Хаартыска: СИА
Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан өрүс суолунан сырыы 30 туоннаҕа диэри уйуктаах тырааныспардарга намтаата, оттон муус устар 10 күнүттэн — 20 туоннаҕа диэри.
Халлаан туругуттан көрөн, өрүс үрдүнэн кыһыҥҥы айан-сырыыны муус устар 15-17 күннэригэр тохтотулларын былаанныыллар. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Семен Коркин «Якутия 24» ханаалга «Актуальное интервью» биэриигэ иһитиннэрдэ.
«Халлаан сылыйан, ириэрии бөҕө буолла. Бүгүҥҥү туругунан Дьокуускай — Аллараа Бэстээх айан-сырыыга хааччахтар олохтоннулар. Онон тырааныспар сырыытыгар балаһыанньаттан көрөн, сөптөөх быһаарыы ылыныахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан сырыы кыраапык быһыытынан баран иһэр. Өрүс суолунан сырыы 30 туоннаҕа диэри диэри уйуктаах тырааныспардарга намтаата, оттон муус устар 10 күнүттэн — 20 туоннаҕа диэри», — диэтэ Семен Коркин.
Онуоха кини Хатас-Павловскай хайысханан кыраапык уларыйбытын туһунан бэлиэтээтэ, онон 10-с чыыһылаҕа өрүс суолунан сырыы 10 туоннаҕа диэри уйуктаах тырааныспардарга намтыаҕа.
«Билиҥҥитэ Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы хааччахаҕа суох. Халлаан туругун салгыы кэтээн көрөбүт. Бэдэрээтчит күннэтэ дааннайдары саҥардар, суһаллык быһаарыы ылынар туһугар үлэлиир. Дьиҥэр, эрдэтинэ суолу муус устар 3 күнүттэн тохтотор былааннаммыта», — диэн Семен Коркин чопчулаата.
Санатан эттэххэ, күн-дьыл туруга мөлтөөбүтүнэн уонна халтараанынан сибээстээн Саха сирин оройуоннарыгар оптуобус рейстэрэ муус устар 3 күнүгэр, ону тэҥэ муус устар 4 күнүгэр тохтотуллубута.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Олохтоох салайыныыны сайыннарыы Бүтүн Арассыыйатааҕы Ассоциациятын (ВАРМСУ) VIII сийиэһигэр Үрдүкү…
Дьокуускайга ахсынньы 21 күнүгэр диэри ГАИ патруллара күүһүрдүллүбүт эрэсиимнээх үлэҕэ көстүлэр. Сүрүн төрүөтэ – 11…
Михаил Варламов саха профессиональнай боксатын устуоруйатыгар аан бастаан Азия чөмпүйүөнүнэн буолла. Саха күрэсчитэ уон раундтаах…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 8 күнүгэр,…
Госдууума дьокутааттара страховой биэнсийэҕэ сыл аайы эбии төлөбүрү олохтуур туһунан этии киллэрдилэр. Уларытыылары "Страховой биэнсийэлэр…
Бүгүн, ахсынньы 8 күнүгэр, Дьокуускай куоракка былааннаммыт суһал өрөмүөн үлэлэрэ ыытыллалларынан, сорох аадырыстарга быстах кэмҥэ…