Докучаевскайга саха быраастара 350-тэн тахса эпэрээссийэни оҥорбуттар
ДНӨ Донецкай куоратыгар бу сыл кулун тутар 2 күнүттэн саха быраастарын биригээдэтэ үлэлиир.
«Быраастар приемнай отделениеҕа суһаллык ыарыһахтары консультациялыыллар, ыарыһахтары хирургия отделениетыгар көрөллөр. Докучаевскай куоракка саха быраастара үлэлэрин саҕалыахтарыттан 350-тэн тахса эпэрээссийэ ыытыллыбыт. Офтальмологтар 100-тэн тахса, травматолог уонна хирург – 250-тэн тахса эпэрээссийэни ыыттылар», — диэн атырдьах ыйын 26 күнүгэр Ддоруобуйа харыстабылын министиэристибэтин мэдииссиинэ көмөтүн тэрийии департаменын кылаабынай исписэлииһэ Анастасия Эверстова иһитиннэрдэ.
Кини иһитиннэриитинэн, билигин Докучаевскай куоракка хирург уонна анестезиолог-реаниматолог быраастар бааллар. Балаҕан ыйыгар эбии травматолог быраас көтөр. Ааспыт нэдиэлэҕэ 6 улахан уонна 19 кыра эпэрээсийэлэр ыытыллыбыттар. Саха быраастара нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥорууну таһынан мэлдьи көрсүһүүлэри, кэпсэтиилэри, бааһырбыт саха байыастарыгар мэдииссиинэ роталарынан, взводтарынан уонна чугас дэриэбинэлэринэн сылдьан консультациялары ыыталлар.
Санатан эттэххэ, байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан саха быраастара олохтоохторго мэдииссиинэ көмөтүн оҥорорго саҥа территорияларынан тиһигин быспакка сылдьаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: