Дойдулар быйыл туох сылын биллэрдилэрий?

Дойдулар быйыл туох сылын биллэрдилэрий?

19.01.2025, 09:30
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл эрэ иннинэ 2025 сылы Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ дойдуну итиэннэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду үрдүнэн Аҕа дойдуну көмүскээччилэр сылларынан биллэрбиттэрэ. Ол аата быйыл бу хайысхаҕа ураты болҕомто ууруллуоҕа. Оттон тас дойдуларга бу сылга туох, ханнык хайысханы инники күөҥҥэ таһаардыларый? Дойдулар быйыл туох сылын биллэрдилэрий?

Ыаллыы дойдуларбытыгар

Ыраата барбакка, аан бас­­таан ыаллыы олорор судаа­рыстыбаларбытын ылан көрүөххэ. Казахстан бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаев былырыын балаҕан ыйыгар Этиитигэр 2025 сылы Оробуочай идэлэр сылларынан биллэрбитэ. Сыл устата манна үлэни ыытан, тиэхиньиичэс­кэй идэлэр үөрэхтэрин кыһаларыгар уларытыыны, саҥардыыны киллэрэр былааннаахтар. “Казинформ” информационнай ааҕыныстыба иһитиннэрэринэн, Казахстаҥҥа тутууга, мэдиссиинэҕэ, үөрэхтээһиҥҥэ, оҥорон таһаарар эйгэҕэ, бырамыысыланнас­ка каадырдара тиийбэт. Онон бу сылы оскуолаттан саҕа­лаан устудьуоннарга граннары олохтоон, эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ көдьүүстээхтик туһанар санаалаахтар.
Оттон Монголияҕа Улан-Батор куораты сайыннарыы сылынан биллэрдилэр. Бу сылга киин куораттарын 2040 сылга диэри сайдыытын генеральнай былаанын оҥорон бүтэрэн, олоххо киллэрэр соруктаахтар. “Манна ордук суолга-­иискэ, хомунаалынай хаһаа­йыстыба инфраструктуратыгар болҕомто уурабыт”, – диэн Монголия бырабыыталыстыбата иһитиннэрэр. Улан-Баторга билигин биир сүрүн кыһалҕалара – айан суола кыараҕаһа, дьиэлэр үксүлэрэ оһоҕунан оттуллаллара буолар.
Олорор сири тупсарыы сылын Беларуська эмиэ биллэрдилэр. Бэрэсидьиэннэрэ Александр Лукашенко нэһи­лиэнньэлээх пууннары тупсарыыга, суолу-ииһи, сири-уоту ыраастааһыҥҥа биэс сыл устата былаан ылынарга эттэ.
Оттон Азербайджан бэрэсидьиэнэ Ильхам Алиев дойдутугар быйыл Конституция уонна суверенитет сылын биллэрдэ. Санатан эттэххэ, Азербайджан уонна Армения былырыыҥҥа диэри Хайа Карабаҕын былдьаһан, ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыттара. Былырыын балаҕан ыйын 20 күнүн Азербайджан Өрөспүүбүлүкэтэ Суверенитетын күнүнэн биллэрбитэ. Онон устуоруйаларыгар эмиэ биир ураты сыл буолуохтаах.

Үгүс дойду үгэһин, култууратын, тылын, суверенитетын харыстааһыҥҥа хаһааҥҥытааҕар да улахан болҕомто уурбута көстөр. Ону таһынан, эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһин, дьон олорор эйгэтин тупсарыы, демография боппуруоһа инники күөҥҥэ тураллар.

Манна даҕатан эттэххэ, 2022 сыллаахха ыытыллыбыт Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин көрсүһүүлэригэр дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин СНГ түмсүүтүгэр 2025 сылы Эйэ уонна нацизмы утары охсуһуу сылынан биллэрэргэ этии киллэрбитэ. Бу этии Кыайыы 80 сылын кытары быһаччы си­­бээстээҕэ. Онон быйыл СНГ түмсүүтүгэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһин биир ураты миэс­тэҕэ туруоҕа.

Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр

Азия, Тиихэй Акыйаан эрэгийиэннэригэр кэллэххэ, 2024-2025 сыллар Арассыыйа уонна Кытай сыһыаннаһыыларыгар хардарыта култуура сылларынан биллэриллибитэ. Судаарыстыбалар бииргэ үлэлэһиилэригэр бу сыл биир улахан далаһа буолара чахчы. Ону ааһан Арассыыйа уонна Кытай бу сылы ыытан, аан дойду үрдүнэн буола турар хамсааһыннарга биир санаа­лаахтарын өссө төгүл бэлиэтээн көрдөрдүлэр.
АТР эрэгийиэннэриттэн өссө Вьетнамы холобурдуохпун баҕарабын. Манна 2025 сылы Вьетнам, Хюэ туризмын сайыннарыы сылынан биллэрдилэр. Хюэ – Вьетнам биир былыргы куората, биир үйэ устата киин куоратынан буола сылдьыбыта. Бу куорат Вьетнамҥа историческай суолталаах. Ол иһин 2005 сыллаахха бастакы категориялаах куорат статуһун ылбыта. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтата Хюэ куоракка анал сылы ыытан, туристарга устуору­йатын, үгэһин өссө дириҥэтэн кэпсиир санаалаах.

