«Ленатурфлот» ХЭУо «Валдай 45» теплохода Дьокуускай – Аллараа Бэстээх – Дьокуускай хайысханан бэс ыйын ортотуттан сылдьыаҕа.
Бу туһунан СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин кытта сүбэ мунньахха иһитиннэрдэ. Биэдэмистибэ салайааччыта этэринэн, билигин бу маршрутунан пассажирдары таһыыга түргэн тэтимнээх 20 катердар сылдьаллар. Ону сэргэ бэс ыйын 1 күнүттэн «Железные дороги Якутии» АХ пассажирдарын таһыыга «Рукавишников» теплоход айанныыр.
«Дьокуускай – Аллараа Бэстээх – Дьокуускай хайысханан эбии бэс ыйын ортотуттан 45 миэстэлээх «Валдай 45» теплоход дьону таһара былааннанар. Ону сэргэ «Ленатранс» ХЭУо «Московский 11» теплоходу бэлэмнээһин түмүктэнэн эрэр»,– диэтэ миниистир.
Владимир Сивцев паромнар бу хайысханан ыам ыйын 24 күнүттэн үлэлэрин саҕалаабыттарын эттэ. Бастаан утаа маршрутка 6 паром тахсыбыта, оттон билигин ахсаана 12-гэ диэри үрдээтэ. «9 паром «Паромы Якутии» холбоһуктан, 3 паром таһаҕаһы таһыыга Амур-Саха магистралын тутааччыларын Ассоциацияларыттан үлэлииллэр. Паромнар сарсыарда 4:30 чаастан түүн 00:00 чааска диэри сылдьаллар», — диэн миниистир иһитиннэрдэ. Миниистир сотору кэминэн маршрутка «Паромы Якутии» холбоһук өссө эбии 2 парому таһаарарын туһунан эттэ. Даркылаахха билигин 200-чэкэ тырааныспары, онтон Аллараа Бэстээххэ 180 тырааныспары мунньар накопителлэр тэриллибиттэрэ. Бэс ыйын ортотуттан тырааныспар уонна пассажирдар төлөбүрдэрин хомуйууга «Платежи» АУо онлайн төлөбүр хомуйуутун киллэриэҕэ.
Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан сылдьар паромнары кэтээн көрүүгэ paromonline.sakha.gov.ru саайт уонна «Паром Якутии» мобильнай сыһыарыы үлэлииллэр. Биэтэккэ 16 камера туруорулунна.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…