«Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан сылдьар паром ахсаанын элбэтиэхтэрэ
06.06.2023, 20:42
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:
«Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысханан сылдьар паром ахсаанын элбэтиэхтэрэ. Сотору кэминэн өрүс суолунан 14 паром айанныаҕа. Бу туһунан СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.
«Билигин «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан 12 паром сылдьар. Сотору кэминэн 14 паром айанныыр буолуоҕа», — диэн миниистир эттэ.
Кини иһитиннэрбитинэн, паромнар үлэ күнүгэр 2,5 тыһыынча кэриҥэ массыынаны таһаллар, оттон өрөбүллэргэ — 3,8 тыһыынча массыынаны.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: