«Дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи салаатын үлэтэ салҕанар

«Дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи салаатын үлэтэ салҕанар

21.02.2024, 11:53
Хаартыска: Ил Дархан пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

«Дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыба пуондатын  Саха сиринээҕи салаатын  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлэ салҕанар.

«Пуонда Саха сиринээҕи салаата  байыаннай дьайыы 200-тэн тахса кыттыылааҕа уонна   дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, ол иһигэр 38 бэтэрээнэ   доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэригэр  көмөнү оҥордо. Кинилэр бары Мэдиссиинискэй реабилитация уонна успуорт мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин, Инбэлииттэри биир кэлим реабилитациялыыр  социальнай-чэбдигирдэр киин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа  мэдиссиинискэй реабилатацияҕа отделениетын баазаларыгар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрдилэр», – диэн «Дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыба пуондатын салаатын мэдиссиинэҕэ салайааччытын солбуйааччы Татьяна Никифорова иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин  кытары түһэрсиллибит сөбүлэһиитин  чэрчитинэн, байыаннай дьайыы 754 кыттыылааҕа уонна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ мэдиссиинэ көмөтүнэн туһаннылар.

135 киһи Москва куоракка “Бэс Чагда” уонна Дьокуускайга “Чэбдик” санаторийдарга санаторий-куруорт өҥөтүнэн туһанна. Уйулҕа-психотерапия көмөтүнэн 909 киһи, ол иһигэр байыаннай дьайыы 152 бэтэрээнэ, туһанна. Манна психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын  икки килиниичэскэй психолога үлэлиир.

Федеральнай испииһэккэ киирбэтэх үрдүк технологиялаах протезтарынан хааччыйыыга  үлэ саҕаланна.

Санатан эттэххэ, пуонда  салаата Дьокуускай куорат, Ойуунускай уулусса 41/1 дьиэтигэр үлэлиир.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: