Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэрии, салгыы өрө тардыы, сайдыы суолугар бигэтик үктэннэрии сылларыгар Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар бастакы сүһүөх райисполком бэрэссэдээтэллэринэн, баартыйа райкомун сэкирэтээрдэринэн үлэлээбит Н.Н. Барашков, С.И. Сосин, М.Н. Гермогенов (сэрии кэнниттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүгэ бастыҥ райисполком бэрэссэдээтэлэ ааты сүкпүтэ), С.С. Аржаков, В.К. Степанов, Р.Г. Васильев курдук, о.д.а. кэлиҥҥи өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салайааччылар устунан баартыйа обкомун, рескомун сэкирэтээрдэринэн, Саха АССР Совминын, бырабыыталыстыбатын, Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэринэн, солбуйааччыларынан, миниистирдэринэн үүнэн-үрдээн тахсыбыттара.
Кинилэр кэккэлэриттэн Саха сирин уонна Арассыыйа судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй, уопсастыбаннай диэйэтэллэрэ, 1972 сыллаахтан 11 сыл устата Саха АССР Совминын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээн дойдутун, дьонун-норуотун махталын ылбыт, үтүө өйдөбүлү хаалларбыт Михаил Прокопьевич Габышев бу күннэргэ, сэтинньи 21 күнүгэр, төрөөбүтэ 95 сыла буолла. Дьоһуннаах олоҕу олорбут саха саарына киһи быһыытынан сэмэйэ, боростуойа, билиитэ-көрүүтэ, көҕүлүүр, салайар дьоҕура эргиччи сайдыылааҕын көрдөрөрө. Сахатын сирин хайа баҕарар муннугар кинини муударай политик, салайааччы, үрдүк ис култууралаах, кыһамньылаах, дьоҥҥо биир кэм сымнаҕас сыһыаннаах киһи быһыытынан билэллэрэ, сыаналыыллара. Дэлэҕэ, норуот кинини таптаан, ытыктаан Солко Мэхээлэ диэн ааттыа дуо. Кырдьыга да, туох да дьиэк сыстыбатах көнө, судургу саха мааны киһитэ этэ.
Михаил Прокопьевич 1928 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Араҥас нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1934 сыллаахха холкуос тэрийбит интэринээт курдук уопсайыгар олорон Төҥүлү оскуолатыгар үөрэнэн барбыта. 1947 сыллаахха Дьокуускайга рабфагы бүтэрэн, пединститут устуоруйа салаатыгар үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн, үлэтин суолун дойдутугар Төҥүлүгэ учууталлаан саҕалаабыта.
– Мин Төҥүлү орто оскуолатыгар үөрэнэр сылларбар дириэктэрбит Михаил Прокопьевич Габышев этэ, – диэн бэйэтин ахтыытын бастыҥ үөрэнээччитэ, үүннэрбит биир дойдулааҕа, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбит, бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев чугас соратнига Матвей Васильевич Мучин саҕалыыр. – Оччолорго оройуоҥҥа Майа уонна Төҥүлү оскуолалара, икки орто оскуола эрэ баара. Михаил Прокопьевич сүрдээх кыахтаах, салалталаах, кэскиллээх толкуйдаах дириэктэр этэ. Инньэ гынан, оскуолабыт үөрэххэ, үлэҕэ, уопсастыбаннай олоххо да көрдөрүүлэрэ лаппа тупсубута. Ыытыллар олимпиадаларга, успуортка, художественнай самодеятельноска да, эргиччи биһиги Майа орто оскуолатын иннигэр түспүппүт.
