байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарыгар матырыйаалынай көмөлөрүн тэрийэри «Альтаир» оҕо этэрээтин баһаатайдара көҕүлээбиттэрэ. «Альтаир» оҕо этэрээтэ биһиги оройуоммут киэн туттар баар-суох улахан хамсааһына. Бу үһүс кэнсиэргэ куорат оскуолаларын уонна эбии үөрэхтээһин үөрэнээччилэрин сэргэ «Звездочка» уонна «Журавушка» оҕо уһуйааннарын кырачаан иитиллээччилэрэ аан бастаан маннык суолталаах аһымал кэнсиэр сценатыгар тахсыбыттара. Кэнсиэргэ бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, уоппускаҕа кэлбит байыаннай эпэрээссийэ сулууспалаахтара, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ сылдьыбыттара. Оҕолор «Окна Победы», «Стена памяти» уонна «Георгиевскай лиэнтэ» курдук, аахсыйаларга өрүүтүн үөрүүнэн кытталлар.
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥҥы суолунан командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ массыынатынан Хатаһынан түһэн, Эбэбитин…
Уус Алдаҥҥа Бээди төһө даҕаны киинтэн тэйиччи, кытыы буолбутун иһин, олус сэргэх олохтоох. Манна бааллар…
Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл ХИФУ бэрэпиэссэрэ, биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы. Ытык киһи Эһээ Дьыл диэн…
Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…
Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed массыына 55 саастаах суоппара утары…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…