Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан аҕыс паром үлэлиир
Ыам ыйын 27 күнүттэн Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан аҕыс паром үлэлиир.
Паромнар ахсаана сыыйа-баайа 14-кэ диэри эбиллиэҕэ диэн «Паромы Якутии» УК дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрэр.
«Билигин лииньийэҕэ аҕыс паром тахсан үлэлиир. Күн аайы ахсаана элбээн иһэр. Инникитин маршрутка барыта 14 суудуна тахсыаҕа. Бу кэмҥэ рейстэр икки ардыларыгар, быһа холоон, 30 мүнүүтэ буолар. Икки өттүттэн паромнар үлэлиир кэмэ сарсыарда 6:00 чаастан түүн 00:00 чааска диэри. Бары логистическай инфраструктурата үлэлииллэрэ: шлагбаумнар уонна светофордар», — диэн кэпсиир Николай Ефимов.
Санатан эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Сыанаҕа кэмитиэтэ Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыытын саҥа тарыыбын бигэргэппитэ.
Былырыын тарыып кыра ыйааһыннаах массыыналарга эрэ үрдээбит буоллаҕына, быйыл ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйэр тырааныспардарга эмиэ үрдээбитэ. Саҥа тарыып туһунан манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: