Уһук Илин уокурук Арассыыйа састаабыгар киирбит бэлиэ даатата Бүтүн Арассыыйатааҕы бырааһынньыктарын халаандаарыгар киириэн сөп.
Маннык көҕүлээһини «400 лет Дальнему Востоку» пуорум кыттыылаахтара «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларыынааҕы быыстапка ВДНХ түмэлигэр иһитиннэрдилэр. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы- Судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров РФ судаарыстыбаннаһын устуоруйатыгар боппуруостарыгар бу көҕүлээһин улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.
Пуорумҥа федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи уорганнар бэрэстэбиитэллэрэ, научнай уопсастыбаннас кыттыылаах панельнай кэпсэтиилэр ыытылыннылар. Мунньахха Уһук Илин уоукурук устуоруйатыгар сыһыаннаах боппуруостар көрүлүннүлэр уонна эрэгийиэҥҥэ аныгы сайдыыны түстүүрү дьүүллэстилэр.
Уһук Илин күнүн балаҕан ыйын 25 күнүгэр бэлиэтииргэ этии киллэрдилэр. Чопчу бу күн 1632 сыллаахха Саха сирин остуруога төрүттэммитэ. Маны таһынан пуорум кыттыылаахтара Уһук Илин 400 сылын көрсө өйдөбүнньүк мэтээллэри уонна үбүлүөйдээх харчыны оҥорорго этии киллэрдилэр. Уһук Илин федеральнай уокурук субъектарыгар ««Пути великих свершений» бырайыагы өйүүллэригэр уонна атын үбүлүөйдээх дьаһаллары ыыталларыгар сүбэлээтилэр. Нуучча географическай уопсастыбата дойду эрэгийиэннэринэн научнай- чинчийэр экспедициялары тэрийиэҕэ уонна Уһук Илини баһылааһын туһунан документальнай киинэни устуоҕа.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…