Оскуолабыт интернациональнай педкэлэктииптээҕэ. Соҕурууттан Тамбов, Владимир, Ленинград, о.д.а. куораттартан кэлбит элбэх нуучча кыргыттара, уолаттара математикаҕа, физикаҕа, химияҕа, черчениеҕа, уо.д.а. биридимиэттэргэ дириҥник үөрэппиттэрэ. Кинилэр биһиэхэ, уу саха эйгэҕэ, Европа култууратын аҕалбыттара. Дириэктэрбит бу интернациональнай кэлэктиип кыаҕын таба туһанан, көҕүлээн, тэрийэн, салайан оскуолабыт үөрэххэ, үлэҕэ күүскэ кыаҕырбыта. Михаил Прокопьевич Төҥүлү орто оскуолатын материальнай баазатын лаппа сайыннарбыта. Ол да иһин, кини кыаҕын, дьоҕурун, талаанын сыаналаан, 1961 сыллаахха оройуоннааҕы норуот үөрэҕириитин отделын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Мин 1960 сыллаахха Төҥүлү орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбиппэр, Михаил Прокопьевич үрдүгүнэн сыаналанар ситии-хотуу аттестатын хайҕаан-алҕаан туттарбытын бу баар курдук өйдүүбүн.
Баардаах баара өтүө дуо, Михаил Прокопьевиһы баартыйа райкомун сэкирэтээринэн анаабыттара. Оттон миигин, уон кылаас үөрэхтээх эдэр киһини, 1961 сыллаахха Ф.Г. Охлопков I сэкирэтээрдээх хомсомуол райкомун II сэкирэтээринэн талбыттара. Онтон ыла Михаил Прокопьевичтыын оройуон салалтатыгар бииргэ үлэлээбиппит.
1972 сыллаахха Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан өрө таһаараллар. Кини бу үрдүкү дуоһунаска үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын, физкултуура уонна успуорт министиэристибэлэрин, социальнай эйгэ, идэтийбит үөрэхтээһин салааларын сүрүннээбитэ. Мин кэлин эмиэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитим.Үөрэх, доруобуйа харыстабылын, наука, үрдүк үөрэх салааларын сүрүннээбитим. Маныаха тэҥнээтэххэ, Михаил Прокопьевич сүрдээх киэҥ хабааннаах, далааһыннаах, ноҕуруускалаах үлэни кыайа-хото туппут эбит. Онно барытыгар биллэр-көстөр гына, хамсатыылаах, дьайымтыалаах үлэни ыыппыта. Ол да иһин министиэристибэлэр салайааччылара киниэхэ наһаа махтаналлара.
Манна диэн эттэххэ, Михаил Прокопьевич успуорка эдэр эрдэҕиттэн сыһыаннааҕа. Кини бииргэ төрөөбүт быраата Габышев Анатолий Прокопьевич, мин өлөр табаарыһым этэ, ССРС успуордун маастара, дьоппуон омук улуу тустууга, олимпиада чөмпүйүөнэ Ватанабэны кытта эриирдээхтик хапсыбыт биллиилээх тустуук, олимпиада үрүҥ көмүс призера Александр Иванову, элбэҕи эрэннэрэр, үүнэн-сайдан тахсан испит Николай Захаровы-Сахааччаны эрчийбит-дьарыктаабыт тириэньэр этэ. Москватааҕы Сталин аатынан Физкултуура киин институтун Аркадий Михайлович Алексеевтыын бииргэ үөрэнэн бүтэрбиттэрэ.
“Михаил Прокопьевич 1985 сыллаахха ССРС Госкомспордун салалтатын Дьокуускай куоракка ССРС көҥүл тустууга чөмпүйэнээтин тэрийэн ыытарга туруорсан тылын ылыннарбыт, сөбүлэһиннэрбит дьонтон биирдэстэрэ. Успуорт нассынаалынай көрүҥнэригэр “Манчаары оонньуулара” спартакиаданы төрүттэспит, саха успуорда сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит салайааччынан буолар”, – диэн V-VI ыҥырыылардаах Ил Түмэн дьокутаата, успуорт миниистирин солбуйааччынан үлэлээбит Юрий Петрович Баишев үрдүктүк сыаналаабыта.
Совмин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы М.П. Габышев тэрийиитинэн Саха АССР култууратын декадалара бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэргэ, куораттарга, Башкирияҕа, Москваҕа, Удмуртияҕа, Ленинградка, Магадаҥҥа, тас дойдуларга Канадаҕа тиийэ ситиһиилээхтик, үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттара. Биллэн турар, бу үлэтигэр Михаил Прокопьевичка ССКП обкуома, Миниистирдэр Сэбиэттэрэ итиэннэ, мин саныахпар, үрдүк дуоһунастаах биир дойдулаахтара өйөбүл, көмө буолбуттара.
“1981 сыллаахха Саха сирэ “Киһи уонна тулалыыр эйгэ” диэн Монреальга (Канадаҕа) буолбут Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа туспа разделынан аан бастаан кыттыбыта. Бу быыстапкаҕа раздел начаалынньыгынан үлэлээбит буоламмын, тэрээһин үлэ хайдах барбытын үчүгэйдик билэбин. Тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн Михаил Прокопьевич Габышев анаммыта. Посольство, павильон үлэһиттэрэ, суруналыыстар Саха сирин дэлэгээссийэтиттэн олус астыммыттара. Кырдьык да, Михаил Прокопьевич, норуодунай худуоһунньук Афанасий Николаевич Осипов, Мииринэйтэн Социалистическай Үлэ Дьоруойа, алмаасчыт Раиса Ивановна Томилина астык, тутта-хапта сылдьардыын, этэрдиин-тыынардыын дьоһун дьон этилэр. ССРС Эргиэҥҥэ-бырамыысыланнаска палатата Саха сирин разделын үрдүктүк сыаналаабыта. Канадаҕа туспа разделынан аан дойдутааҕы быыстапкаҕа кыттыы улахан туһалаах буолбута. Бу кэнниттэн өрөспүүбүлүкэбит араас таһымнаах быыстапкаларга, дьаарбаҥкаларга ситиһиилээхтик кыттан кэллэ, кыттар даҕаны.
Бу үлэни салайбыт, сүрүннээбит киһинэн Михаил Прокопьевич Габышев буолар”, – РФ уонна СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Түмэллэрин сойууһун бочуоттаах чилиэнэ, СӨ Ытык Сүбэтин чилиэнэ Егор Спиридонович Шишигин ахтыытыгар бэлиэтээн турар.
Михаил Прокопьевич кэлин, бэрэссэдээтэли солбуйааччы дуоһунаһыттан уурайан да баран, таах олорботоҕо. Уопсастыбаннай үлэнэн күүскэ дьарыктаммыта. Ол курдук Сэбиэскэй-Монгольскай доҕордоһуу кэмитиэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын салайбыта. ДНД (народнай дружиналар) түмсүүлэрин үлэтин сүрүннээбитэ. Аны өрөспүүбүлүкэтээҕи Эйэ кэмитиэтигэр Александра Яковлевна Овчинниковалыын бэркэ ылсан үлэлээбиттэрэ. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт, дьоруойдуу охтубут, сураҕа суох сүппүт Саха сирин буойуннарын сырдык ааттарын үйэтитиигэ 9 туомнаах “Өйдөбүнньүк” (“Память”) кинигэни оҥорор-суруйар эрэдээксийэ үлэтин быһаччы салайбыта, тус бэйэтин сыаналаммат кылаатын киллэрбитэ.
“Михаил Прокопьевич судаарыстыбаннай үлэҕэ улахан уопутугар, тэрийэр талааныгар, норуокка эҥкилэ суох сулууспалааһыныгар тирэҕирэн 1989-2005 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыргыһыы толоонугар дьоруойдуу охтубут, сураҕа суох сүппүт уонна кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар эргиллибит Саха сирин буойуннарыгар, тыыл уһулуччулаах үлэһиттэригэр 9 туомнаах бэчээтинэй мемориал-пааматынньык оҥоһуллубута. Бу “Өйдөбүнньүк” (“Память”) кинигэҕэ 1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыт 62509 киһи аата киллэриллэн үйэтитилиннэ. Михаил Прокопьевич идэтинэн историк буолан, бу үлэбитигэр мөккүөрдээх, чуолкайа суох боппуруостары сөптөөхтүк, объективнайдык быһаарбыта. Онон кини аҕалар, холобурдуур, бигэргэтэр чахчыларын эрэдээксийэ чилиэннэрэ ылынарбыт. Ити эппиэттээх сорудаҕы толорорбутугар көмөлөөҕө, биир санааҕа түмэрэ”, – диэн ахтар “Өйдөбүнньүк” кинигэ эрэдээксийэтин чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыс Иван Васильевич Борисов.
Люлия Николаевна Григорьева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо:
– Михаил Прокопьевич Габышев өрөспүүбүлүкэтигэр, төрөөбүт оройуонугар сүҥкэн үтүөлээх салайааччы буолар. Мэҥэ Хаҥалас оройуона үс пятилетка түмүгүнэн үлэҕэ үрдүк ситиһиилэринэн Сойууска, өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да кыайыылаах тахсан, Кыһыл Знамяларынан наҕараадаламмыта. Мэҥэлэр хайа үрдүгэр буолбуппут. Михаил Прокопьевич баартыйа XXIV сийиэһигэр дэлэгээтинэн талыллыбыта. Оройуонугар, өрөспүүбүлүкэҕэ биир улахан билиилээх, күүстээх салайааччы буолара биллибитэ. Устунан Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан ананар. Эмиэ уоттаах-күүстээх үлэ саҕаланар, кини онуоха толору бэлэмнээх этэ.
Мэҥэ Хаҥалас оройуона каадырдары кытта үлэҕэ, кинилэри иитэн-такайан таһаарыыга өрөспүүбүлүкэҕэ инники кэккэҕэ буолара. Мин бу ахтыыбар Михаил Прокопьевич эдэр каадырдары кытта хайдах үлэлээбитин бэйэм холобурбар көрдөрөөрү гынабын. Оскуоланы бүтэрэн үрдүк үөрэххэ туттарсар санаалааҕым да, дьылҕам имнэммитэ быһыылаах,эдьиийбин кытта Үөһээ Бүлүүгэ барсыбытым. Онно бөдөҥсүйбүт сопхуоска хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн үлэлээн, хомуньуус баартыйа чилиэнэ буола үүнэн, 1969 сыллаахха Омскайдааҕы судаарыстыбаннай институту бэтэринээр быраас идэлээх бүтэрэн, дойдубар эргиллибитим. Идэбинэн саҥа үлэлээн эрдэхпинэ, райком бастакы сэкирэтээрэ М.П. Габышев ыҥыртаран ылан: “Эйигин хомсомуол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн туруораары гынабыт”, – диэн быһаччы эттэ. Мин саараҥнаан, аккаастанан көрдүм да, дьиэк биэрбэккэ, сарсыныгар буолбут пленумҥа сэкирэтээринэн талыллан хааллым.
Сыл буолан баран, аны баартыйа райкомун тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар сэкирэтээринэн таллылар. Эппиэтинэс улахан. Мин ситиһиилээхтик үлэлиирбэр райком бастакы сэкирэтээрдэрэ М.П. Габышев, И.Г. Тимофеев, райисполком бэрэссэдээтэллэрэ Р.Г. Васильев, М.Е. Попов көмөлөрө, өйөбүллэрэ улахана. Салгыы син тыыппалаах диэтэхтэрэ буолуо, 1973 сыллаахха Михаил Прокопьевич Москваҕа Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэнэ бараҕын диэтэ. Мин кэргэним ыараханнык ыалдьар, кыыһым кыра диэбиппэр: “Кэргэҥҥин кытта сүбэлэс”, – диэн буолла. Кэргэним Михаил Федорович: “Үөрэнэ бар, биһиги хайдах эмэ олоруохпут. Мин… суох буоллахпына оҕолоргун, икки эбэлэргин хайдах иитиэххиний?” – диэн ытаһыы буолла. Михаил Прокопьевичка кэпсээбиппэр: “Сүрдээх кэргэннээх эбиккин, мин буоллар ыытыам суоҕа этэ”, – диэн өрө тыыммыта.
Үөрэҕим кэнниттэн оройуоммар райком иккис сэкирэтээринэн, райисполком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн иһэн, аны Муоматааҕы баартыйа райкомун бастакы сэкирэтээринэн анаммытым. Кэргэним 1976 сыллаахха Орто дойдуттан бараахтаабыта. Муомаҕа үлэлии сылдьан Арассыыйа Федерациятыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтигэр Хотугу быыбардыыр уокуруктан дьокутаат буоллум. 1985 сыл кулун тутар 19 күнүнээҕи сессияҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн талылынным. Аны Москваҕа РФ Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата буолан барбытым кэннэ, РФ Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан таллылар. ССКП XXVII сийиэһин дэлэгээтэ буоллум.