Турцияҕа Дьиэ кэргэн сыла

Аны Хара муора кытылыгар тиийиэххэ. Муора кытылыгар баар дойдулартан Турцияны холобурдуом этэ. Быйыл Турция Өрөспүүбүлүкэтигэр Дьиэ кэргэн сылын биллэрдилэр. Бэрэсидьиэннэрэ Реджеп Тайип Эрдоган бу күннэргэ судаарыстыба дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо, ийэҕэ ураты болҕомтотун уурарын этэн туран, быйылгыттан саҕа­лаан оҕо төрөөһүнүгэр төлөбүр үрдүүрүн туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, бастакы оҕоҕо биир кэмнээх көмө быһыытынан биэс тыһыынча лира (быһа холуйан, 15 тыһыынча солкуобай), иккис уонна онтон кэлэр оҕолорго ый аайы балтараа эбэтэр биэстии тыһыынча лира төлөнүөхтээх. Ону сэргэ саҥа холбоспут эдэр ыалга бырыһыана суох кирэдьиит бэриллиэн сөбүн туһунан эттэ.
Итини таһынан, дьиэ кэргэни, үйэлээх үгэһи харыс­тыыр сыалтан уолаттар кыыс, кыргыттар уол буолан дьүһүн кубулуналларын көҕүлээһини бохсорго, төрдүттэн уодьуганныыр­га биир улахан соругу туруорда. Биир өттүнэн, Турция курдук үгэһи, итэҕэли инники күөҥҥэ тутар дойду маннык боппуруостарга сүрүн болҕомто уурбута элбэҕи этэр.
Манна санатан этиим, биһиэхэ, Арассыыйаҕа, былырыын Дьиэ кэргэн сыла биллэриллэн, оҕо төрөөһүнүгэр, дьиэ кэргэҥҥэ ураты болҕомто ууруллубута.

Аан илин дойдуларыгар

Аан илин дойдуларыттан Иран уонна Турция бииргэ үлэлээһиннэригэр быйыл култуура сылын биллэрбиттэрин ойуччу тутан бэлиэтиэххэ сөп. Бу туһунан былырыын алтынньыга икки дойду тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниис­тирдэрэ иһитиннэрбиттэрэ. Иран – Турцияны кытары ыаллаһа олорор дойду. Ол эрээри Сирия, Хайа Карабаҕын боппуруостарыгар санаалара тус-туһунан этэ. Билигин чугасыһыыга хардарыта далаһа уурсуулара бу дойдулар салгыы бииргэ үлэлээһиннэригэр да, аан илин судаарыстыбаларын уопсай бэлиитикэлэригэр да улахан суолталаах буолуон сөп.
Бу күннэргэ Арассыыйа уонна Иран бииргэ үлэлэһиигэ дуогабар баттаһаары сылдьаллар. Тохсунньу 17 күнүгэр Иран бэрэсидьиэнэ Масуд Пезешкиан Москваҕа кэлиэхтээх. Онон хайа эрэ өттүнэн бу икки дойдулар сыһыаннаһыылара биһиэхэ эмиэ дьайар курдук.
Аан илин дойдуларыттан өссө Саудовскай Аравияны холобурдуохпун баҕарабын. Саудовскай Аравия култууратын министиэристибэтэ быйыл дойдуларыгар Ремесло сылын биллэрбит. Олохтоохтор бу дьаһалы дойду үгэһин, култууратын илдьэ сылдьыытыгар, харыстааһыныгар судаарыстыбаннай стратегияларын биир сүрүн пуунунан көрөллөр эбит.

Түмүк оннугар

Европа сойууһун уонна Атлантическэй акыйаан дойдуларыттан ыллахха, Францияҕа быйыл Сомоҕолоһуу, эппиэ­тинэс уонна күүстээх санаа сылынан биллэрбиттэрэ, оттон Мексикаҕа быйыл Олохтоох кэрэ аҥаардар сыллара. Мантан уонна үөһээ ааттаабыт дойдуларбыттан да көрдөххө, үгүс дойду үгэһин, култууратын, тылын, суверенитетын харыс­тааһыҥҥа хаһааҥҥытааҕар да улахан болҕомто уурбута көстөр. Ону таһынан эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһин, дьон олорор эйгэтин тупсарыы, демография боппуруоһа инники күөҥҥэ тураллар.

ХААРТЫСКА: РФ БЭРЭСИДЬИЭНИН ПРЕСС-СУЛУУСПАТА.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: