Өлүөхүмэҕэ дойдуга бэриниилээх ыччаты иитэр түмэл үлэлиир
Өлүөхүмэ улууһун кыраайы үөрэтэр түмэлэ байыаннай-патриотическай хайысхаҕа бу кэмнэргэ туох үлэлэри ыыта олорорун туһунан бу түмэл дириэктэрэ Ирина Иннокентьевна Никифорова маннык кэпсээтэ:
— Биһиги кыраайы үөрэтэр түмэлбит бэлэмнээбит аккырыыккаларыгар оскуола үөрэнээччилэрэ байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар саллааттарбытыгар анаан истиҥ, иһирэх тыллардаах баҕа санааларын суруйбуттара. Ол суруктаах аккырыыккаларбыт гуманитарнай көмө баһыылкаларын кытта байыаннай дьайыылар бара турар сирдэригэр сулууспалыы сылдьар Өлүөхүмэ улууһуттан барбыт саллааттарга ыытыллыбыта.
Маны сэргэ биһиги түмэлбит «Знание. Герои» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-патриотическай аахсыйаҕа, ыам ыйын 19 күнүгэр ыытыллыбыт «Годы грозовые. Письма фронтовые» диэн улахан кылаас үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүгэ кыттыбыппыт. Аны сотору «Звезда” телеканалынан «Легенды армии» биэриигэ улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду бүттүүнэ киэн туттар Дьоруойа И.Н.Кульбертинов туһунан киинэ киэҥ араҥаҕа көрдөрүллэрэ былааннанар. Онон түмэл маннык патриотическай хабааннаах үлэлэргэ барытыгар кытта, бииргэ үлэлэһэ олорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: