Суруйааччы Валерий Никифоров-Суор Уола Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх. Байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн барбыта.
Мин Валерий Никифоровы кытта аан бастаан 2015 сыллаахха биир тэрээһиҥҥэ сылдьан билсэн турабыт. Ол кэмтэн сэттэ сыл ааспыт. Арай биир күн Анаабырга олорор дьүөгэм: «Суор Уола диэн суруйааччыны билэҕин дуо, кэргэним кини кинигэтин ааҕыан баҕарар», – диэтэ. Мин ол күн «Айар» кинигэ кыһатыттан Суор Уолун «Түүҥҥү Куо» кинигэтин булан ыыппытым. Улуустарга олорор дьон-сэргэ наһаа ааҕар, сэргиир эбит.
Кинини кытта кэпсэтиибин салгыы ааҕыҥ.
Бэтэрээн оҕонньотторго ымсыыра саныырым…
– Байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытыгар туох санааттан барарга быһаарыммыккыный? Чугас дьонуҥ маны хайдах ылыммытай?
– Оҕо эрдэхпиттэн дойдуга бэриниилээх санаалаах этим, биһиги Сойууспут хаһан даҕаны, кимиэхэ даҕаны кыайтарбат диэн санааҕа иитиллэн улааппыт киһибин. Ол курдук, оҕо сылдьан мэтээл, уордьан бөҕө иилинэн баран дьоһуннаах баҕайытык туттан хаамыталыыр бэтэрээн оҕонньоттору көрдөхпүнэ, испэр наһаа ымсыыра саныырым. Тоҕо эбитэ буолла, хаһан эрэ кинилэр курдук буолбут киһи дии саныырым. Бэйэм сэриигэ барыам, кыттыам диэн олох санаабат этим. Ол эрээри, байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытыгар баҕа өттүбүнэн барарга быһаарыммытым. Дьиэ кэргэним туһунан кэпсиир буоллахха, икки кыыс оҕолоохпун. Улахаттар. Бу быһаарыныыбын утарбатахтара. Олоҕум суолугар быһаарыныыны бэйэм ылар буоллаҕым. Инньэ гынан, биһиги сүүрбэттэн тахса киһи Хабаровскайга көппүппүт. Онтон Владивостоктан, Новосибирскайтан, Читаттан хомуллан, эмискэ элбии түспүппүт. Дьэ, биһиэхэ пуорма таҥас-сап биэрэн баран полигоҥҥа икки күн бэлэмнээбиттэрэ. Инники кирбиигэ (передовойга) сэби-сэбиргэли ким туохха дьоҕурдааҕынан көрөн биэрэллэр. Бастакы сырыыбар икки ый кэриҥэ сылдьыбытым. Онтон иккистээн балаҕан ыйыгар барыыбар «Боотур» этэрээккэ киирэн, Украинаҕа айаммын туппутум. Манна үс ый сылдьыбытым.
– Байыаннай эпэрээссийэҕэ барыыгар айар үлэ умсулҕана угуйбута буолаарай?
– Мин бу барыым аҥаардас айар үлэбин эрэ кытта ситимнээх буолбатах. Үөһээ этэн аһарбытым курдук, оҕо эрдэхпиттэн уоттаах сэрии кыттыылаахтарыгар ытыктабылтан, дойдуну көмүскүүр санааттан буолуо… Ону сэргэ, барытын илэ харахпынан көрөн билиэхпин баҕарбытым. Айар-суруйар киһи бэйэтин эт хараҕынан көрөн сэрии тиэмэтин суруйара ордук дии саныыбын. Билигин саҥа кэпсээн суруйар санаалаахпын. Ол эрээри туох туһунан буоларын билигин эппэппин. Ааҕааччыларбар бэлэҕим буолуоҕа.
