Дьокуускай аэропордуттан саҥа рейстэр көтүөхтэрэ

Дьокуускай аэропордуттан саҥа рейстэр көтүөхтэрэ

Ааптар:
16.06.2023, 16:40
Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Дьокуускай аэропуордугар сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһатын өрөмүөнүн биир түһүмэҕэ бүттэ. Бэс ыйын 16 күнүттэн үлэлии турбут 1650 м балаһа 1800 м диэри уһаата, онон орто магистраллаах көтөр ааллар сырыылара саҕаланыаҕа. Ол туһунан вокзал пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Ол курдук, бэс ыйын 17 күнүттэн «Уральские авиалинии» АХ Airbus A320neo суудуната Екатеринбурга диэри нэдиэлэҕэ түөрт рейсэни оҥорор. «Якутия» АХ Сибиир уонна Уһук Илин куораттарыгар SSJ 100-нан көтүүлэри саҕалыыр. Маны сэргэ, Москваҕа Нижневартовскайынан уонна Санкт-Петербурга Екатеринбурынан көтүүлэр салҕаныахтара. Оттон Сочига уонна Минеральные Воды куоракка сөмөлүөттэр Москваҕа тохтоон ааһыахтара.

S7 авиахампаанньа күн аайы Новосибирскайга, Иркутскайга уонна нэдиэлэҕэ түөртэ Владивостокка Airbus A320neo уонна Embraer-170 LR сөмөлүөттэринэн сылдьар.

Дьокуускай – Харбин хайысханан «Якутия» АХ көтүүнү сөргүтэр былааннаах. Итиэннэ «КрасАвиа» АХ Красноярскайга көтөр буолуоҕа.

Бэлиэтииллэринэн, атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри Дьокуускай аэропуордун хаалбыт 1625 м оҥоһуллар. Өрөмүөн толору түмүктэниитэ алтынньы 1 күнүгэр былааннанар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: