Аҕа уонна эр-ойох буолууну туоһулуур докумуоннары суһаллык толоробут, көмөлөһөбүт.
Дьокуускай куорат гражданскай туругу сурукка киллэриигэ отделын сүрүн исписэлииһэ Айталина Кривогорницына Саха сириттэн, дойдуларыттан тиийэр көмө биһиги буойуннарбытыгар эбии күүһү уонна кыайыыга эрэли саҕыаҕар эрэнэр. Ол туһунан кини хаһыат ааҕааччыларыгар санаатын бу курдук үллэстэр:
— Арассыыйа олохтоохторо, ол иһигэр Сахабыт сирэ, биир сомоҕо буола түмсэн, дойдуга бэриниилээхтэрин көрдөрдүлэр.
Биһиги, ЗАГС уорганнарын үлэһиттэрэ, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах ыҥырыынан уонна бэйэ баҕатынан кыттан, ытык иэстэрин төлүү сылдьар дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл-тирэх буолабыт. Аҕа, эр-ойох буолууну туоһулуур докумуоннарын суһаллык толоруу өҥөлөрүн оҥоробут. СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн саахса управлениетын идэлээх сойууһун көҕүлээһинин өйөөммүт, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоммутугар малынан-салынан, үбүнэн көмө хомуйдубут.
Саха сириттэн, дойдуларыттан тиийэр көмө биһиги буойуннарбытыгар эбии күүһү саҕыаҕар эрэнэбит.
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…
Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…
Саха сиригэр полицейскайдар сокуоннайа суох эргиниигэ анаммыт 18 тыһ. тахса бытыылка маркировката суох арыгыны буллулар.…