«Окуопа ыарыыта»
– Эн байыаннай эпэрээссийэҕэ сырыттаххына, элбэх хаартыска кэлбитэ. Арай биирдэ эн дэйбииргин туппут нуучча уолун хаартыската турара. Ону көрөн дьон аймаммыта. Суол Уола ханна сүттэ, бу кини дэйбиирэ дии дэспиттэрэ…
– Барарбытыгар уопсай хаартыскаҕа түһүүгэ атын киһи дэйбиирин тутан түспүтүм. Дьэ, ол дэйбиир социальнай ситимҥэ араастаан тарҕанан сиэллэнэн-кутуруктанан ырааппыт этэ. Онно сылдьан улахан бааһырыы ылбатаҕым. Арай контузияланан уонна тымныйан госпиталга сыппытым. Ону эмиэ бэйэбит дьоммут социальнай ситимҥэ, санитардыы сылдьаллар диэн суруйбуттар этэ. Украина сүрдээх тымныы дойду. Биһиэхэ, сахаларга, атын килиимэккэ үөрэммит дьоҥҥо уустуктардаах. Сөтөллүү, тымныйыы үгүс буолар. Ардах хас да күнү быһа түһэр. Онно окуопаҥ иһэ уунан туолар, түүнүн аһары тымныйар. Мин ойоҕостоппуппун билбэккэ, сөтөллө-сөтөллө сылдьыбыппын. Ону госпитальга киирэн сыттахпына биирдэ билбиттэрэ. Итинник ойоҕостотууну «окуопа ыарыыта» диэн ааттыыбыт. Ити иэдээни окуопаҕа эрэ сыппыт киһи билэн эрдэҕэ. Ас-үөл кыһалҕата улахан суоҕа, аһы булан аһыыр этибит. Сэриигэ сылдьыбыт кэмнэрбин оннук айылаах куһаҕан, ыарахан этэ диир кыаҕым суох. Киһи сылдьыан сөп буолан, дьон иккистээн барар буоллаҕа. Мин да ол да иһин иккистээн бардаҕым. Өссө үһүс төгүлүн барбыт уолаттар эмиэ бааллар. Джокер эҥин курдук дьоһуннаах уолаттары ааттыахпын сөп.
Итини киһи сатаан умнубат…
– Суруйар киһи Украинаҕа сылдьан ордук тугу бэлиэтии көрбүккүнүй. Олохтоохтор сыһыаннара хайдаҕый?
– Украина сирэ ураты. Биһиги дойдубутугар тэҥнээтэххэ, тымныы дойду. Ол эрээри өҥ дойду. Көннөрү маһы да астахха үүнэн тахсыах курдук буордаах дойду. Быраҕыллыбыт дэриэбинэлэри, урусхалламмыт тутуулары көрөр дьулаан. Украина олохтоохторун туһунан этэр буоллахха, сөбүлээбэттэрин быһа эппэттэр, ол эрээри тутталларыттан-хапталларыттан киһи сэрэйэр. Кыайыы буоларын күүтэбин. Түгэнинэн туһанан, Сахабыт сирин салалтатыгар махтаныахпын баҕарабын. Бу байыаннай дьайыыга сылдьыбыт дьону өйөөн, чөлгө түһэрэр санаторийдарга буор-босхо ыыталлара абыраллаах. Бу өй-санаа, эт-сиин өттүнэн сынньаныы киһиэхэ олус наада эбит. Киһи өйүн-санаатын сааһылыырыгар, ис эйгэтин чөлүгэр түһэрэригэр кэрэ сирдэри көрүү, айан туһалаах эбит. Биһиги бииргэсылдьыбыт уолаттар бу Сочинан, Абхазиянан, Роза Хутор, Красная Поляна курдук сирдэргэ кэлэн сынньана, күүлэйдии сылдьарбыт олус үчүгэй. Айар да үлэбэр туһалаах буоллаҕа. Сорохторбут өссө да кэлиэхтээхтэр. Онон дойдубут дьонугар-сэргэтигэр уонна Ил Дархаммытыгар Айсен Сергеевичкэ муҥура суох махтал буоллун!
Түмүк
Испэр сэмээр кэтэһэбин, Валерий Никифоров сэрии толоонугар сылдьыбытын хайаан даҕаны сурукка тиһиэ, улуустартан эмиэ доҕотторум эрийэн Суор Уолун кинигэтин ыыт диэхтэрэ диэн… Айар аартык умсулҕана хайаан даҕаны угуйар буолуохтаах…
Суор Уолун тус архыыбыттан хаартыска туһанылынна.
Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…
Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…
Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай? Ахсынньы 14 күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…
Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…
Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…