Салгыы
Докучаевскай уокуругар култуура дьиэтин хапытаалынай өрөмүөнэ бүтэн эрэр

Докучаевскай уокуругар култуура дьиэтин хапытаалынай өрөмүөнэ бүтэн эрэр

Ааптар:
20.12.2024, 18:15
Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

ДНӨ Докучаевскай уокуругар Еленовка бөһүөлэгэр култуура дьиэтин хапытаалынай өрөмүөнэ бүтэн эрэр.  Манна Саха сириттэн тиийэн үлэлии сылдьаллар. 

Бу туһунан Саха сирин оробуочай бөлөҕүн бэрэстэбиитэлэ Максим Карбушев иһитиннэрдэ.

«Түмүктүүр түһүмэххэ 900 кв.м. иэннээх сир оҥоһулла сылдьар. Култуура дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ бүттэ, ититиитэ холбонно, истиэнэ кырааскаланар. Бу сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри эбийиэккэ үлэ түмүктэнэн туттарыллыа«, — диир кини.

Еленовка култууратын дьиэтэ 2022 сыллаахха ВСУ ытыалааһыныгар түннүктэрэ, кырыыһата, истиэнэтэ алдьаммыта.

Саха сириттэн тиийбит исписэлиистэр дьиэни саҥалыы уларытан оҥордулар, былаастык түннүктэри туруордулар. Сыбаҕын, иһин-таһын бүүс-бүтүннүү оҥороллор.

Соторутааҕыта Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ ДНӨ култууратын миниистирин Михаил Желтяковы кытта Докучаевскай уокурукка култуура дьиэтин хааччыйыы боппуруостарын кэпсэппиттэрэ.

Санатан эттэххэ, Саха сирэ 2024 сыл тохсунньуттан ДНӨ Докучаевскай уокуругу чөлүгэр түһэрии үлэтин ыытар. Билиҥҥи туругунан 65 эбийиэккэ үлэлэр түмүктэнэн эрэллэр. Маны сэргэ, Докучаевскайга Саха сирин миэдиктэрэ үлэлииллэр, кинилэр сүүһүнэн пациеҥҥа көмөлөһөллөр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскалар: sakha.gov.ru ылылыннылар

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: