Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьан саҕалыахтара. Бу туһунан «Саха сирин паромнара» хампаанньа дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрэр.
«Паромнар ыам ыйын 23-25 күннэриттэн сылдьан саҕалыахтара диэн эрдэ иһитиннэрбиппит. Билигин Өлүөнэ өрүс уҥа биэрэгэр Аллараа Бэстээх диэки муус баар. Өлүөхүмэ диэки уонна атын өрүстэргэ муус хаайтарыыта уу суудуналара сылдьалларыгар кутталы үөскэтэр. Бу нэдиэлэҕэ өрүскэ ыйынньыктары туруорар флот тахсыаҕа. Причаллары оҥорууга үлэ барыахтаах. Оттон паромщиктар үлэлииргэ бэлэмнэр», — диир Николай Ефимов.
Элбэх оҕолоох ыал туругун үрдэтэргэ усулуобуйа тэрийэр инниттэн, судаарыстыбаннай аккредитациялаах идэҕэ бэлэмниир үөрэх кыһатыгар күнүскү…
Саха сирэ бүгүн Олоҥхо күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир. Онон сиэттэрэн эбээн норуотун талааннаах уолун, Дмитрий…
Горнай улууһунааҕы 16-с №-дээх Баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа отделын үлэһиттэрэ Бэрдьигэстээх орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр аһаҕас…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгэр байыаннай дьайыыга сылдьыбыт “Хорсунун иһин” уордьан кавалера Максим Готовцев…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллар чэрчилэринэн 1987 төрөппүт оҕо уһуйаанын иһин төлөбүртэн босхолонно.…
Уус Алдан улууһун Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр сэтинньи 23 күнүгэр "Байанай" күнүгэр анаан булчут уолаттар көҕүлээһиннэринэн быыстапкалаах,…