СӨ бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников Дьокуускай аэропуордун көтөр-түһэрэр балаһатын өрөмүөннүүр үлэтин көрдө. Үлэ ыытыллар кэмигэр балаһа уһуна 1650 миэтэрэнэн кылгаабыта.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытыгар иһитиннэрбиттэринэн, көтөр балаһаттан аспаал бүрүөһүнүн көтүрэр үлэ түмүктэнэн, опалубка уонна армокаркаас туруоруллубут. Билигин манна монолиттаах бетону икки хос бүрүйэ сылдьаллар.
Бу миэрэлэр көмөлөрүнэн балаһа 1800 миэтэрэҕэ тиийэ уһуоҕа. Онон бэс ыйын 16 күнүттэн аэропуорт орто магистраллаах сөмөлүөттэри — Boeing 737-800, Superjet 100 уонна Airbus 320neo түһэрэр кыахтаныаҕа. Атыыга билиэт ахсаана эмиэ элбиэҕэ. Итиэннэ бу балаһаҕа ойуур баһаардарыгар наадалаах Бе-200 амфибия-сөмөлүөт эмиэ түһүөн сөп буолуоҕа.
Көтөр-түһэрэр балаһа өрөмүөнэ бу сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри буолара былааннанар. Балаһа уһуна — 3600 м.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Халыма» федеральнай айан суолугар суол быһылаана таҕыста. Сэтинньи 9 күнүгэр 12:50 чааска…
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биирдиилээн дьон, түмсүүлэр, тэрилтэлэр, үөрэх кыһалара «Барыта кыайыы туһугар!” диэн девизтээх түмсэн,…
Бүтэһик ыйдарга демографическай киирисис тиэмэтэ уопсастыбаҕа инники күөҥҥэ таҕыста. Манна ордук чайлдфри идеологиятын пропагандалааһын бобуллуутун,…
Күөх Боллох дьону-сэргэни көмүс хатырыктааҕынан үөрдэ-көтүтэ күндүлээн, кыһын устата аһатар. Сахаҕа олохпут сиэрэ, төрүт дьарыкпыт…
Бу ыйытыкка РФ Үлэҕэ министиэристибэтин исписэлиистэрэ хоруйдууллар. Үөрүүлээх түгэни былааннаабыт эдэр дьон сыбаайба иннинэ уоппуска…
Күһүн чугаһаан, от-мас саһаран эрэр. Ылдьааналаах Бөтүрүүс аҕыйах сүөһүлэрин бөрөөн, тиэргэҥҥэ хаайан туруораллар. Бөтүрүүс бүгүн…