Үрдүкү Сэбиэт Президиумун бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар талыллыбыппынан аан бастаан Михаил Прокопьевич үөрэн-көтөн эҕэрдэлээбитэ, ситиһиилэри баҕарбыта. Ити мин холобурбар көрөҕүт, аҕа табаарыстарым, биллиилээх бөдөҥ салайааччылар Михаил Прокопьевич Габышев, Иван Гаврильевич Тимофеев эдэр каадырдары үүннэриигэ хайдах истиҥник, кыһамньылаахтык үлэлээбиттэрин.
КЭРИЭС-ХОМУРУОС СЭҺЭРГЭЭҺИНИН КУРДУК ЫЛЫММЫТЫМ…
Михаил Прокопьевич дойдутун, норуотун төлөннөөх патриота этэ. Төрөөбүт Сахатын сирэ сайдыы саҥа саҕахтарын эрэллээхтик тэлэриттэн үөрэрэ, дьоно-сэргэтэ араас өрүттээх кыһалҕаҕа кыһарыйтардаҕына, харыстыыр, өйүүр, көмүскэһэр мөккүөрдээҕэ.
Сэмэн Андреевич Попов-Сэмэн Тумат, норуодунай суруйааччы:
– “Өйдөбүнньүк” (“Память”) уопсастыба үлэһиттэрин хосторугар, оччолорго “Чолбон” сурунаал үлэһитэ этим, сотору-сотору киирэн кэпсэтэн-ипсэтэн тахсарым. Онно Михаил Прокопьевич Габышев кырдьаҕаһы кытары олус тапсан сэһэргэһэрим. Биирдэ саха интэлигиэнсийэтин дьылҕатын таарыйыыбытыгар 1986 сыллааҕы айдааҥҥа сыһыаннаах биир түгэни кэпсээбитэ өйбөр-сүрэхпэр дириҥник иҥэн хаалбыт. Ол кэмҥэ Москваттан араас суол хамыыһыйалар кэлэннэр ыгыы-түүрүү бөҕө буолбуттарын оччотооҕу кэм дьоно өйдүүр буолуохтаахтар…
Михаил Прокопьевич үлэлиир кэбиниэтигэр Москваттан кэлбит КГБ икки полкуобунньуга норуодунай суруйааччыны Софрон Петрович Даниловы араастаан киирэн-тахсан, сахаларга национализм күөрэйиитин диэки иэҕиилээх ыйытыыларынан ыкпыттар. Софрон Петрович бу түбэлтэ көннөрү эдэр оҕолор охсуһуулара, ханнык даҕаны омугунан атааннаһыы буолбатаҕын, судургутук, көнөтүнэн даҕаны быһаарыллыахтаах боппуруоһу наһаа күөртээһин тахсыбытын дакаастаан норуотун көмүскэспит.
Ыйыталаһааччылар Софрон Петровиһы чаастан ордук кэм устата араастаан эрийбиттэр, онуоха кини эр хааннаахтык турууласпыт, иннин биэрбэтэх. Ону истэ, иһигэр Софрон Петровиһы көмүскэһэ саныы олорбут Михаил Прокопьевич:
– Убаастабыллаах табаарыстар, балайда уһуннук бэсиэдэлэстигит. Мин бырабыыталыстыба мунньаҕар барарым кэллэ… Софрон Петрович сөпкө этэр, наһаа күүркэтии таҕыста… Софрон Петрович, эн, миигин кытта барсаҕын”, – диэн киһитин иннигэр уктан илдьэ тахсыбыт. Саха икки ытык интэлигиэнэ ити курдук ол ыгыылаах күннэргэ эр хааннаахтык төрөөбүт норуоттарын көмүскэспиттэрэ.
Иван Ксенофонтов-Силиги.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…